НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%697 avg views
Posting 21.8/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
  1. Дьокуускай куоракка биир хостоох кыбартыыраны ортотунан 40 тыһыынчаҕа куортамнаһыахха сөп. Чэпчэки сыанаҕа куортамнаһыан баҕалаахтартан сайаапкалары хомуйан эрэллэр. Сиһилии сюжекка көрүҥ https://vkvideo.ru/video-211137588_456268837?list=cd01505dddf8a33a27

  2. Саха сиригэр уматыгынан хааччыйыы тохтоло суох бара турар Дьокуускайдааҕы ньиэби харайар тэрилтэлэргэ улуустары уонна киин куораты уматыгынан хааччыйыы тохтоло суох бара турар. Аллараа Бэстээхтэн Дьокуускайга күн аайы анал паромунан 30-тан тахса бензовоз иһэр. Өрөспүүбүлүкэ хотугу улуустара уматыгынан толору хааччылыннылар. Ол эрээри аймалҕан тахсыбатын диэн бэнсиини кутууга быстах хааччахтааһыннар салгыы тутуһуллаллар. Билиҥҥи туругунан, Дьокуускай бары АЗС-тарыгар биир массыынаҕа 20 лиитэрэ эрэ кутуллар. Оттон «Саханефтегазсбыт» 51 №-дээх АЗС-гар 30 лиитэрэҕэ диэри бэнсиини куттарыахха сөп. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. «Чэгиэн»: доруобай тиис Кариес туохтан үөскүүрүн терапевт стоматолог Татьяна Горохова кэпсээтэ https://vkvideo.ru/video-211137588_456268834?list=99b5280baefd85696f

  4. «Чэгиэн»: мөлтөх харахтаахтарга туһалаах анал линза Оҕолор гаджеты аһара туһаналларыттан ачыкы кэтэр аакка тиийэллэр. Оттон ачыкыттан ураты өссө туох баарый? Сиһилии сюжекка көрүҥ https://vkvideo.ru/video-211137588_456268835?list=d4e00ae873213e3b42

  5. СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ паром сабыллар болдьоҕун иһитиннэрдэ СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ паромнар сырыыларын сабар барыллаан күннэрин иһитиннэрдэ. Болдьохтор гидрологическай быһыыны-майгыны уонна муус үөскээһинин тэтимин учуоттаан уларыйыахтарын сөп. Сырыы түмүктэниитэ навигация кэмин бүтүүтүн, күн-дьыл туругун уонна өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр муус үөскээһинин кытта сибээстээх. Хаартыска: Семен Аммосов/«Саха» НКИХ https://nvk-online.ru/s-tyraanysparga-ministieristibete-parom-sabyllar-boldo-un-i-itinnerde/ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. repost

    Бүгүн алтынньы 14 күнэ - Сахабыт сирин былааҕын күнэ! 🔵🔵🔵🔵🔵🔵🔵 🔵🔵🔵🔵🔵🔵🔵 🔵🔵🔵⚪️🔵🔵🔵 🔵🔵🔵🔵🔵🔵🔵 🔵🔵🔵🔵🔵🔵🔵 ⚪️⚪️⚪️⚪️⚪️⚪️⚪️ 🔴🔴🔴🔴🔴🔴🔴 🟢🟢🟢🟢🟢🟢🟢 Аламай маҥан күннээх, Күөх дуоҕа бэлиэлээх Айыы сирэ - Саха сирэ, Куруутун сайда тур! 🔹 Былаахпыт туһунан "СҮҮС СҮМЭ" чахчыга көр. 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  7. repost

    🤩👏🏻САҤА КҮҤҤЭ: ТООКУ ФЕСТ. САХА ЦИРКЭТЭ Бүгүн сарсыарда НВК «САХА» ханаалга «Саҥа күн» биэриигэ «Тооку» оҕо ханаалын редактора Сахаяна Жиркова уонна СӨ судаарыстыбаннай цикрэтин режиссера Фекла Попова-Колесова ыалдьыттаатылар. Кинилэр бу субуотаҕа СӨ судаарыстыбаннай цикрэтин аренатыгар буолар «ТООКУ ФЕСТ» бэстибээл туһунан кэпсээтилэр. @tookufest

