Айсен Николаев Бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан дьаһалтатын мунньаҕын ыытта Айсен Николаев Бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан дьаһалтатын, итиэннэ Бырабыыталыстыба салалтатын кытта былаанныыр мунньаҕы ыытта. Илиҥҥи экономическай форум түмүктэрин таһаардылар. Саха сирэ 180 млрд солк-тан тахса суумалаах 27 сөбүлэҥи түһэристэ. Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин уонна Арктика сиригэр-уотугар 2027 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биир тэҥ преференциальнай эрэһиими киллэриини өйөөтө.Саха сиригэр оттук сезона саҕаланна. Хочуолунайдар, итиини хааччыйар тэрилтэлэр туруктаах үлэлэрин, ону тэҥэ тыын суолталаах таһаҕастары тохтоло суох тиэрдиини хааччыйары соруйдулар. Тырааныспар инфраструктуратын сайыннарыы үлэтэ салҕанар. Федеральнай былааҥҥа Байкал-Амурдааҕы магистраль учаастактарын сайыннарыы, Зырянка аэропордун тутуу уонна 48 км тахса уһуннаах «Колыма» айан суолун учаастагын саҥардыы киирдилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube