Алтынньы 15 күнүгэр киэһэ 18:30 чаастан М.Н.Жирков аатынан Музыкальнай колледж саалатыгар СӨ норуодунай артыыһа Александр Бурнашев үтүө үгэскэ кубулуйбут «Көмүс ааттар» бырайыага тэриллэн ыытыллаары турар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
-
edited 🤩Чурапчы улууһуттан төрүттээх, «Туймаада Куо-2025» куонкурус кыайыылааҕа Сахайаана Сатыбалдиева бастакытын киинэ уһуллубутун кэпсиир. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
👏🏻Элгээйигэ Хабычча искибиэрин арыйдылар Нэһилиэккэ аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн алтынньы 7 күнүгэр Элгээйи баай историята биир умнуллубат күнүнэн байытылынна. Ол курдук, айар куттаах биир дойдулаахпыт Аким Кондратьев «Кыыс ырыатыгар бигэнэн киэһээҥҥи Бүлүү нухарыйар» хоһоонун кэрэ тылларын бигэргэтэр долгуйан мөлбөйө устар Бүлүү биэрэгэр саҥа искибиэр үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Ону ким оҥордо диир эбит буоллаххытына — СӨ автомобильнай тырааныспарын бочуоттаах үлэһитэ,СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна уонна бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун,Сунтаар улууһун, Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх анал бэлиэлэр кавалердара, үлэ бэтэрээнэ Борис Габышев буолар. Кини үбүлүөйдээх 80 сааһын көрсө айбыт аҕатыгар, колхуоска өр сылларга тимир ууһунан, булчутунан үлэлээбит Гаврил Захаров -Хабычча Ууска анаан «Хабычча искибиэрэ» диэн ааттаан нэһилиэккэ биир кэрэ бэлэҕи оҥордо. Искибиэр үөрүүлээх аһыллыытыгар нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, аҕам саастаахтар кэлэн бу үөрүүнү үллэһиннилэр. СӨ культуратын туйгуна Евдокия Захарова алгыстаах тойугунан, СӨ култууратын туйгуна, култуура бэтэрээнэ Анастасия Михайлова-Дойдууна сахалыы сайаҕас ырыанан киэргэттилэр, кэлбит ыалдьыттары сахалыы сиэринэн алаадьынан, кырылыы көөнньүбүт кымыһынан айах тутан күндүлээтилэр. Үтүө холобур буолар үйэлээх өйдөбүнньүгү нэһилиэк дьонугар бэлэхтээбит Борис Габышевка нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Николай Охлопков махтал суругу, сэмэй бэлэҕи туттарда. «Көмүс саас» аҕам саастаахтар түмсүүлэрин салайааччыта Раиса Иванова, ветеринарнай учаастак салайааччыта Мария Саввинова эҕэрдэлээн туран дьаабылыка маһын бэлэхтээн саҥа искибиэргэ олортулар. Бу кэрэ миэстэҕэ ыччат дьон, олохтоохтор араас мастары үүннэрэн кэнэҕэһин кэрэ саад буоларыгар баҕараллар. Сэбиэскэй кэм дьоно бу биэрэккэ умнуллубат кэрэ саастара саспыт сирдэрэ бүгүн эмиэ урукку кэми саната сэргэхсийдэ — Бүлүү биэрэгин өҥөйө Хабычча искибиэринэн киэргэйдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



-
🌤ТУСКУЛ БИЛГЭТЭ Тарас Тарасов-Тускул алтынньы 10-17 күннэригэр Саха сиригэр хайдах күн-дьыл буоларын анаарыыта🌨 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost «Первая задача» После обучения в Якутске боец с позывным Шустрый отправился в зону проведения СВО. Свою первую боевую задачу он запомнил надолго: нужно было забираться на деревья и закреплять антенны. 📹 О первом опыте, непривычных условиях и начале боевого пути — в нашем видео. Полную версию смотрите по ссылке: https://vk.ru/wall-241204890_17 БЕСПИЛОТНЫЕ СИСТЕМЫ ЯКУТИИ: https://max.ru/channel_bps14
-
edited 🌾Күндэйэтээҕи «Сырдык Аартык» тыа хаһаайыстыбатын кээпирэтиибин ситиһиитэ Москва куоракка ыытыллыбыт күһүҥҥү дьаарбаҥка түмүгүнэн, Күндэйэ нэһилиэгин «Сырдык Аартык» тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кээпирэтиибэ үрдүк наҕараадаҕа - кыһыл көмүс бэлиэҕэ тигистэ. Бу ситиһии олохтоох хаһаайыстыба таһаарар бородууксуйатын хаачыстыбата федеральнай таһымҥа үрдүктүк сыаналаммытын туоһулуур. «Сырдык Аартык» кээпирэтиип тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлээбитэ 15 сыл буолла. Бу кэм тухары хаһаайыстыбаҕа үлэни куолаан тэрийии уонна былааннаахтык сайыннарыы түмүгэр күүстээх материальнай-техническай база тэрилиннэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ кооператив балансатыгар 3 хотон, үрүҥ аһы уонна эт кэнсиэрбэтин астыыр-үөллүүр анал сыах, ону тэҥэ 6 сайылык баар. Тыа сиригэр үлэһиттэр олорор усулуобуйаларын тупсарар сыаллаах анал бырайыагынан 16 олорор дьиэ тутуллан үлэҕэ киллэриллибитэ. Быйыл судаарыстыбаннай өйөбүл көмөтүнэн саҥа астыыр-үөллүүр сыах үлэҕэ киирдэ. Маны таһынан, сүөһү төбөтүн ахсаанын элбэтэр уонна иитэр усулуобуйаны тупсарар сыалтан 100 төбөҕө аналлаах саҥа хотон тутулунна. Араас хааччах уонна уларыйыы кэмнэригэр бэйэ оҥорон таһаарар үрдүк хаачыстыбалаах, тотоойу ас-үөл ураты суолталанар. Олохтоох бородууксуйа нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун тупсарарга эрэ буолбакка, регион ас-үөл өттүнэн куттала суох буолуутун хааччыйар тирэҕинэн буолар. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
-
📚🙇🏻♂️Үөһээ Бүлүүгэ быйылгы үөрэх дьылыгар 300-тэн тахса устудьуон үөрэнэр nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost
Бу бээтинсэғэ, алтынньы 9 күнүгэр, киэһэ 20:30 чаастан "Уонна" биэриигэ көрөөччүлэри ыңырабыт. Биэриибит ыалдьыта - СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, звукорежиссер, уһуйааччы, "Дапсы" бөлөх музыкана Леонид Иванов-Лүңкүр. Кэлиэн бағалаахтар бу нүөмэргэ суруйуң 👉 +79627323508
-
👵🏻👴🏻Таатта улууһа «Көхтөөх уонна уһун үйэлэнии» бырагырааматыгар иккис сылын кыттар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
📍Горнайга Росгвардия филиала үлэлээтэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-

🪖🏆ССРС Дьоруойа Ф.М. Охлопков аатынан ыраахтан ытыыга турнир саҕаланна Дьокуускай куоракка «Сулус» үөрэтэр-ытар кииҥҥэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков кэриэһигэр ыытыллар ыраахтан ытыыга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Быйылгы күрэх норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах ыытыллар. 166 ытааччы кыттар – СВО кыттыылаахтара, гражданскай, быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэрэ. Турнир РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев өйөбүлүнэн сылтан сыл аайы сайдан иһэр. Быйыл бастакытын уолаттарга кыра саанан ытыыга турнир ыытыллар. Уһун Илин 11 регионуттан 33 оҕо кыттар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 🚀 На канале «НВК Саха» в эфире передачи «Эйгэ» начальник отдела образовательной поддержки Центра «Мой бизнес» Анна Филиппова вместе с участницей проекта Марией Румянцевой рассказали об образовательном проекте «Серебряный старт». 