  8. repost

    БОКУРУОП КҮНҮНЭН! ❄️ Бүгүн алтынньы 14 күнэ - бу күнтэн Сахабыт сиригэр кыһыммыт саҕаланар. Бүгүҥҥү күн туругунан дьылы билгэлээһин: ❄️Бу күн хаардаатаҕына, кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэр, ол эбэтэр сэтинньи 21 күнүгэр диэри. 💨Хотуттан тыалырдаҕына – тымныы кыһын, арҕааттан тыалырдаҕына сылаас кыһын буолар. 🌥Бокуруоп күн сылаас күн-дьыл турдаҕына тымныы түһэрэ хойутуур, тымныйдаҕына – тымныы эрдэлиир. Былыр Бокуруоптан Ньукуолуҥҥа диэри кыстыгы туоруур астарын, сүөһүлэрин отун бэлэмнээн хаһааналлара. 220 хонукка тиийэр гына суоттаналлара. Билигин да ол үгэс баар. Бу күнтэн булт-балык, эт ас дэлэйэр. 🥩🐟Идэһэ, муҥха кэмэ саҕаланар. Үтүө кыһын буоллун! 🙌 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  9. 🚦 «Якутскэнерго» биллэрбитинэн, Ленин проспега — Курашова уулусса учаастакка 09:00 чаастан 16:00 чааска диэри уот арахсар. Онтон сиэттэрэн, светофордар бу учаастакка үлэлээбэттэр. Суоппардары сэрэхтээх буоларга уонна айан хайысхатын эрдэттэн былаанныырга Дьокуускайдааҕы тырааныспар уонна суол-иис департамена ыҥырар. Хаартыска: оҥоһуу өй nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. 👏Намнар Россиятааҕы дроннар күрэхтэригэр ситиһиилэннилэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүүмэрдэммит хамаандата 200 мм уонна 330 мм кылаастаах дроннарга Россия күрэхтэһиитигэр 4 мэтээли ылары ситистэ. Эдэр пилоттар хамаанданан уонна тус күрэхтэһиигэ призердарынан буоллулар. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Нам 1 №-дээх оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ Катя Заболоцкая Саха сиригэр чаҕылхай кыайыыны аҕалла! Катя 330 мм кылаастаах дрону көтүтүүгэ тус зачекка үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситистэ. Саха сирин дроннар күрэхтэһиилэрин Федерацията иһитиннэрэринэн, бу Россия таһымнаах күрэхтэһиигэ өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын историятыгар бастакы үрүҥ көмүс мэтээлэ буолар. Маны сэргэ Катя Арктика оскуолатын бэрэстэбиитэлэ Уйгулана Антоеваны кытта эмиэ 330 мм кылаастаах дроннары көтүтүүгэ хамаанданан зачекка боруонса призерунан ааттанна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. 😃👋👍❄️ Саҕаланна санаа көтөҕүүлээх Сибиэһэй ыраас салгыннаах Сөрүүн сиккиэр тыаллаах Саргылаах саҥа сарсыардабыт саҕаламмытынан Күүстээх санаалаах ураты толкуйдаах Тупсаҕай туруктаах кэрэни кэрэхсиэххэ үтүөнү оҥоруохха Баҕа санаабыт туоллун үөрүүбүт үксээтин бүгүҥҥү күҥҥэ. Дьуон Элэһин nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. ⛴️ Паромнар сырыылара уонна Өлүөнэ өрүһүнэн дьону таһыы штатнай эрэһииминэн оҥоһуллар. ✈️ Дьокуускай аэропорда штатнай эрэһииминэн үлэлиир. Салгын суудуналары ылыы уонна таһаарыы ыытыллар. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. repost

    ЧЭЭТИИН Ырыа араастарын бил, матыыптарынан араара үөрэн ☝️ 🎶Саха төрүт матыыптарын, дэгэрэҥ ырыалары саха оҕото хоту ыллыыр, дуоһуйа истэр😍 Бүгүн хомус доҕуһуоллаах дэгэрэҥ ырыаны Сайнаара Батаакаба толорор. "Чээтиин" рубрикаҕа холбон, тэҥҥэ ыллас👏 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  14. Горнайга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри гаастааһын үлэтэ ыытыллар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. 🚨Сунтаар улууһугар баһаар куттала суох буолуутун хааччыйыыга туһуламмыт «Куттала суох гараж» профилактическай тэрээһин көхтөөхтүк барар. Баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ нэһилиэк иһинээҕи тэрилтэлэр гаражтарын уонна массыына туруорар боксаларын бэрэбиэркэлээтилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. 🪖Анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр араас улуустартан элбэх туһалаах маллар ыытылла тураллар. Үөһээ Бүлүүлэр эмиэ күннэтэ ким туох кыахтааҕынан көмө баһыылкалары хомуйа сылдьаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 14 октября (ср.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдум дьоно 12+ 15:15-Полярная звезда 6+ 15:45-Актуальное интервью 12+ 16:00-Из фонда ТВ 12+ 16:30-Хранители времени 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Кыргыттар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Сэмсэ санаа 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Тапталы эрэйэр сүрэхтэр" телесериал 12+ 21:45-Дойдубут туһугар 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Күбэйэ 12+ 00:00-Техническая профилактика Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. repost

    «Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»💕 2 сиэрийэ Албан ийэтигэр путёвка бэлэхтээтэ. Бэйэтэ кыыһын кытта романтикалыы олордо5уна оруобуна Кыыдаана кэллэ. Кыыһа өйдөөбөтө,уол да соһуйда. Ол эрээри Кыыдаана хонор сирин син булла ... @sakha_serial_nvk @nvk_sakha

  19. ❗️🐻Чурапчы Хатылытыгар тыатааҕыны көрбүттэр Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгиттэн чугас тыатааҕыны көрбүттэр. Бу нэһилиэк оройуон кииниттэн 7 км ыраах сытар. «Убаастабыллаах Хатылы нэhилиэгин олохтоохторо, тыатааҕы Туман алааһын эҥэр сылдьарын көрбүттэрэ биллэр. Онон бука бары сэрэхтээтик сылдьыҥ, тыаҕа тахсымаҥ, оҕолоргутун мээнэ таһырдьа ыытымаҥ! Иһитиннэриини тарҕатыҥ», - диэн нэһилиэк дьаһалтата иһитиннэрэр. Видео: куйаар ситимиттэн. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  20. repost

    🎪🎉👏🏻Марфа, Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха судаарыстыбаннай циркэтигэр ТООКУ ФЕСТ бэстибээлгэ бэлэмнэнии күөстүү оргуйар! @tookufest

  21. Older posts