📥📑Мэҥэ Хаҥаласка учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэттэрин үөрэттилэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар буолаары турар быыбардарга анаан учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэригэр үөрэтэр семинары тэрийдилэр. Территориятааҕы быыбардыыр хамыыһыйа 2030 сылга диэри саҥа сатаабынан талыллан үлэтин от ыйыттан саҕалаабыта. Улууска уопсайа 34 учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаҕа 229 чилиэн үлэлиир. Семинарга УИК-тар бэрэссэдээтэллэригэр уонна сэкирэтээрдэригэр докумуоннары хайдах толорууттан саҕалаан, үлэ хаамыытын ымпыгын барытын үөрэтэн, көрдөрөн билиһиннэрдилэр. Быйылгы быыбар сүрүн уратыларын кэпсээн сырдаттылар. Мэҥэ Хаҥалас улууһа Саха сирин биир киин улууһа буоларынан быыбардааччытын ахсаана сыллата элбии турар. Ол курдук, бу сыл от ыйын маҥнайгы күнүнээҕи отчуотунан быыбардааччы ахсаана 25 тыһыынча 322 киһиэхэ тэҥнэһэр диэн Теериториятааҕы быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Ирина Назарова иһитиннэрдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 8 Sep 2026, 03:26 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 753 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.