Саха сиригэр уон баһаары умуруораллар Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ньурба, Хаҥалас уонна Мииринэй оройуоннарыгар 155 244 гектар уопсай иэннээх 10 ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ салҕанар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Ойууру харыстааһын, араҥаччылааһын уонна чөлүгэр түһэрии департаменын салайааччыта Николай Никитин иһитиннэрдэ. Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи уонна Мииринэй оройуоннарыгар уопсайа 20 730 гектар иэннээх үс ойуур баһаарын төгүрүйдүлэр. Баһаардары умуруорууга элбэх күүс уонна сириэстибэ тардылынна. Ол курдук, 252 киһи, ол иһигэр ойуур баһаарынай этэрээттэрин 199 үлэһитэ, уонна 21 тиэхиньикэ үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта ойуур баһаардарын умуруорууга 562 киһи уонна 35 тиэхиньикэ кыттар. Суукка саҕаланыыта Саха сиригэр алта оройуоҥҥа — Үөһээ Бүлүүгэ, Кэбээйигэ, Мииринэйгэ, Ньурбаҕа, Хаҥаласка уонна Өлөөҥҥө — 60 ойуур баһаара турбута бэлиэтэнэр. Ыраах сытар уонна тиийэргэ уустук сирдэргэ хонтуруол зонатыгар 50 ойуур баһаара салгыы бара турар. Өрөспүүбүлүкэҕэ от ыйын 10 күнүгэр киллэриллибит ойуурга ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ үлэлии турар. Муниципалитет таһымнаах ойуурга ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ Мииринэй, Өлөөн, Ньурба уонна Кэбээйи улуустарыгар оннунан хаалар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.8%678 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 25 Aug 2026, 03:25 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 800 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.