Дьокуускайга «Продовольствие» быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллар Балаҕан ыйын 25-27 күннэригэр Дьокуускай куорат Хомсомуол болуоссатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Продовольствие» быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллыа. Тэрээһин 28-с төгүлүн ыытыллар уонна 15 улуустан 115-тэн тахса кыттыылааҕы түмэр — оҥорон таһаарааччылары, агро хайысхалаах оскуолалары. Дьон-сэргэ дьаарбаҥкаҕа эти, балыгы, үүт бородууксуйатын, оҕуруот аһын, отоннору, килиэби уонна да атын олохтоох табаардары атыылаһыахтарын сөп. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Саргын Скрябин/СИА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube