👏🏻Элгээйигэ Хабычча искибиэрин арыйдылар Нэһилиэккэ аҕам саастаахтар декадаларын чэрчитинэн алтынньы 7 күнүгэр Элгээйи баай историята биир умнуллубат күнүнэн байытылынна. Ол курдук, айар куттаах биир дойдулаахпыт Аким Кондратьев «Кыыс ырыатыгар бигэнэн киэһээҥҥи Бүлүү нухарыйар» хоһоонун кэрэ тылларын бигэргэтэр долгуйан мөлбөйө устар Бүлүү биэрэгэр саҥа искибиэр үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Ону ким оҥордо диир эбит буоллаххытына — СӨ автомобильнай тырааныспарын бочуоттаах үлэһитэ,СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна уонна бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун,Сунтаар улууһун, Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, элбэх анал бэлиэлэр кавалердара, үлэ бэтэрээнэ Борис Габышев буолар. Кини үбүлүөйдээх 80 сааһын көрсө айбыт аҕатыгар, колхуоска өр сылларга тимир ууһунан, булчутунан үлэлээбит Гаврил Захаров -Хабычча Ууска анаан «Хабычча искибиэрэ» диэн ааттаан нэһилиэккэ биир кэрэ бэлэҕи оҥордо. Искибиэр үөрүүлээх аһыллыытыгар нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, аҕам саастаахтар кэлэн бу үөрүүнү үллэһиннилэр. СӨ культуратын туйгуна Евдокия Захарова алгыстаах тойугунан, СӨ култууратын туйгуна, култуура бэтэрээнэ Анастасия Михайлова-Дойдууна сахалыы сайаҕас ырыанан киэргэттилэр, кэлбит ыалдьыттары сахалыы сиэринэн алаадьынан, кырылыы көөнньүбүт кымыһынан айах тутан күндүлээтилэр. Үтүө холобур буолар үйэлээх өйдөбүнньүгү нэһилиэк дьонугар бэлэхтээбит Борис Габышевка нэһилиэк баһылыгын солбуйааччыта Николай Охлопков махтал суругу, сэмэй бэлэҕи туттарда. «Көмүс саас» аҕам саастаахтар түмсүүлэрин салайааччыта Раиса Иванова, ветеринарнай учаастак салайааччыта Мария Саввинова эҕэрдэлээн туран дьаабылыка маһын бэлэхтээн саҥа искибиэргэ олортулар. Бу кэрэ миэстэҕэ ыччат дьон, олохтоохтор араас мастары үүннэрэн кэнэҕэһин кэрэ саад буоларыгар баҕараллар. Сэбиэскэй кэм дьоно бу биэрэккэ умнуллубат кэрэ саастара саспыт сирдэрэ бүгүн эмиэ урукку кэми саната сэргэхсийдэ — Бүлүү биэрэгин өҥөйө Хабычча искибиэринэн киэргэйдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%680 avg views
Posting
21.8/day
last 25 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 9 Oct 2026, 08:28 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 760 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.