НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%697 avg views
Posting 21.8/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

👏🏻Горнайга олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама куоластааһына ыытылынна Тыа сирин олоҕун тупсарыыта хас биирдии олохтоох санаатын учуоттаан уонна көҕүлээһиниттэн саҕаланар. Маныаха Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллар Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама (ППМИ) төһүү күүс буолар. Бу күннэргэ Горнай улууһугар тустаах бырагыраама куоластааһына тэрилиннэ. Горнай улууһугар олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама нөҥүө кэлиҥҥи уон сыл устата уопсайа 90 бырайыак олоххо киирэн, 170 мөл. 700 тыһ. солк суумалаах үбүлээһин көрүллэн олох-дьаһах тупсарыытыгар туһуланна. Бэрдьигэстээххэ быйыл бу бырагыраама нөҥүө икки бырайыагынан өрөмүөн үлэтэ ыытылынна - Афанасий Парфенов аатынан спортивнай саала уонна Сынньалаҥ киинин киирии аартыга. Ону таһынан, спортивнай «Сүүрүк» улахан тэрээһини ыытарга үбүлээһин барда. Быйылгы куоластааһыҥҥа хас биирдии улуус нэһилиэгэ олохтоохторун түмэн, ханнык хайысхаларга болҕомто ууруллуон наадатын учуоттаан, бу бырайыактары олоххо киллэрэргэ үлэлэһэн сайаапканы киллэрдэ. Уопсайа 16 сайаапка киирбититтэн, 11 бырайыак талыллан куоластааһыны ааста. Уопсайа улуус үрдүнэн тыһыынча кэриҥэ киһи кыттыыны ылла. Бэрдьигэстээх нэһилиэгин олохтоохторо «Өрөгөй» сквергэ уу сүүрэр ханаабатын оҥорууга, 5 уулусса өрөмүөнүгэр, 11 уулусса уотун тартарыыга, ону тэҥэ Маҕарас агро хайысхалаах оскуолатыгар анал былаһаакка, Кировскай оскуолатын тэлгэһэтин тупсарыыга куоластаатылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02505007501K14 Oct 13:1010 Nov 22:0685614 Oct 13:10: 0 views10 Nov 22:06: 856 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
14 Oct 2026, 13:100
10 Nov 2026, 22:06856

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.