НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. edited

    🌴 Что объединяет мамонтов, банановые кусты и бриллианты? Павильон Якутии на Улице Дальнего Востока! Здесь скелет древнего животного возрастом 40 тысяч лет соседствует с живыми саженцами папайи и бананов, которые научились выращивать в зоне вечной мерзлоты. Экспонаты дополняет подробный рассказ о природных богатствах и инвестиционных возможностях региона. А в отдельном пространстве представлены сувениры и ювелирные изделия из местных драгметаллов и камней. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. edited

    Нам оройуонугар саҥа ойуур баһаара көстүбүт Баһаары төгүрүйбүттэр, үлэҕэ 28 киһи кыттыбыт. Ааспыт суукка иһигэр Саха сиригэр барыта алта тыһыынча сэттэ сүүс гектартан тахса иэннээх тоҕус ойуур баһаарын төгүрүйдүлэр. Суукка саҕаланыытыгар балтараа мөлүйүөнтэн тахса иэннээх 44 ойуур баһаар баара биллэр. Мантан тоҕуһугар умуруоруу үлэтэ салҕанар. Үлэҕэ барыта 721 киһи уонна 62 тиэхиньикэ үлэлиир. Салгынынан мониторин 19 лесничествоҕа 15 салгын суудунатын туһанан ыытыллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. Саҥа үөрэх дьылыгар оҕо адаптацияны хайдах ааһыахтааҕый? Уйулҕаһыт Октябрина Рыкунова сүбэтин истиҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. Дьокуускайдааҕы педагогика коллеһа "Профессионалитет" диэн федеральнай барылга кыттан, былырыын тоҕус үөрэнэр түһүлгэ оҥоһуллубута уонна сүрүн үөрэнэр корпус өрөмүөннэммитэ. Оттон быйыл устудьуоннар уопсай дьиэлэрин саҥартылар. Улахан хапытаалынай өрөмүөн хайдах оҥоһуллубутун кэлэр сюжекка сиһилии көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. 🚩Сунтаарга байыаннай оскуола кыһыл знамята кэллэ Балаҕан ыйын 3 күнэ - Россияҕа уонна аан дойдуга милитаристкай Японияны Кыайыы күнэ. Бу күн сунтаардар Албан аат Болуоссатыгар Дьокуускайдааҕы байыаннай оскуола кыһыл знамятын көрүстүбүт. Саха сиригэр Дьокуускайдааҕы байыаннай оскуола тэриллибитэ быйыл 100 сыла, бу бэлиэ сылга үөрэх кыһатын Кыһыл Знамятын улуустан улууска тиэрдэн суолталаах эстафета тэрилиннэ. Кыайыы дьаралыгын кэлиитэ Японияны Кыайыы иһин күнүгэр сөп түбэспитэ улахан суолталаах. Тэрээһиҥҥэ улууспут бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Васильев, СВО кыттыылааҕа, патриотическай иитии үлэһитэ Владимир Ведерников, үөрэҕирии салайааччыта Борис Васильев кыттыыны ылан бу күн историятын, чахчыларын кэпсээтилэр. Оҕолор Кыайыыны уруйдуур болуоссакка кэлэн бу суолталаах күнү, Кыһыл Знамя онобулун биллилэр, история биир кэрчигин арыйдылар. Байыаннай оскуола Кыһыл знамята Сунтаарга күөрэйэн ыччаты дойдуһа буоларга ыҥырда, аны Мииринэйгэ турунна. Тускулаана Горохова-Кобельянова nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. 🌤ТУСКУЛ БИЛГЭТЭ Тарас Тарасов-Тускул балаҕан ыйын 5-12 күннэригэр Саха сиригэр хайдах күн-дьыл буоларын анаарыыта. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. ✍️Саха сирэ уонна холбоһуктаах суудналары тутар корпорация өрүс судостроениятын сайыннарыы туһунан стратегическай сөбүлэһии түһэристилэр nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. ☀️🙂✊🏼Саҥа күнүнэн, Үтүө сарсыарданан, Чэгиэн чэбдик буолуҥ, Үүнэр күн куруутун Үтүө санаа доҕордоох, Кэлэр кэм мэлдьитин Кэрэ ыра кэһиилээх буоллун. Истиҥ сыһыан кынаттаатын, Ыллыктаах санааҕыт ыпсан истин, Тобулбут толкуйгут туола турдун, Барыта этэҥҥэ буоллун nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 4 сентября (пт.) 06:00-Тиэргэн 12+ 06:30-Мы вам покажем 12+ 07:00-Саҥа күн 6+ 07:59-Выборы-2026 12+ 08:00-Утро Якутии 6+ 09:00-Саҥа күн 6+ 10:00-Утро Якутии 6+ 11:00-Репортаж 12+ 11:15-Году культуры и единства народов 12+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Тиэргэн 12+ 12:45-Саха сатаабата суох 6+ 13:15-Актуальное интервью 12+ 13:29-Выборы-2026 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Тэтим 6+ 15:00-Новости 12+ 15:15-Якутск сегодня 12+ 16:00-Выборы-2026 12+ 16:03-Полярная звезда 6+ 16:30-Выборы-2026 12+ 16:45-Дойдум дьоно 12+ 17:00-VI Всемирные игры кочевников. Национальная борьба хапсагай 12+ 21:00-Сонуннар 12+ 21:45-Сайыҥҥы 12+ 22:45-Аартык 12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Тиэргэн 12+ 00:15-Сайыҥҥы 12+ 01:15-Якутск сегодня 12+ 02:00-Новости 12+ 02:15-Тэтим 6+ 03:15-Эйгэ 6+ 04:15-Репортаж 12+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. edited

    🏥ВЭФ-2026: Владимир Путин Дьокуускайга онкокиин тутуутун бэлиэтээтэ XI Илиҥҥи экономическай форум пленарнай мунньаҕар Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин судаарыстыба биир тутаах соругунан куораттарга, тыа сиригэр дьоҥҥо-сэргэҕэ табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ аныгы социальнай инфраструктураны олоххо киллэрии буоларын бэлиэтээтэ. Маны таһынан бэрэсидьиэн Дьокуускайга аныгы онкологическай киин тутуутун бэлиэтээтэ. «Уһук Илин 22 куоратыгар, агломерациятыгар маастар-былааннар оҥоһулуннулар. Эбии 15 докумуон Арктика тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарыгар бэлэмнэннэ. Итинник былааннар куорат, сир-уот, экономика сайдыытыгар, үлэ миэстэтэ тахсыытыгар төһүү буолаллар. Маастар-былаан иитинэн Дьокуускайга аныгы онкокиин арыллыбыта, оттон Улан Удэҕэ - аныгы ядернай медицинэ киинэ. Ити куораттар, регионнар олохтоохторо билигин дьиэлэриттэн ыраах айаннаабакка эрэ эмтэнэр кыахтаннылар», – диэн Путин бэлиэтээтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. edited

    ✅ВЭФ-2026: Владимир Путин Дьокуускай Үлэ кыбаартала атын регионнарга үтүө холобур буоларын эттэ XI Илиҥҥи экономическай форум пленарнай мунньаҕар Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥэ креативнай индустрия сайдыыта улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ уонна холобурга Дьокуускай Үлэ кыбаарталын ыйда. «Өскөтүн култууранан уонна креативнай индустриянан дьарыктаммат буоллахха дьоҥҥо-сэргэҕэ тупсаҕай эйгэни кыайан тэрийбэккин. Онон эһиги оҥорор дьыалаҕыт олус сөптөөҕүн бэлиэтии көрөбүн», - диэтэ кини. Россия бэрэсидьиэнэ Дьокуускайга Үлэ кыбаартала үлэлиирин бэлиэтээтэ. Маннык кластердар атын да регионнарга арыллыахтара. «Уһук Илиҥҥэ креативнай индустрия сайдыытын өйүүргэ экосистема оҥоһуллуоҕа», – диэн Владимир Путин иһитиннэрдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. repost
    +4

