💫💥ТООКУ ФЕСТ БУОЛАРА 2 ХОНУК ХААЛЛА!🎪🎭 ⭐️Быйылгы Тооку фест сахалыы анимация бэстибээлигэр кырачаан көрөөччүлэри улахан цииркэ туруоруута күүтэр! Сөбүлүүр ойуулуктаргыт дьоруойдара цииркэ аренатыгар тахсыахтара! Ону тэҥэ кырачаан көрөөччүлэргэ анаан: 🎨 Айарга-тутарга үөрэтэр маастар-кылаастар 🎯 Көрдөөх оонньуулар 🎬 Сахалыы ойуулуктары көрдөрөр киинэ театра баар буолуохтара. 📅Буолар күнэ: алтынньы 17 күнэ ⏰Бириэмэтэ: 12:00, 16:00 чаастан @tookufest
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
repost -
🪖🇷🇺Александр Находкин: Россия Дьоруойа ааты сүгүү – үрдүк чиэс Бэҕэһээ дойду бэрэсидьиэнин ыйааҕынан СВО кэмигэр хорсун быһыыларын иһин Россия Дьоруойун аатын Александр Находкиҥҥа иҥэрбиттэрэ. Үрдүк судаарыстыбаннай наҕараадаҕа тиксибит СВО бэтэрээнэ Ил Дархан Айсен Николаевка, дьиэ кэргэнигэр махтанар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost
ХАРТЫЫНА оҕо хараҕынан 🦌 Бүгүн "Хартыына" рубрикаҕа Николай Курилов "Среди оленей" ойуута таҕыста🤩 🎙️ Марк Гоголев кэпсиир. Туундараҕа табалар ортолоругар баар курдук санан, бэйэҥ санааҕын кытта тэҥнээн көр😍 🏛️ Ойуу СӨ Национальнай художественнай түмэлиттэн ылылынна. 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
-
😃👋👍❄️ Сибиэһэй салгынынан толору тыынан Санаа көтөҕүүлээх саҥа сарсыардабыт саҕаламмытынан Таһаарыылаах буоллун күммүт Ситиһиэххэ-сиппэтэҕи толоруохха-туолбатах баҕа санаалары Үөрэн-көтөн астына дуоһуйа атаарыахха бүгүҥҥү күнү Чэгиэн буолуохха чэбдик сылдьыахха. Дьуон Элэһин nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
⚡️Бүгүн «Саха» НКИХ профилактика үлэтин ыытар «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа алтынньы 15 күнүгэр профилактика үлэтин ыытар. Түүн 00:00 чаастан күнүс 12:00 чааска диэри НВК «Саха», «Якутия 24», «Мамонт», «Тооку» ханааллар уонна «Тэтим» араадьыйа үлэлэрэ кылгас кэмҥэ тохтууллар. Эфирдэр 12:00 чаастан саҕаланыахтара. 📺Профилактика диэн телевидениеҕэ тугуй? Видеоны көрөн билиэххэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost «Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»💕 3 сиэрийэ Кыыдаана ма5аһыыңңа да үлэлии сатаата, рестораңңа да табыллыбата. Кырдьа5астар дьиэлэригэр санитарынан үлэ5э киирдэ...Аны туран Албан ноутбугар ал5ас уу то5он дьиэ көрөр,ас астыыр иэскэ тигистэ. Онон куоракка хаалар буолла ..😄 @sakha_serial_nvk @nvk_sakha
-
Программа ТВ НВК "Саха" на 15 октября (чт.) 06:00-Техническая профилактика 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдубут туһугар 12+ 15:45-Кэрэ кэпсээн 12+ 17:00-Тайм-аут 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Кыргыттар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Олох үөһүгэр 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Тапталы эрэйэр сүрэхтэр" телесериал 12+ 21:45-Күрэс 12+ 22:15-Дойдум дьоно 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Олох үөһүгэр 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тайм-аут 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Күрэс 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



Кремльга Саха ыалыгар наҕараада туттардылар Судаарыстыбаннай Кремль дыбарыаһыгар Россиятааҕы «Сыл бастыҥ ыала-2026» куонкурус кыайыылаахтарын чиэстээһин буолла. Бастыҥнар ортолоругар Горнай оройуонун Бэрдьигэстээх нэһилиэгиттэн үс оҕоллоох Васильевтар дьиэ кэргэн баар. Василий Андреевич, Александра Константиновна, оҕолорун кытта «Аҕа дойдуну көмүскээччи дьиэ кэргэнэ» түһүмэххэ кыайбыттара. Дьиэ кэргэн алтынньы 11 күнүттэн Москва куоракка сылдьар. Тэрийээччилэр куонкурус кыттыылаахтарыгар интэриэһинэй култуурунай бырагыраама бэлэмнээбиттэр. Биир дойдулаахтарбытын үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит. Дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну баҕарабыт. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
👏🏻Горнайга олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама куоластааһына ыытылынна Тыа сирин олоҕун тупсарыыта хас биирдии олохтоох санаатын учуоттаан уонна көҕүлээһиниттэн саҕаланар. Маныаха Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллар Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама (ППМИ) төһүү күүс буолар. Бу күннэргэ Горнай улууһугар тустаах бырагыраама куоластааһына тэрилиннэ. Горнай улууһугар олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама нөҥүө кэлиҥҥи уон сыл устата уопсайа 90 бырайыак олоххо киирэн, 170 мөл. 700 тыһ. солк суумалаах үбүлээһин көрүллэн олох-дьаһах тупсарыытыгар туһуланна. Бэрдьигэстээххэ быйыл бу бырагыраама нөҥүө икки бырайыагынан өрөмүөн үлэтэ ыытылынна - Афанасий Парфенов аатынан спортивнай саала уонна Сынньалаҥ киинин киирии аартыга. Ону таһынан, спортивнай «Сүүрүк» улахан тэрээһини ыытарга үбүлээһин барда. Быйылгы куоластааһыҥҥа хас биирдии улуус нэһилиэгэ олохтоохторун түмэн, ханнык хайысхаларга болҕомто ууруллуон наадатын учуоттаан, бу бырайыактары олоххо киллэрэргэ үлэлэһэн сайаапканы киллэрдэ. Уопсайа 16 сайаапка киирбититтэн, 11 бырайыак талыллан куоластааһыны ааста. Уопсайа улуус үрдүнэн тыһыынча кэриҥэ киһи кыттыыны ылла. Бэрдьигэстээх нэһилиэгин олохтоохторо «Өрөгөй» сквергэ уу сүүрэр ханаабатын оҥорууга, 5 уулусса өрөмүөнүгэр, 11 уулусса уотун тартарыыга, ону тэҥэ Маҕарас агро хайысхалаах оскуолатыгар анал былаһаакка, Кировскай оскуолатын тэлгэһэтин тупсарыыга куоластаатылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



-
Александр Находкиҥҥа СВО кэмигэр хорсун быһыыларын иһин Россия Дьоруойун аатын иҥэрдилэр! Дойду үрдүкү судаарыстыбаннай наҕараадатын бүгүн Александр Егорович Находкиҥҥа туттардылар! Өссө 2014 сыллаахха Александр Егорович баҕа өттүнэн Донбасска барбыта. Анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр Артемовскай иһин кыргыспыта, ротаны уонна батальону салайбыта, разведка начальнигынан сулууспалаабыта. Төһө да бааһырбытын, контузияламмытын иһин бойобуой соруктары салгыы толорбута. «Вагнер» ЧВК-ҕа сулууспалаабытын кэннэ Россия Көмүскэлин министиэристибэтин анал подразделениетыгар бойобуой суолун салҕаабыта. Үс «Эр санаа» уордьанынан уонна үс «Хорсунун иһин»мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Сиһилии Хаартыска: СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
«Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»саҥа сериалы куоттарыма!😍👏🏼 «Саха» НКИХ ханаалыгар бүгүн, алтынньы 14 күнүгэр, 21:00 чаастан саҥа сериалы көрөргүн умнума!🫶🏼 Сценарист-Сайаана Эверстова, режиссер-Ярослав Касьянов. Тапталы эрэйэр сүрэхтэр Эрэли сүтэрбэт эбиттэр... ♥️🤗 @sakha_serial_nvk @nvk_sakha
-
repost 🤩СӨ судаарыстыбаннай цикрэтин режиссера Фекла Попова-Колесова «Тооку» ханаалы кытта бу иккис бырайыак буоларын туһунан санаатын үллэһиннэ. 📅Буолар күнэ: алтынньы 17-тэ ⏰Бириэмэтэ: 12:00, 16:00 чаастан @tookufest
-
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин «Айыына» вокальнай ансаамбыл төрүттэммитэ 35 сылыгар аналлаах дьоро киэһэлэр үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268841?list=62c706c570a3f5f262
-
Дойдуга 10–11 кылаастарга үөрэх таһынан дьарык муҥутуур кээмэйэ кыччаата 10–11 кылаастар үөрэнээччилэригэр үөрэх таһынан дьарык муҥутуур кээмэйэ икки сыл үөрэнэргэ 700 чаастан 680 чааска диэри кыччаата. Бу туһунан орто уопсай үөрэхтээһин федеральнай бырагырааматын саҥардыы бырайыагар этиллэр диэн ТАСС иһитиннэрэр. Докумуонунан, үөрэх таһынан дьарык былаана үөрэнээччи орто уопсай үөрэҕи ыларыгар дьарык хайысхаларын састаабын уонна тутулун, тэрийии көрүҥнэрин уонна кээмэйин быһаарар. Былааны тэрилтэ бэйэтэ оҥорон таһаарар. Бу иннинэ үлэлээбит стандарт 700 чаас муҥутуур кээмэйи көрөр этэ. Орто уопсай үөрэхтээһин саҥа ФГОС-а (федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх стандарта) 2027 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр. Хаартыска: Мария Архипова/«Якутия 24» nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
❗️Үбүлүөйдээх спартакиада ханна ыытылларын куонкурус нөҥүө быһаарыахтара СӨ спорт министиэристибэтэ үбүлүөйдээх 10-с Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньуулара ханна ыытылларын быһаарарга куонкурус биллэрдэ. Сайаапканы бу сыл алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 16 күнүгэр диэри туталлар. 9-с Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньуулара 2027 сылга от ыйын 7-12 күннэригэр Ньурба улууһугар ыытыллыаҕа. Куонкурус туһунан сиһилии СӨ спорт министиэристибэтин сайтыгар киирэн «Конкурсы» разделтан билсиҥ: https://minsport.sakha.gov.ru/Competition nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Үлэ бэтэрээннэригэр уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо судаарыстыба өттүттэн араас өйөбүл олохтонор. Уопсастыбаннай тырааныспарга босхо сылдьар кыах туһунан сиһилии сюжеттан билиҥ https://vkvideo.ru/video-211137588_456268840?list=f5bdfc60f9189513cb
-
1-кы нүөмэрдээх оскуола: 15 итэҕэстэн 14-дэ туоратыллыбыт Алтынньы 13 күнүгэр Ленин проспегар турар 1-кы нүөмэрдээх оскуола саҥа дьиэтигэр Дьокуускай куорат дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ куорат төрөппүттэрин сэбиэтин чилиэннэрин кытта көрүстүлэр. Мээр солбуйааччыта Ольга Яшина, үөрэх управлениетын салайааччыта Андрей Новоприезжай уонна үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Айан Иванов балаһыанньаны кэпсээтилэр уонна көрүүнү-истиини ыыттылар диэн «Эхо столицы» иһитиннэрэр. Хаартыска: Эхо столицы nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268836?list=d3e58118d5a31891b5
-
Нүөрүҥгүрүтээҕи ГРЭС-ка 2-с №-дээх энергоблок үлэлээтэ Нүөрүҥгүрүтээҕи ГРЭС-ка Саха сирин соҕуруу өттүгэр өрөмүөн чэрчитинэн 2-с №-дээх энергоблогу боруобалааһын быһыытынан үлэҕэ киллэрдилэр диэн Нүөрүҥгүрү оройуонун баһылыга Максим Терещенко иһитиннэрдэ. Ол курдук, билиҥҥи кэмҥэ үс энергоблоктан иккитэ — 2-с уонна 3-с №-дээхтэр — үлэлии тураллар. НГРЭС толору чөлүгэр түһэриигэ, ол иһигэр 1-кы №-дээх энергоблогу өрөмүөннээһиҥҥэ, үлэ бара турар. Санатан эттэххэ, бу өрөмүөн балаҕан ыйын 22 күнүгэр тахсыбыт умайыы кэнниттэн ыытыллар. 3-с №-дээх блок балаҕан ыйын 26 күнүгэр холбоммута. 1-кы №-дээх блок 2026 сыл бүтүөр диэри өрөмүөннэнэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
- Older posts