НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 3.0%713 avg views
Posting 20.8/day last 53 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

👏Горнай улууһа федеральнай, регионнааҕы бырайыактарынан сайдар, тупсар Горнай улууһугар кэлиҥҥи сылларга дойду салалтатын кэскиллээх тосхолунан сайдыы биллэ тэтимирдэ. Тыа сирин олоҕун таһымын тупсарар сыаллаах араас социальнай суолталаах эбийиэктэр үлэҕэ киирдилэр, хапытаалынай өрөмүөнү бардылар. Улууска биир сүрүн суолталаах кииннэммит библиотечнай ситим уонна оҕо библиотеката билигин нэһилиэнньэ тоҕуоруһа мустар, үүнэр-сайдар киин миэстэтинэн буоллулар. Улуустааҕы кииннэммит библиотечнай ситим бары нэһилиэктэри хабан үлэни ыытар. Библиотека специалистара нэһилиэнньэ ааҕар таһымын үрдэтиигэ эрэ буолбакка гражданскай быраабы билиигэ, судаарыстыбаннай өҥөлөрү ылыыга, аныгы технологиялары, көмпүүтэри баһылыырга тирэх буолаллар. Горнайдааҕы Петр Аввакумов аатын сүгэр киин библиотека концепция суруйан, улахан күрэҕи ааһа 15 мөл солк кэриҥэ федеральнай үптэн, өрөспүүбүлүкэттэн 150 тыһыынча, улуустан 1 мөл 260 т өйөбүл көрүллэн аныгылыы дизайннаах улахан өрөмүөн үлэтэ ыытылынна. Ону таһынан анал миэбэл, тиэхиньикэ кэллэ, эбии 1300 тахса кинигэ пуонданы хаҥатта. Киин библиотека иһинэн «Ситим» сайдар киин төрөөбүт түөлбэлэрин инники сайдыытыгар туруулаһар, саҥа санаалары саҕар көхтөөх олохтоохтор санаа атастаһалларыгар туһулаан тэриллибитэ. Горнай улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ граннарга кыттыыга бары улуустартан хаһыс да сылын үрдүк көрдөрүүлээх. Уопсайа Горнайга араас федеральнай уонна регионнааҕы күрэстэртэн грант быһыытынан 100-тэн тахса мөлүйүөн солкуобай киирбит. Национальнай бырайыак чэрчитинэн Бэрдьигэстээххэ оҕо модельнай бибилиотеката ааспыт сылга бастыҥ үлэтинэн Бүтүн Россиятааҕы куонкурус кыайыылаахтарын ахсааныгар киирэн, «Дьиэ кэргэн» бэрэсидьиэн национальнай бырайыагын чэрчитинэн сайдыыга субсидия ылан саҥа технологиянан, тупсарыллыбыт дьиэҕэ оҕолору үөрдэр. Аныгы олох хаамыытынан тыа сиригэр библиотека диэн кинигэ эрэ уларсар сир буолбакка, дьон-сэргэ, оҕо-аймах мустар, саҥаны билэр уонна айар-тутар биир сүрүн интеллектуальнай киинэ буола сайынна. Бу курдук киэҥ далааһыннаах федеральнай бырагыраамалар олоххо киириилэрэ тыа сирин инники сайдыытын уонна кэскилин түстүүллэр. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

Views over time

020040011 Nov 08:1512 Nov 01:0843511 Nov 08:15: 0 views11 Nov 09:22: 140 views11 Nov 14:23: 332 views12 Nov 01:08: 435 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
11 Nov 2026, 08:150
11 Nov 2026, 09:22140
11 Nov 2026, 14:23332
12 Nov 2026, 01:08435

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.