    Сегодняшний день с самого утра был наполнен встречами, разговорами и искренним человеческим общением. ✔️ Начали день в селе Майя со встречи с коллективом ветеринарии. Коллеги постепенно выходят из отпусков, возвращаются к привычному рабочему ритму. Очень дружный, сплочённый коллектив, который полностью поддерживает нашу партию. Получилась по-настоящему добрая и душевная встреча. ✔️ Затем встретились с коллективами «Ростелекома», «Коммунтехсервиса», УПЦ, центром гигиены и эпидемиологии. И знаете, вопросы у людей во многом похожи. Всех волнует сегодняшняя ситуация в нашей республике и в стране в целом. Да, каждый день мы сталкиваемся с огромным потоком негативной информации в социальных сетях и различных чатах. Но особенно радует, что люди всё равно видят и замечают хорошее. Видят, что меняется вокруг, что делается сегодня в стране, в республике, в нашем районе. А сделано за последние годы действительно немало. ✔️ Сегодня также побывали в селе Ломтука, где встретились с жителями. Получился очень интересный и содержательный разговор. Здесь людей особенно волнуют вопросы сельского хозяйства, развития села, повседневные проблемы и перспективы. ✔️ А завершился наш день, пожалуй, одной из самых тёплых встреч — с лидерами территориальных образований, общественниками, активными жителями. У нас их называют «Түөлбэ». Последние летние дни, закат солнца, улица, обычная лавочка… Сидели рядом, смотрели друг другу в глаза и говорили обо всём — о жизни села, о людях, о проблемах и планах, о том, что волнует сегодня каждого из нас. Именно в такие моменты особенно понимаешь, насколько важны и нужны такие встречи. Они дают не только возможность услышать людей и обсудить важные вопросы. Благодаря им сам наполняешься теплом, узнаёшь много нового, начинаешь ещё лучше понимать, чем живут села и что действительно для них важно. Спасибо всем, кто сегодня нашёл время, пришёл на встречи, задавал вопросы, делился своим мнением и просто был рядом. Будем продолжать встречаться, разговаривать и вместе искать решения. Ведь только в открытом и честном диалоге рождается настоящее взаимопонимание. Мой канал в МАХ 📲

  13. repost

    Биллиилээх учуонай, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр, олус ытыктанар киһибит, социология наукатын доктора, психология наукатын кандидата, профессор, Россиятааҕы естественнэй наукаларга Академия академига, СӨ Ил Түмэнин I уонна II ыҥырыылаах мунньаҕын депутата Ульяна Алексеевна Винокурова 80 сааһыгар сылдьан, бу Орто дойдуттан барбытын курутуйа иһиттим... Ульяна Алексеевна хайа да түгэҥҥэ холку, төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин дьылҕатын туһугар ис сүрэҕиттэн туруулаһара, саныыр санаатын бар дьонугар сатаан тиэрдэр, мындыр өйдөөх, киэҥ көрүүлээх этэ. Саха телевидениетыгар уонна араадьыйатыгар элбэхтик ыалдьыттаан, биэриилэргэ кыттан, араас эйгэҕэ көрүүлэрин, тус санаатын, анаарыыларын аһаҕастык этэрэ-кэпсиирэ, үйэлээх этиилэрэ, билиитэ-көрүүтэ киэҥэ сөхтөрөрө. Кини сырдык олоҕо, олоххо сыһыана, дойдутугар таптала биһиэхэ барыбытыгар бастыҥ холобур буолар. «Саха» НКИК коллективын, Ил Түмэн депутаттарын уонна тус бэйэм ааппыттан дириҥ кутурҕаммын кини дьиэ-кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэттэригэр, чугас аймах-билэ дьонугар тиэрдэбин... Үтүө киһи аата үйэлэри уҥуордаан сирдьит сулус буола туруо диэн эрэнэбин... Мой канал в МАХ 📲

