НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 3.0%713 avg views
Posting 20.8/day last 21 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
  1. 🤫🔇Чуумпуну тутуһуу сокуон ирдэбилэ. Сунтаарга дьон сынньалаҥын алдьатар бэрээдэги кэһээччилэргэ туох миэрэ ылылларый? Биир күннээҕи айдаан туох содуллаах буолуон сөбүй? nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  2. +3

    ✉️Таатта оҕолоро Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 133 сылынан аккырыыкка оҥордулар Таатта улууһун Бастыҥнар хамсааһыннарын «Лидеры первых» актыыбын оскуолатыгар үс күннээх лааҕырга мустубуттара. Улуус бастыҥ, көхтөөх оҕолоро үс күн араас көрсүһүүлэргэ, сонун айар-тутар, билии-көрүү аартыгын арыйбыттара. Оҕолорго дьиэтээҕи сорудах быһыытынан Улуу биир дойдулаахтара Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 133 сылынан куйаар ситиминэн аккырыыкка оҥорон тарҕатарга сорудах ылбыттара. Бу сорудах Былатыан Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннас түмэлэ ыыппыт төгүрүк остуолугар бэриллибитэ. Улуус оҕолоро, чуолаан оҕо кииннэрэ куйаар ситиминэн ыраах Хара Алдантан, Баайаҕаттан, Уолбаттан, Харбалаахтан, Туора Күөлтэн, Дьохсоҕонтон, Ытык Күөл лицейиттэн ыыттылар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  3. repost

    ЧЭЭТИИН Оҕолор остуоруйа дьоруойдарынан оруоллары толорон, бэйэлэрэ оонньоон остуоруйа туруоралларын олус сөбүлүүллэр 🥰 Бүгүн "Мичээр" уһуйаан оҕолорун туруоруутугар "Эбириэн куурусса" остуоруйаны көрүҥ, сэргээҥ. Оҕолоргут дьиэлэригэр эбэтэр уһуйааҥҥа сылдьар кэмнэригэр маннык оонньотуҥ, сахалыы саҥарар, артыыстыыр дьоҕурдарын сайыннарыҥ😉 ✅ Уһулбут видеоларгытын, анимационнай үлэлэргитин биһиги электроннай аадырыспытыгар ыытан киэҥ араҥаҕа таһаарыҥ 📧 chokhoon@mail.ru күүтэбит🤗 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  4. 🎥🎞️Сэтинньи 19 күнүттэн «Омоон суоллар. Искупление» уус-уран киинэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар тахсыаҕа. Раиса оруолун толорооччу Анжела Кривошапкина киинэ уһуллубут кэмиттэн саамай өйдөөн хаалбыт түгэннэрин туһунан үллэһиннэ 📽️🎬 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. repost

    БИЛЛЭРИИ ✍🏻📖📚✍🏻 Саха поэзиятын кэрэхсиир айар куттаахтар!💫💫💫 Аныгы кэм поэттарын билиһиннэрэр уонна саҥа ааттары таһаарар саха тэлэбиидэнньэтин барыла 📺📺📺 «Хоһоон суһума» күөх экраҥҥа тахсыбыта номнуо 4-с сыла.👏👏👏 Онон, бу сырыыга кыттыан баҕалаах, 18 - 45 диэри саастаах эдэр хоһоонньуттарга анаан, үгэскэ кубулуйбут кэтэхтэн ыытыллар сүүмэрдээһини биллэрэбит. Кыттааччылар, күн күбэй ийэ❤️❤️❤️ туһунан биир хоһоону xohoonsuhuma@mail.ru э/п эбэтэр 89142963845 төлөпүөҥҥэ сэтинньи 30 күнүгэр диэри ыытаргытын күүтэбит. Тэрийэр бөлөх. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. 😃👋👍❄️⛄ Саҥа сарсыарданы санаа көтөҕүүлээх саҕалыахха. Кэлбит күн кэрэ кэпсээн кэһиилэннин, Үүммүт үтүө күн үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйдун, үөрүүбүтүн үксэттин. Ыстаал таас курдук кытаанах доруобуйалаах дьоллоохтук, уһуннук олоруохха. Дьуон Элэһин nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. Программа ТВ НВК "Саха" на 12 ноября (чт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдум дьоно 12+ 15:15-Полярная звезда 6+ 16:00-Актуальное интервью 12+ 15:45-Айыы кыһата-айар кыһа 12+ 16:00-Кэрэ кэпсээн 12+ 17:00-Тайм-аут 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Омоон суоллар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Олох үөһүгэр 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Ил Дарханныын кэпсэтии 12+ 22:00-Суол. Уһун айан суоппардарын күрэһэ 12+ 22:45-Дойдум дьоно 12+ 23:00-Итоги дня 12+ 23:30-Эйгэ 12+ 00:45-Олох үөһүгэр 12+ 02:00-Күбэйэ 6+ 03:00-Тайм-аут 12+ 04:00-Асчыттар 12+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. 🥩Идэһэ кэмэ буолан астыыр-үөллүүр тэрилтэлэргэ үлэ үгэнэ. Быйыл төһө эт соҕотуопкаланыахтааҕын туһунан сюжекка көрүҥ.📺 nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  9. 🫕🥗Тааттаҕа саламаат уонна үрүмэ дьоро киэһэтэ буолла. Саха аһын сөргүтээччи, тарҕатааччы Мария Бондарева 75 сааһын «Маарыйа алгыстаах түһүлгэтэ» диэн саха мааны аһын айхаллыыр дьоро күнүнэн бэлиэтээтэ.💐💐💐 nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  10. 💠Сунтаар «Ийэ тыл» түмсүүтэ ийэ тылы харыстыыр, салгыы саргылыыр сыаллаах nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  11. repost

