✉️Таатта оҕолоро Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 133 сылынан аккырыыкка оҥордулар Таатта улууһун Бастыҥнар хамсааһыннарын «Лидеры первых» актыыбын оскуолатыгар үс күннээх лааҕырга мустубуттара. Улуус бастыҥ, көхтөөх оҕолоро үс күн араас көрсүһүүлэргэ, сонун айар-тутар, билии-көрүү аартыгын арыйбыттара. Оҕолорго дьиэтээҕи сорудах быһыытынан Улуу биир дойдулаахтара Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 133 сылынан куйаар ситиминэн аккырыыкка оҥорон тарҕатарга сорудах ылбыттара. Бу сорудах Былатыан Ойуунускай аатынан СӨ судаарыстыбаннас түмэлэ ыыппыт төгүрүк остуолугар бэриллибитэ. Улуус оҕолоро, чуолаан оҕо кииннэрэ куйаар ситиминэн ыраах Хара Алдантан, Баайаҕаттан, Уолбаттан, Харбалаахтан, Туора Күөлтэн, Дьохсоҕонтон, Ытык Күөл лицейиттэн ыыттылар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube