НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

Айсен Николаев Мииринэйгэ үлэлиир Ил Дархан Айсен Николаев Мииринэй оройуонугар үлэлиир. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ баһылыга 158 кыбартыыралаах куортам дьиэтин тутуутун хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Бу дьиэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыытынан, ДОМ.РФ кыттыылаах олоххо киллэриллэр табыгастаах куортам дьиэтин бырагырааматынан тутуллар. Дьон толору тэриллээх — миэбэллээх, бытовой тиэхиньикэлээх — кыбартыыралары ыйга 10-тан 19 тыһыынча солкуобайга диэри табыгастаах сыанаҕа ылыахтара диэн Ил Дархан бэйэтин социальнай ситимнэригэр суруйар. «Быйыл Саха сиригэр барыта 810 куортам кыбартыыратын киллэрэр былааннаахтар. Мииринэйгэ үлэ бара турар, наадалаах матырыйааллары аҕалбыттар. Ол гынан баран, сир ньуурун уратылара уонна тиэйии-таһыы уустуга бырайыагы ыараттылар. Маны кытта ситимнээх боппуруостары суһаллык быһаарарга, тутуу ирдэнэр тэтимин хааччыйарга уонна эбийиэги сыл бүтүөр диэри бүтэрэргэ сорудахтаатым», — диэн Айсен Николаев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K24 Aug 06:1010 Nov 22:0686324 Aug 06:10: 0 views10 Nov 22:06: 863 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
24 Aug 2026, 06:100
10 Nov 2026, 22:06863

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.