    💠Сахаайа Ядреева, «Кустук» уһуйааҥҥа саха тылын уонна төрүт култууратын үөрэтэр педагог ««Тооку» ханаал оҕолор сахалыы саҥаралларыгар төһүү күүс буолар, саҥа билиини биэрэр. Салгыы баҕарыам этэ таһаарыылаах үлэни», - диэтэ кини. @tookufest

  12. 👺«Хайа манна хайыы сылдьаҕын?» «Омоон суоллар» сериалы НВК «Саха» мобильнай сыһыарыытыгар көрүөххэ сөп. НВК «Саха» сыһыарыытын App Store уонна Google Play маҕаһыыннартан хачайдаа: 📲App Store: https://apps.apple.com/ru/app/%D0%BD%D0%B2%D0%BA-%D1%81%D0%B0%D1%85%D0%B0/id6447428114 📲Google Play: https://play.google.com/store/apps/details?id=com.nvksakha&hl=ru Сэтинньи 19 күнүттэн «Омоон суоллар. Искупление» уус-уран киинэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар тахсыаҕа. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  13. ad repost

    🎬 «Омоон суоллар. Искупление» — билеты уже в продаже! 19 ноября на большие экраны выходит полнометражное продолжение самого рейтингового сериала Якутии от НВК «Саха». Оперативник Ньургун Васильев (Ньургун Черов) снова берется за дело — расследование убийства в лесной глуши поставит его перед выбором между буквой закона и человеческим состраданием. Режиссер — Радомир Томский. В ролях также Петр Садовников, Дьулуур Баланов, Екатерина Семенова, Айталыына Яковлева. Фильм — финалист «ТЭФИ-Регион» 2026. 🎟 Билеты уже доступны в кассах кинотеатров и онлайн. Реклама ГБУ РС(Я) «НВК «САХА»» erid 2VtzqxJQfCA

  14. 😱«Бу кимнээх өлөрбүттэрий?» «Омоон суоллар» сериалы НВК «Саха» мобильнай сыһыарыытыгар көрүөххэ сөп. НВК «Саха» сыһыарыытын App Store уонна Google Play маҕаһыыннартан хачайдаа: 📲App Store: https://apps.apple.com/ru/app/%D0%BD%D0%B2%D0%BA-%D1%81%D0%B0%D1%85%D0%B0/id6447428114 📲Google Play: https://play.google.com/store/apps/details?id=com.nvksakha&hl=ru Сэтинньи 19 күнүттэн «Омоон суоллар. Искупление» уус-уран киинэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар тахсыаҕа. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  15. Саха сиригэр норуот айымньытын уонна үгэстэрин көмүскүүр, сайыннарар сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Наше наследие» диэн күрэххэ Үөһээ Бүлүүттэн үс араас хайысхаҕа кытта бараары бэлэмнэнэ сылдьаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. 🎥🎞️Сэтинньи 19 күнүттэн «Омоон суоллар. Искупление» уус-уран киинэ өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар тахсыаҕа. Өндөө оруолун толорооччу Алексей Ходулов киинэни устуу хайдах ааспытын кылгас интервьюга кэпсээтэ📽️🎬 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. 😉Сунтаар 1 нүөмэрдээх оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Тома Петрова тумус туттар Климент Ивановы уруһуйдаан олус майгыннаппыт. Тускулаана. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  18. Саха сиригэр «Улахан этнографическай дьыктаан» түмүктэнэн эрэр Сэтинньи 12 күнүгэр дойду үрдүнэн сэтинньи 3 күнүттэн ыытыллыбыт XI «Улахан этнографическай дьыктаан» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы сырдатар аахсыйа түмүктэнэр. Аахсыйа дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Россия норуоттарын сомоҕолоһуутун сылыгар ананар. Саха сирэ бу бырайыакка кыттааччы ахсаанынан мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар. Хаартыска: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. +6

