НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
repost from ОЛЕГ МАРКОВ

Биллиилээх учуонай, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэр, олус ытыктанар киһибит, социология наукатын доктора, психология наукатын кандидата, профессор, Россиятааҕы естественнэй наукаларга Академия академига, СӨ Ил Түмэнин I уонна II ыҥырыылаах мунньаҕын депутата Ульяна Алексеевна Винокурова 80 сааһыгар сылдьан, бу Орто дойдуттан барбытын курутуйа иһиттим... Ульяна Алексеевна хайа да түгэҥҥэ холку, төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин дьылҕатын туһугар ис сүрэҕиттэн туруулаһара, саныыр санаатын бар дьонугар сатаан тиэрдэр, мындыр өйдөөх, киэҥ көрүүлээх этэ. Саха телевидениетыгар уонна араадьыйатыгар элбэхтик ыалдьыттаан, биэриилэргэ кыттан, араас эйгэҕэ көрүүлэрин, тус санаатын, анаарыыларын аһаҕастык этэрэ-кэпсиирэ, үйэлээх этиилэрэ, билиитэ-көрүүтэ киэҥэ сөхтөрөрө. Кини сырдык олоҕо, олоххо сыһыана, дойдутугар таптала биһиэхэ барыбытыгар бастыҥ холобур буолар. «Саха» НКИК коллективын, Ил Түмэн депутаттарын уонна тус бэйэм ааппыттан дириҥ кутурҕаммын кини дьиэ-кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэттэригэр, чугас аймах-билэ дьонугар тиэрдэбин... Үтүө киһи аата үйэлэри уҥуордаан сирдьит сулус буола туруо диэн эрэнэбин... Мой канал в МАХ 📲

Views over time

02505007503 Sep 10:2510 Nov 22:067933 Sep 10:25: 0 views10 Nov 22:06: 793 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
3 Sep 2026, 10:250
10 Nov 2026, 22:06793

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.