НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%680 avg views
Posting 21.8/day last 25 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
edited

🌾Күндэйэтээҕи «Сырдык Аартык» тыа хаһаайыстыбатын кээпирэтиибин ситиһиитэ Москва куоракка ыытыллыбыт күһүҥҥү дьаарбаҥка түмүгүнэн, Күндэйэ нэһилиэгин «Сырдык Аартык» тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кээпирэтиибэ үрдүк наҕараадаҕа - кыһыл көмүс бэлиэҕэ тигистэ. Бу ситиһии олохтоох хаһаайыстыба таһаарар бородууксуйатын хаачыстыбата федеральнай таһымҥа үрдүктүк сыаналаммытын туоһулуур. «Сырдык Аартык» кээпирэтиип тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлээбитэ 15 сыл буолла. Бу кэм тухары хаһаайыстыбаҕа үлэни куолаан тэрийии уонна былааннаахтык сайыннарыы түмүгэр күүстээх материальнай-техническай база тэрилиннэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ кооператив балансатыгар 3 хотон, үрүҥ аһы уонна эт кэнсиэрбэтин астыыр-үөллүүр анал сыах, ону тэҥэ 6 сайылык баар. Тыа сиригэр үлэһиттэр олорор усулуобуйаларын тупсарар сыаллаах анал бырайыагынан 16 олорор дьиэ тутуллан үлэҕэ киллэриллибитэ. Быйыл судаарыстыбаннай өйөбүл көмөтүнэн саҥа астыыр-үөллүүр сыах үлэҕэ киирдэ. Маны таһынан, сүөһү төбөтүн ахсаанын элбэтэр уонна иитэр усулуобуйаны тупсарар сыалтан 100 төбөҕө аналлаах саҥа хотон тутулунна. Араас хааччах уонна уларыйыы кэмнэригэр бэйэ оҥорон таһаарар үрдүк хаачыстыбалаах, тотоойу ас-үөл ураты суолталанар. Олохтоох бородууксуйа нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун тупсарарга эрэ буолбакка, регион ас-үөл өттүнэн куттала суох буолуутун хааччыйар тирэҕинэн буолар. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

02004006008009 Oct 05:4310 Nov 22:067219 Oct 05:43: 0 views10 Nov 22:06: 721 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
9 Oct 2026, 05:430
10 Nov 2026, 22:06721

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.