🌟Программа реализуется в несколько этапов: прием и отбор заявок, прохождение обучения по основам предпринимательской деятельности, знакомство с успешными предпринимателями, консультации с экспертами, разработка своей бизнес-идеи, продумывание бизнес-плана. Лучший проект получит грант в размере 150 000 рублей на его реализацию. ✔️К участию приглашаются люди пенсионного возраста 50+, проживающие и зарегистрированные на территории Якутии, имеющие бизнес-идею, направленную на создание и развитие собственного бизнеса или имеющие зарегистрированный бизнес сроком не более 1 года (до конца 2026 года). 🔥 Подать заявку на участие можно до 18 октября по ссылке 🔗Смотрите выпуск полностью по ссылке @moibiz14
-
🎁Уустуйа оскуолатыгар үтүөнү оҥорор аахсыйа ыытылынна Сунтаар улууһугар В.Ф. Абрамович аатынан Уустуйа орто оскуолатыгар аҕам саастаах дьон күннэрин иитинэн «Корзина заботы» үтүөнү оҥорор аахсыйа түмүктэннэ. Аахсыйаны Бастакылар хамсааһыннарын өйөбүлүнэн Бастакылар сэбиэттэрэ тэрийэн ыытта. Үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, учууталлар түмсэннэр наадалаах тэриллэри, малы-салы хомуйан туттардылар. Аҕам саастаахтар бэлэхтэри тутан олус үөрбүттэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
😄Кеш Иванов этэринэн, саха киинэтигэр уратыны киллэрэр сыалтан «Абааһылаах хаус» 2 чааһын таһаарбыттар! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost
СЭРЭХТЭЭХ БУОЛ ❗️ Баһаартан сэрэхтээх буолуу туһунан саҥа биэриини көр☝️ ❗️ Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, от ыйын 10 күнүттэн, ЫБ эрэсиимэ биллэрилиннэ! Баһаары утары үлэни күүһүрдэр туһунан Ил Дархан ыксаллаах быһыы хамыыһыйатын мунньаҕар эттэ. Баһаар барбыт сирдэригэр умуруоруу үлэтэ күммүт-дьылбыт туругуттан улахан тутулуктаах. Бу күннэргэ 35´- 36´ кыраадыс куйаас күннэр тураллар. Ардаҕа суох чаҕылхан түһүүтэ уонна тыалырара эмиэ кутталы үөскэтэр. 🔥🧯Биһиги каналбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһаары утары үлэлиир судаарыстыбаннай сулууспатын кытта бииргэ үлэлиир рубриката 👨🚒 ⚠️ Бу рубрикаҕа оҕону кыра сааһыттан ыксаллаах быһыыга-майгыга, кутталлаах түгэҥҥэ сөптөөхтүк дьаһанарга үөрэтэр видеороликтар тахсаллар. 🚨 Баһаар буолар түгэнигэр хайдах буоларбытын, тугу гыныахтаахпытын, тугу гынар бобулларын кэпсэтиҥ, төрөппүттэр оҕолоргутугар өйдөтүҥ. ✅ Куттал суоһуур түгэнигэр бэйэҕэр эрэллээх буол! 🎬🎙Бүгүҥҥү таһаарыыга Михаэль Мандаров уһулунна. 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
-
😊Хомус киинин үлэһиттэрэ Туйаара Жиркова уонна Станислав Афанасьев Муома улууһугар «Хомус эйгэтэ» барыл иитинэн айар мастырыскыайы үлэлэттилэр nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



+2
🪖🙏🏻«Туллуктардыын эргиллиэм» диэн сырдык ыра санаа скверэ Тааттаҕа Таатта улууһуттан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаммыт, олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманан тутуллубут «Туллуктардыын эргиллиэм» диэн сырдык ыра санаа скверэ арыллынна. Үтүө дьыала чэрчитинэн анабыл хоһоон суруйуутугар күрэс кыайыылаахтарын хоһооно сквер мэҥэ бэлиэтин киэргэтэр. Сквер күрүөтүн тула илии сылааһын иҥэриммит туллуктар кэчигирэстилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost СОНУННАР Хаҥалас улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтигэр Покровскай куорат 1-кы №-дээх орто оскуола педагог-бибилэтиэкэрэ Сардаана Кириллина кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в VK
- Older posts