    👏Горнай улууһа федеральнай, регионнааҕы бырайыактарынан сайдар, тупсар Горнай улууһугар кэлиҥҥи сылларга дойду салалтатын кэскиллээх тосхолунан сайдыы биллэ тэтимирдэ. Тыа сирин олоҕун таһымын тупсарар сыаллаах араас социальнай суолталаах эбийиэктэр үлэҕэ киирдилэр, хапытаалынай өрөмүөнү бардылар. Улууска биир сүрүн суолталаах кииннэммит библиотечнай ситим уонна оҕо библиотеката билигин нэһилиэнньэ тоҕуоруһа мустар, үүнэр-сайдар киин миэстэтинэн буоллулар. Улуустааҕы кииннэммит библиотечнай ситим бары нэһилиэктэри хабан үлэни ыытар. Библиотека специалистара нэһилиэнньэ ааҕар таһымын үрдэтиигэ эрэ буолбакка гражданскай быраабы билиигэ, судаарыстыбаннай өҥөлөрү ылыыга, аныгы технологиялары, көмпүүтэри баһылыырга тирэх буолаллар. Горнайдааҕы Петр Аввакумов аатын сүгэр киин библиотека концепция суруйан, улахан күрэҕи ааһа 15 мөл солк кэриҥэ федеральнай үптэн, өрөспүүбүлүкэттэн 150 тыһыынча, улуустан 1 мөл 260 т өйөбүл көрүллэн аныгылыы дизайннаах улахан өрөмүөн үлэтэ ыытылынна. Ону таһынан анал миэбэл, тиэхиньикэ кэллэ, эбии 1300 тахса кинигэ пуонданы хаҥатта. Киин библиотека иһинэн «Ситим» сайдар киин төрөөбүт түөлбэлэрин инники сайдыытыгар туруулаһар, саҥа санаалары саҕар көхтөөх олохтоохтор санаа атастаһалларыгар туһулаан тэриллибитэ. Горнай улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ граннарга кыттыыга бары улуустартан хаһыс да сылын үрдүк көрдөрүүлээх. Уопсайа Горнайга араас федеральнай уонна регионнааҕы күрэстэртэн грант быһыытынан 100-тэн тахса мөлүйүөн солкуобай киирбит. Национальнай бырайыак чэрчитинэн Бэрдьигэстээххэ оҕо модельнай бибилиотеката ааспыт сылга бастыҥ үлэтинэн Бүтүн Россиятааҕы куонкурус кыайыылаахтарын ахсааныгар киирэн, «Дьиэ кэргэн» бэрэсидьиэн национальнай бырайыагын чэрчитинэн сайдыыга субсидия ылан саҥа технологиянан, тупсарыллыбыт дьиэҕэ оҕолору үөрдэр. Аныгы олох хаамыытынан тыа сиригэр библиотека диэн кинигэ эрэ уларсар сир буолбакка, дьон-сэргэ, оҕо-аймах мустар, саҥаны билэр уонна айар-тутар биир сүрүн интеллектуальнай киинэ буола сайынна. Бу курдук киэҥ далааһыннаах федеральнай бырагыраамалар олоххо киириилэрэ тыа сирин инники сайдыытын уонна кэскилин түстүүллэр. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

  20. Гуманитарнай чинчийии института көрдөрөрүнэн, кэнники сылларга төрөөбүт тылы үөрэтэр, ситмнээхтик саҥарарга кыһаллар дьон элбээн иһэр. Ил Түмэҥҥэ «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа үлэтин дьүүллэстилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  21. Older posts