НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

👏🏻Үтүө суолталаах тэрээһин Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттатааҕы социальнай-геронтологическай киин олохтоохторугар уонна нэһилиэнньэҕэ анаан биир дойдулаахтара, РФ үтүөлээх бырааһа, РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Үрдүкү категориялаах невролог быраас медицина национальнай киинигэр неврология уонна нейрогенетика салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир Людмила Оконешникова салайааччылаах үрдүкү квалификациялаах быраастар бөлөхтөрө кэлэн үлэлээтилэр. Киин олохтоохторун уонна олохтоох нэһилиэнньэни кардиолог-быраас, УЗИ-диагностика специалиһа сүрэх-тымыр ыарыыларын утары консультациялары уонна чинчийиилэри оҥордулар. Терапевт остеопат, ревматолог, офтальмолог быраастар көрдүлэр. Уопуттаах быраастар анал сырыынан кэлэн күүс-көмө буолбуттара, ордук кырдьаҕастар сытар кииннэригэр тиийэн доруобуйаларын туруктарын көрбүттэрэ кэрэхсэбиллээх. Онон Матта бөһүөлэгин олохтоохторун ааттарыттан махталларын биллэрэллэр. Мария Павлова nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02004006008003 Sep 06:3210 Nov 22:067063 Sep 06:32: 0 views10 Nov 22:06: 706 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
3 Sep 2026, 06:320
10 Nov 2026, 22:06706

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.