  14. 👍🏻Кировскайга оҕо уһуйаана күөх төлөнтөн сылытынар кыахтанна Бүгүн Горнай улууһугар сайдыыга хардыы бэлиэ күн буолла. Кировскай нэһилиэгин «Одуванчик» оҕо уһуйаана күөх төлөнтөн сылытынар кыахтаммытын бэлиэтиир, үөрүүлээх тэрээһин буолла. Санатан эттэххэ, икки сыллааҕыта туһааннаах эбийиэккэ, федеральнай бырайыак чэрчитинэн толору хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыта. Аны, саҥа үөрэх дьылын көрсө, күөх төлөн киирэн, сөптөөх усулуобуйа тэриллэн, олохтоотор санаалара өссө көтөҕүлүннэ. Үөрүүлээх тэрээһин Владивостокка ыытылла турар Уһук Илиҥҥи экономическай форум күннэригэр сөп түбэһэн, олохтоохтор үөрүүлээрин Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, регионнар салайааччылара, Ил Дархан Айсен Николаев куйаар ситимин нөҥүө үллэһиннилэр. Саҥа эбийиэк үлэҕэ киирэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ гаас үлэтин сүрүннүүр тэрилтэлэр «Магистраль», «Полюс Газ Монтаж», «Сахавелдинг» кылгас кэм иһигэр хаачыстыбалаахтык ыытан түмүктээтилэр. Бырайыагын «Сахатранснефтегаз» АУо эппиэтинэстээх үлэһиттэрэ оҥордулар. Урукку өттүгэр маннык котеллары Барнаултан аҕалар эбит буоллахтарына, билигин олохтоох тэрилтэ оҥорор буоллА. Хочуоллар туруктарын, үлэни ыппыт «Полюс Газ Монтаж» тэрилтэтэ биэс сыл устата көрүөҕэ. «Одуванчик» оҕо уһуйаан хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн эргэ объект лаппа тубуста. Аны туспа хочуоллананнар, дьиэлэрэ итиитин-тымныытын идэбилгэ эппиэтиир гына бэйэлэрэ хонтуруоллууллар. Тымныы тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр күөх төлөн киирбит сирдэригэр табыгастаах, куттала суох үлэлиир хочуоллары туруорарга биир сүрүн болҕомто ууруллар. Маннык үлэ өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанарыгар аан маҥнай Горнай улууһа буолбута, улахан эппиэтинэстээх. Уһун кыстык кэнниттэн хочуоллар хайдах үлэлииллэрин ымпыгын-чымпыгын үөрэтэн, көрө-истэн баран, атын улуустарга салайыллара былааннанар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. +5

    🤩👏🏻Улуус 95 сылынан - 95 үтүө дьыала! Горнай улууһун 95 сылынан нэһилиэнньэ көҕүлээһининэн күһүҥҥү көмүс күннэри сомсо 95 ҮТҮӨ ДЬЫАЛА көхтөөхтүк тэриллэр. Бу күннэргэ биирдиилээн дьоннор, тэрилтэлэр тахсан тупсарыы араас үлэтин ыытан холобур буолаллар, улууспут чэчирии сайдарыгар кылааттарын киллэрсэллэр. Бу күҥҥэ барыта 40-ча үтүө дьыала хамсааһына барда. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. repost

    В новом выпуске рубрики «Наши люди» канала «Единая Россия. Официально» рассказал о своей самой яркой победе и о том, почему важно никогда не сдаваться ✔️

  17. 👏🏻Үтүө суолталаах тэрээһин Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттатааҕы социальнай-геронтологическай киин олохтоохторугар уонна нэһилиэнньэҕэ анаан биир дойдулаахтара, РФ үтүөлээх бырааһа, РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Үрдүкү категориялаах невролог быраас медицина национальнай киинигэр неврология уонна нейрогенетика салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир Людмила Оконешникова салайааччылаах үрдүкү квалификациялаах быраастар бөлөхтөрө кэлэн үлэлээтилэр. Киин олохтоохторун уонна олохтоох нэһилиэнньэни кардиолог-быраас, УЗИ-диагностика специалиһа сүрэх-тымыр ыарыыларын утары консультациялары уонна чинчийиилэри оҥордулар. Терапевт остеопат, ревматолог, офтальмолог быраастар көрдүлэр. Уопуттаах быраастар анал сырыынан кэлэн күүс-көмө буолбуттара, ордук кырдьаҕастар сытар кииннэригэр тиийэн доруобуйаларын туруктарын көрбүттэрэ кэрэхсэбиллээх. Онон Матта бөһүөлэгин олохтоохторун ааттарыттан махталларын биллэрэллэр. Мария Павлова nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. repost

    🤩Айгылаан: Интэриэһинэй уонна судургута суох дьыала эбит! «Ойуулук дьоруойун сахалыы саҥардарга тиэкис эрэ аахпаккын, элбэх саҥа аллайыы, соһуйуу, майгы-сигили араас көстүүтэ барыта баар. Маны барытын биир да тыла суох көрөөччүгэ тиэрдиэххэ наада, бу саамай уустук түгэнэ диэххэ сөп. Ойуулугу сахалыы саҥардыы олус интэриэһинэй эбит. Ол иһин ис сүрэхпиттэн сөбүлээн тураммын бу дьыаланан дьарыктана сылдьабын. Сахалыы саҥарар ойуулуктары көрүҥ, оҕолоргутугар көрдөрүҥ, үчүгэйгэ-кэрэҕэ оҕолоргутун угуйуҥ!»,-диэтэ кини. @tookufest

  19. Older posts