😎👏🏻Степан Бурнашев триллерэ «Пентхаус» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ кыайыыны ситистэ Тюмень куоракка ыытыллыбыт «Саспенс» норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр «Лучший триллер» анал аакка режиссер Степан Бурнашев хартыыната наҕарааданы ылла. Бэстибээлгэ дьүүллүүр сүбэ сытыы сюжеттаах киинэлэри сыаналаата. «Пентхаус» норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыак үөрүүлээх тэрээһин кыайыылааҕынан таҕыста. Бэстибээл сүрүн бириэмийэтэ Олег Таравков уонна Алексей Плахотников «Извод: Ведьмина топь» киинэтигэр туттарылынна. «Пентхаус» киинэ атырдьах ыйын 27 күнүгэр Россияҕа тахсыбыта. Хартыына Малайзияҕа уһуллубута. Норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыакка саха артыыһа Ирина Михайлова сүрүн оруолу толорбута, кини кэргэнин оруолун дьоппуон Содзи Араи оонньообута. Киинэҕэ Россия, Канада, Малайзии, Индия, Китай уонна да атын дойдулар артыыстара уһуллубуттара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube