🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
-
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Таасуусфест-2026» бетон скульптураларын бэстибээлин кыайыылаахтарынан Аркадий Михайлов уонна Николай Тырылгин буоллулар. Сиһилии сюжекка көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Төрөппүккэ сүбэ: «Амперсанд» оҕону сайыннарар киин логопеда Айталыына Алексеева саҥарар кэмҥэ сөпкө тыыныы суолтатын сырдатта nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Дьокуускайга «Продовольствие» быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллар Балаҕан ыйын 25-27 күннэригэр Дьокуускай куорат Хомсомуол болуоссатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Продовольствие» быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллыа. Тэрээһин 28-с төгүлүн ыытыллар уонна 15 улуустан 115-тэн тахса кыттыылааҕы түмэр — оҥорон таһаарааччылары, агро хайысхалаах оскуолалары. Дьон-сэргэ дьаарбаҥкаҕа эти, балыгы, үүт бородууксуйатын, оҕуруот аһын, отоннору, килиэби уонна да атын олохтоох табаардары атыылаһыахтарын сөп. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Саргын Скрябин/СИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Дьокуускайга «Продовольствие» быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллар Балаҕан ыйын 25-27 күннэригэр Дьокуускай куорат Хомсомуол болуоссатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Продовольствие» быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллыа. Тэрээһин 28-с төгүлүн ыытыллар уонна 15 улуустан 115-тэн тахса кыттыылааҕы түмэр — оҥорон таһаарааччылары, агро хайысхалаах оскуолалары. Дьон-сэргэ дьаарбаҥкаҕа эти, балыгы, үүт бородууксуйатын, оҕуруот аһын, отоннору, килиэби уонна да атын олохтоох табаардары атыылаһыахтарын сөп. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Саргын Скрябин/СИА
-
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Таасуусфест-2026» бетон скульптураларын бэстибээлин кыайыылаахтарынан Аркадий Михайлов уонна Николай Тырылгин буоллулар. Сиһилии сюжекка көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Саха телевидениетин суруналыыһа Георгий Белоусов быйылгы айар дьылын бэрт сонуннук арыйар. Бу сайын кини саха туристарын илдьэ Кытайга баран кэллэ. Атын омук олоҕун-дьаһаҕын, култууратын илэ хараҕынан көрбүтүн, сөхпүтүн эһиэхэ эрэ анаан кэпсиир, сырдатар. Аан дойдутааҕы Туризм күнүгэр анаммыт «Харах далыгар: Улуу Кытай» биэриини өрөбүлгэ күнүс 12:15ч сэргээн көрөргүтүгэр ыҥырабыт! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost Судаарыстыбаннас күнүгэр Ил Дархан быһа биэриигэ тахсыаҕа Балаҕан ыйын 27 күнүгэр 18:00 чаастан Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев быһа биэриитэ ыытыллар. Манна СӨ баһылыга өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар саҥа соруктары сырдатыаҕа уонна олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдуоҕа. Ыйытыыларгытын 8 (4112) 506-006 нүөмэргэ, Телеграмҥа @voprosGlaveYakutii_bot чат-ботка уонна 8 (4112) 510-000 нүөмэргэ «Айта» цифровой көмөлөһөөччү көмөтүнэн ыытыаххытын сөп. Эпиир НВК «Саха», «Якутия 24», «Россия 24» ханаалларга көстүөҕэ, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» араадьыйаларга иһиллиэҕэ уонна Ил Дархан социальнай ситимнэригэр көстүөҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost ⚡️ По Нерюнгринской ГРЭС. Параметры к этому часу: Работают два котла на Нерюнгринской ГРЭС (№2 и №3) и один котёл на Пиковой котельной в Нерюнгри (№5). 🔻 Котел №2: подача 63°, обратка 42° 🔻 Котел №3: подача 49°, обратка 42° 🔻 Котел №5: подача 70°, обратка 45° Мой канал в МАХ 📲
-
🐟«Амтан» рубрикаҕа: балыктаах минньигэс бүлүүдэ АГАТУ астааһын кафедратын профессора Константин Степанов балыктан түргэнник астанар бүлүүдэни көрдөрдө. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268457?list=6dd04ece3631538296 Көрүҥ, үтүктүҥ, минньигэстик аһааҥ!😋 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
IV Николаевскай форумҥа 450 кэриҥэ сайаапка киирдэ «Норуоттар сомоҕолоһуулара — Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын стратегията» диэн IV Николаевскай форумҥа сайаапкалары биэрии түмүктэннэ. Быйыл тэрээһин аан бастаан регионнар икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсар: Карелия Өрөспүүбүлүкэтиттэн, Магадан уонна Сахалин уобаластарыттан, Еврей автономнай уобалаһыттан, Москва куораттан дэлэгээссийэлэр кыттыахтара. Уопсайа 450 кэриҥэ сайаапка киирдэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Ыччат парламенын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost Сбор вопросов для Прямой линии Главы Якутии продолжается 27 сентября в 18:00 состоится традиционная Прямая линия Главы Якутии Айсена Николаева. Центр управления регионом Якутии координирует сбор вопросов жителей. На сегодняшний день поступило уже более 400 обращений. Задать свой вопрос можно несколькими способами: Колл-центр: 8 (4112) 506-006 В мессенджере Mакс: чат-бот https://max.ru/voprosglaveyakutii_bot Через цифрового помощника «Айта»: 510-000 Больше всего вопросов на данный момент поступило от жителей Якутска, Алданского, Оймяконского, Нерюнгринского и Ленского районов. Каждый вопрос сразу берется в работу. Ответы жители получат через колл-центр и чат-бот в Mакс. Если у вас есть вопрос – задайте его сейчас. Ваше обращение может стать темой Прямой линии. Подробно – в ролике.
-
repost 😊👍🏻Биһиги Сайдаммыт төрдүс төгүлүн Тооку дьоруойу саҥарар! Уол билигин ойуулукка дьоруойдары саҥарар судургу буолбутун кэпсиир. Сайдам «Тооку» ойуулук саҥа сезона хатыламмат, майгыннаспат сиэрийэлэрдээх, элбэх кэрэхсэбиллээх, эриэккэс түгэннэрдээх, мүлчүргэннээх сырыылардаах буоларыгар баҕарар! @tookufest
-
Үүт соҕотуопкатын былаана 87,6% туолла nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Саха сиригэр уматыгы тиэрдии салҕанар. Сотору кэминэн дизельнай, бэнсиин уматыктаах вагоннар кэлиэхтэрэ. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268458?list=98e2a34fc3964f4bb6 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost В 19 лет он уже сделал выбор, который изменил всю его жизнь. В 2022 году «Шустрый» учился в речном училище, был старшиной взвода и строил планы на будущее, связывая свою судьбу с водным транспортом. Но события того года заставили его задуматься о другом пути. Решение было непростым: оставить учёбу и подписать контракт. Не всё получилось с первого раза, но молодой человек не отступил от своей цели. Так он оказался в отряде БПЛА, где подписал контракт и приступил к обучению. Сегодня «Шустрый» — боец-оператор беспилотных систем. Его история — о личном выборе, целеустремлённости и готовности взять на себя ответственность за своё решение. Полную версию смотрите по ссылке: https://vk.ru/wall-241204890_17 БЕСПИЛОТНЫЕ СИСТЕМЫ ЯКУТИИ: https://max.ru/channel_bps14
-
edited
Ньурба урбаанньыттара Спортивнай оонньуулары өйүүллэр Бүгүн Урбаанньыт күнүн көрсө Ньурба улууһугар биллэр үчүгэй үлэлээх, нэһилиэнньэни минньигэс аһынан күндүлүүр, сонун сүүрээннэри киллэрэр «Мастера вкуса» тэрилтэ салайааччылара Полина Данилова уонна Туйаара Михайлова оонньуулар пуондаларыгар 1.000.000 солк. уктулар. Улуус уопсастыбаннай олоҕор наар кыттыыны ылар, тэрээһиннэртэн туора турбат урбаанньыттарбытыгар махтаналлар. «Мастера вкуса» тэрилтэ өссө да үүнэ-сайда турарыгар баҕараллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 


+6
🏐Мэҥэ Хаҥаласка Хара спортивнай оскуолатыгар спорт күнэ И.Г. Игнатьев аатынан Хара спортивнай орто оскуолатыгар «Спортивнай старт» диэн ааттаах уопсай оскуолатааҕы спорт күнэ ыытылынна. Бу күн Бүтүн Россиятааҕы оскуола оҕолорун VIII Спартакиадатын призера, 9-с кылаас үөрэнээччитэ Григорий Кожокару уонна кини боксаҕа тренерэ Василий Шестаков чиэстэннилэр. Тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын инфраструктура уонна ОДьКХ боппуруостарыгар солбуйааччы Василий Филиппов уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыыны ылан, истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата @sakhasporttv
-
😎👏🏻Степан Бурнашев триллерэ «Пентхаус» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ кыайыыны ситистэ Тюмень куоракка ыытыллыбыт «Саспенс» норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр «Лучший триллер» анал аакка режиссер Степан Бурнашев хартыыната наҕарааданы ылла. Бэстибээлгэ дьүүллүүр сүбэ сытыы сюжеттаах киинэлэри сыаналаата. «Пентхаус» норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак үөрүүлээх тэрээһин кыайыылааҕынан таҕыста. Бэстибээл сүрүн бириэмийэтэ Олег Таравков уонна Алексей Плахотников «Извод: Ведьмина топь» киинэтигэр туттарылынна. «Пентхаус» киинэ атырдьах ыйын 27 күнүгэр Россияҕа тахсыбыта. Хартыына Малайзияҕа уһуллубута. Норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыакка саха артыыһа Ирина Михайлова сүрүн оруолу толорбута, кини кэргэнин оруолун дьоппуон Содзи Араи оонньообута. Киинэҕэ Россия, Канада, Малайзии, Индия, Китай уонна да атын дойдулар артыыстара уһуллубуттара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
🌤ТУСКУЛ БИЛГЭТЭ Тарас Тарасов-Тускул балаҕан ыйын 25 күнүттэн алтынньы 3 күнүгэр диэри Саха сиригэр хайдах күн-дьыл буоларын анаарыыта. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
- Older posts