Дойдуга 10–11 кылаастарга үөрэх таһынан дьарык муҥутуур кээмэйэ кыччаата 10–11 кылаастар үөрэнээччилэригэр үөрэх таһынан дьарык муҥутуур кээмэйэ икки сыл үөрэнэргэ 700 чаастан 680 чааска диэри кыччаата. Бу туһунан орто уопсай үөрэхтээһин федеральнай бырагырааматын саҥардыы бырайыагар этиллэр диэн ТАСС иһитиннэрэр. Докумуонунан, үөрэх таһынан дьарык былаана үөрэнээччи орто уопсай үөрэҕи ыларыгар дьарык хайысхаларын састаабын уонна тутулун, тэрийии көрүҥнэрин уонна кээмэйин быһаарар. Былааны тэрилтэ бэйэтэ оҥорон таһаарар. Бу иннинэ үлэлээбит стандарт 700 чаас муҥутуур кээмэйи көрөр этэ. Орто уопсай үөрэхтээһин саҥа ФГОС-а (федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх стандарта) 2027 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр. Хаартыска: Мария Архипова/«Якутия 24» nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube