Арктика түөрт оройуона оттук сезонугар номнуо киирдэ Арктика түөрт оройуонугар оттук сезона саҕаланна. Аллайыаха улууһугар оттук кэмэ атырдьах ыйын 8 күнүттэн, Анаабырга — атырдьах ыйын 15 күнүттэн, Аллараа Халымаҕа — атырдьах ыйын 18 күнүттэн, Өлөөҥҥө — атырдьах ыйын 20 күнүттэн саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ атын оройуоннарын 2026/2027 сыллардааҕы оттук сезонугар бэлэмнээһини олохтоммут графигынан салгыы ыыталлар. Өрөбүллэргэ СӨ ОДьКХ уонна энергетика миниистирэ Вячеслав Емельянов Өлүөхүмэ улууһугар үлэтин сырыытын чэрчитинэн бырабыыталыстыба хамыыһыйатын оттук сезонугар бэлэмнэниигэ мунньаҕын ыытта. Мунньахха Алдан, Нүөрүҥгүрү, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Кыттыылаахтар эбийиэктэр коммунальнай инфраструктураларын Ростехнадзор киритиэрийдэринэн бэлэмнэрин уонна куттал тахсыах билиҥҥи таһымын көрдүлэр. Ураты болҕомтону уматыгы тиэйиигэ уурдулар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 24 Aug 2026, 08:28 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 868 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.