НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

👍🏻Кировскайга оҕо уһуйаана күөх төлөнтөн сылытынар кыахтанна Бүгүн Горнай улууһугар сайдыыга хардыы бэлиэ күн буолла. Кировскай нэһилиэгин «Одуванчик» оҕо уһуйаана күөх төлөнтөн сылытынар кыахтаммытын бэлиэтиир, үөрүүлээх тэрээһин буолла. Санатан эттэххэ, икки сыллааҕыта туһааннаах эбийиэккэ, федеральнай бырайыак чэрчитинэн толору хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыта. Аны, саҥа үөрэх дьылын көрсө, күөх төлөн киирэн, сөптөөх усулуобуйа тэриллэн, олохтоотор санаалара өссө көтөҕүлүннэ. Үөрүүлээх тэрээһин Владивостокка ыытылла турар Уһук Илиҥҥи экономическай форум күннэригэр сөп түбэһэн, олохтоохтор үөрүүлээрин Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, регионнар салайааччылара, Ил Дархан Айсен Николаев куйаар ситимин нөҥүө үллэһиннилэр. Саҥа эбийиэк үлэҕэ киирэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ гаас үлэтин сүрүннүүр тэрилтэлэр «Магистраль», «Полюс Газ Монтаж», «Сахавелдинг» кылгас кэм иһигэр хаачыстыбалаахтык ыытан түмүктээтилэр. Бырайыагын «Сахатранснефтегаз» АУо эппиэтинэстээх үлэһиттэрэ оҥордулар. Урукку өттүгэр маннык котеллары Барнаултан аҕалар эбит буоллахтарына, билигин олохтоох тэрилтэ оҥорор буоллА. Хочуоллар туруктарын, үлэни ыппыт «Полюс Газ Монтаж» тэрилтэтэ биэс сыл устата көрүөҕэ. «Одуванчик» оҕо уһуйаан хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн эргэ объект лаппа тубуста. Аны туспа хочуоллананнар, дьиэлэрэ итиитин-тымныытын идэбилгэ эппиэтиир гына бэйэлэрэ хонтуруоллууллар. Тымныы тыйыс айылҕалаах Сахабыт сиригэр күөх төлөн киирбит сирдэригэр табыгастаах, куттала суох үлэлиир хочуоллары туруорарга биир сүрүн болҕомто ууруллар. Маннык үлэ өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанарыгар аан маҥнай Горнай улууһа буолбута, улахан эппиэтинэстээх. Уһун кыстык кэнниттэн хочуоллар хайдах үлэлииллэрин ымпыгын-чымпыгын үөрэтэн, көрө-истэн баран, атын улуустарга салайыллара былааннанар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K3 Sep 08:0610 Nov 22:067993 Sep 08:06: 0 views10 Nov 22:06: 799 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
3 Sep 2026, 08:060
10 Nov 2026, 22:06799

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.