НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%680 avg views
Posting 21.8/day last 28 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. 📍VII Хотугу форум пленарнай мунньаҕар Ил Дархан кыттыыны ылла Тирэхтээхтик сайдыы VII Хотугу форум пленарнай мунньаҕар Ил Дархан Айсен Николаев оҥоһуу өй үйэтигэр киһи хапытаалын туһунан кэпсээтэ. Форум 12 дойдуттан, Россия 20 регионуттан 500-тэн тахса кыттааччыны түмтэ. Тэрээһин улахан суолталааҕын Россия тас дойдулар дьыалаларыгар миниистир Сергей Лавров этиитигэр бэлиэтээтэ. «Хоту сайдыыта наукаҕа уонна үөрэххэ олоҕуруохтаах. Куораттарга, сэлиэнньэлэргэ дьон-сэргэ сайдарыгар саҥа аартыктар арыллыахтаахтар», – диэн Ил Дархан эттэ. Ыам ыйыгар Ил Дархан Саха сиригэр ИИ сайдыытын стратегиятыгар илии баттаабыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ араас хайысхаҕа, ол иһигэр медицинэҕэ, судаарыстыбаннай салалтаҕа, култуураны, төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа оҥоһуу өйгө олоҕурбут 20-тэн тахса бырайыак үлэлиир. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 9 октября (пт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдум дьоно 12+ 15:15-Саха итэҕэлэ 12+ 15:45-Актуальное интервью 12+ 16:00-Хантан хааннаахпытый? 12+ 16:30-Города и реки 6+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Кинолетопись Якутии 12+ 18:30-Үлэ дьоно 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Өркөн өй 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Уонна 12+ 22:00-Сэргэх 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Өркөн өй 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Города и реки 6+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. 🎬🎞️Быйыл режиссёр Дьулусхан Андросов хамаандатын кытта көрөөччүлэргэ «Абаасылаах хаус-2. Финал» хоррор-комедияны уһулан таһаарда. «Киинэ иккис чааһа бастакы чааһыгар сыһыана суох, ураты. Элбэх графиканы, искусственнай өйү туһанныбыт. Маннык жанрдаах киинэ Саха сиригэр көстө илик. Хайаан да кэлэн көрөөрүҥ, сынньанаарыҥ», - диэтэ киинэ режиссёра. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. +2

    👻🤩Өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар «Абаасылаах хаус-2. Финал» хоррор-комедия сүрэхтэннэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. 🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. Клип: «Көмүс күһүн» «Медвежонок» уһуйаан «Мичээр» бөлөҕө nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. repost

    СУРУЙААЧЧЫ - КИНИ КИМИЙ? 📖 Саха суруйааччыларын төһө билэҕитий? Быйылгыттан Н.Д. Неустроев аатынан Дьокуускай куорат киин библиотекатыгар "Төрөөбүт тылынан оҕо ааҕыытын тарҕатар киин" аһыллан үлэлиир. Төрөөбүт тылы сайыннарыы чэрчитинэн, "Суруйааччы эйгэтин сэгэтэн..." диэн саҥа рубрика үлэтин саҕалаата. 🪶 Бүгүҥҥү таһаарыы саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев - Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 120 сылыгар ананар. 📹 Үбүлүөйдээх суруйааччы олоҕун уонна айар үлэтин туһунан Дьокуускай куорат 39 N-дээх орто оскуолатын 4 "и" кылааһын үөрэнээччилэрэ кэпсииллэр. 🎞️ Бырайыак салайааччыта: сүрүннүүр библиотекарь Мария Беленкова. ▶️ Көрүҥ, сэргээҥ, Суорун Омоллоон туһунан элбэҕи билиҥ. 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  8. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн норуот хаһаайыстыбатын араас хайысхаларыгар национальнай тосхоллор сайдыыны тэтимирдэллэр. Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр федеральнай тосхол каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ уонна бородууксуйаны оҥорон таһаарыы технологическай төрүтүн сайыннарыыга туһуланар Сунтаар улууһугар бу сылга түөрт оҥорон таһаарар эбийиэк тутуллубута. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи профессиональнай педагогическай колледж Кыһыл Сыырдааҕы филиалыгар икки мастарыскыай үөрүүлээх арыллыыта буолла. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. 👏🏻Саха сириттэн зоотехникка РФ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ аат иҥэрилиннэ Өрөспүүбүлүкэттэн бэрэстэбиитэллэр Москваҕа «Золотая осень» 28-с Россиятааҕы агропромышленнай быыстапкаҕа кыттыыны ылаллар. Быыстапка кэмигэр агропромышленнай комплекс үлэһиттэригэр судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардылар. «Сахаагроплем» тэрилтэ зоотехнигар Татьяна Протопоповаҕа РФ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ бочуоттаах аат иҥэрилиннэ. Наҕарааданы РФ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Оксана Лут туттарда. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. 💐Быйыл СӨ норуотун маастара, биллэр худуоһунньук, оҕуруо көмөтүнэн оҥоһуллан тахсыбыт уонунан ахсааннаах хартыыналар ааптардара Ульяна Нохсорова үбүлүөйдээх 70 сааһын бэлиэтээтэ. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр кини ааптарыскай быыстапката турда. Сиһилии сюжекка көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. 📺Бастакы эпиирим: Георгий Белоусов Георгий СГУ суруналыыстыка салаатын бүтэрбитэ. Айар үлэтин «Куйаар дуораана» араадьыйаттан саҕалаабыт. Оттон телевидениеҕэ 2008 сылга кэлбит. Георгий «Саҥа Күн», «Харах далыгар» ток-шоу, «Ис сүрэхтэн», «Сэһэн сирэ», «Өркөн өй», «Эн сулускун», «Үрдэл», «Көмүс түгэн», «Саҥа Дьыллааҕы көрсүһүүлэр», «Кини кимий?», «Харах далыгар» интервью курдук саха телевидениетигэр рейтиннээх биэриилэрдээх. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. repost

    📺 САХА ТЕЛЕВИДЕНИЕТИН КҮНҮНЭН ЭҔЭРДЭ! 🥳 🗼Бүгүн алтынньы 8 күнэ - Саха телевидениетэ олохтоохтук төрүттэммитэ 63 сыла! 📺 🎉 Күндү көрөөччүлэрбитин, телевидение бары үлэһиттэрин, бэтэрээннэрин ис сүрэхтэн истиҥник эҕэрдэлиибит! 😍👏👏👏 Телевидение аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ сайдан билигин "НВК Саха", "Якутия24", "Мамонт", "Тооку" каналлар сыыппара эйгэтин саҥа араҥатыгар киирсэн тэтимнээхтик үлэлииллэр. Олортон "Тоокуга" "Чохоон" оҕо интернет каналын биэриилэрэ тиһигин быспакка тахсаллар 😍 Сахабыт телевидениетэ өрүү сайда турдун! 🙌 🟡ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  14. edited

    📺Бастакы эпиирим: Көтүү Эверстова Көтүү СГУ суруналыыстыка салаатын бүтэрбитэ. Кини «Саха» НКИХ Намнааҕы филиалыгар, «Саҥа күҥҥэ», сонуннарга үлэлээн турардаах. Ону тэҥэ Көтүү сахалыы төрүт ас туһатын, оҥоһуллар кистэлэҥин сырдатар «Күн дэлэйэ» биэриини бэлэмнээбитэ, ыыппыта. Билигин саҥа айар дьылга Көтүү «Айар аартык» биэрии ыытааччыта буолар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. 📺Бастакы эпиирим: Чокуур Гаврильев Телевидениеҕэ «Сэмсэ тыл» биэрииттэн үлэлээн саҕалаабыт. Кини телевидениеҕэ бастакы хардыыларыгар режиссер Михаил Неустроев ыйан-кэрдэн, элбэххэ үөрэппитигэр ыытааччы буолан, киниэхэ уһуйуллан тахсыбытым диэн махтана саныыр. Саҥа айар дьылга Чокуур икки саҥа бырайыактаах – «Хантан хааннаахпытый?» уонна «Сэмсэ санаа». nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. 📺Бастакы эпиирим: Айта Константинова Айта 2011 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан СГУ Саха филологиятын уонна култууратын факультетын бүтэрбит. 2005 сылга аан бастаан «Сэргэлээх» устуудьуйа иһинэн «Тэтим» ыччакка аналлаах биэриигэ кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбит. Ол кэнниттэн «Күнчээн» оҕо биэриилэрин таһаарар редакцияҕа редактордаабыт. 2017 сылтан «Саҥа күн» биэрии ыытааччыта буолбут. 2021 сылга «Саха сатаабата суох» биэриини ыыппыта. Оттон бу саҥа айар дьылтан «Күбэйэ» ийэлэргэ, дьахталларга аналлаах бырайыакка үлэлэһэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. 📺Бастакы эпиирим: Сардаана Плотникова Сардаана «Саха» НКИХ үлэтин документальнай киинэттэн саҕалаабыт. Күн бүгүн кини эмиэ документальнай киинэлэргэ үлэлэһэ сылдьарын бэлиэтиир. Сардаана сарсыардааҥҥы «Саҥа күн», күнүскү «Үчүгэйиэн бу сиргэ», киэһэҥҥи «Киэһэлик» биэриилэр саҥа тахсарыгар көхтөөхтүк үлэлэспит ыытааччы буолар. Түгэнинэн туһанан араадьыйа уонна телевидение туйгуна Сардаана биир идэлээхтэрин Саха телевидениетин күнүнэн эҕэрдэлиир. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. Бэрдьигэстээххэ «Сардаана» оҕо сайдар киинэ саҥардылынна Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр Х.К. Татаринова аатынан «Сардаана» оҕо сайдар киинигэр күүтүүлээх хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ толору түмүктэнэн, оҕолору саҥардыллыбыт дьиэҕэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстэ. Бу бэлиэ түгэни кытта тэҥэ уһуйаан өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥынан ааттанна. Бэрдьигэстээхтээҕи «Сардаана» оҕо сайдар киинэ тутуллуоҕуттан 38 сыл устата маннык күүстээх уларытыы-саҥардыы үлэтэ ыытылла илигэ. «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыак олоххо киириитин түмүгэр, федеральнай уонна муниципальнай бүддьүөттэн 50-ча мөлүйүөн солкуобай көрүллэн, уһуйаан ис-тас өттө толору саҥардылынна. Уһуйаан аһыллыытын бэлиэ күнэ дьиҥнээх бырааһынньыкка кубулуйда. Тэрилтэ саҥардыллыбыт, тупсубут ис-тас дьүһүнүн көрөөрү төрөппүттэр, улуус уонна нэһилиэк салалтата муһуннулар. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга кыһыл лиэнтэ быһылынна, саҥа үөрэх сылыгар анаан үтүө алгыс сиэрэ-туома ыытылынна, ону таһынан наҕараадалар, махтал суруктар туттарылыннылар. Бу улахан үөрүүнү кытта тэҥэ, уһуйаан кэлэктиибэ өссө биир үрдүк ситиһиини ылар чиэскэ тигистэ. «Тыа сирин бастыҥ оҕо уһуйаана» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска «Сардаана» оҕо сайдар киинэ «Оҕо уһуйаана — тыа сирин сайдар киинин сообществота» анал аакка кыайыылааҕынан таҕыста. Саҥардыллыбыт уһуйаан уонна үрдүк наҕараада кэлэктиипкэ өссө күүс-уох уонна саҥа ситиһиилэргэ кынат уурара саарбахтаммат. Быйылгы үөрэх сыла саҥа таһымҥа, сылаас, сырдык уонна бастыҥ эйгэҕэ саҕаланна. Розсиэна Сивцева, Михаил Мордовской nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. Older posts