Ньурба урбаанньыттара Спортивнай оонньуулары өйүүллэр Бүгүн Урбаанньыт күнүн көрсө Ньурба улууһугар биллэр үчүгэй үлэлээх, нэһилиэнньэни минньигэс аһынан күндүлүүр, сонун сүүрээннэри киллэрэр «Мастера вкуса» тэрилтэ салайааччылара Полина Данилова уонна Туйаара Михайлова оонньуулар пуондаларыгар 1.000.000 солк. уктулар. Улуус уопсастыбаннай олоҕор наар кыттыыны ылар, тэрээһиннэртэн туора турбат урбаанньыттарбытыгар махтаналлар. «Мастера вкуса» тэрилтэ өссө да үүнэ-сайда турарыгар баҕараллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube