НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 31 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

СӨ Ыччат бырабыыталыстыбатын чилиэттэрэ Судаарыстыбаннай Думаҕа быыбарга куоластаатылар Ыччат уорганын бэрэстэбиитэллэрэ быыбардыыр учаастактарга сокуоннай куоластыыр бырааптарын туһаннылар. СӨ Ыччат бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванов куоластааһын регион бары олохтоохторун түмсүүлэрин тутаах чааһа буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: «Биһиги ураты региоҥҥа олоробут. Саха сирэ араас омук култууратын, үгэстэрин түмэр. Быыбардыыр учаастакка кыттан уопсай кэскили бииргэ тутар биир хамаанда буоларбытын көрдөрөбүт». Ыччат бырабыыталыстыбатын култуураҕа, доруобуйа харыстабылыгар, физическэй култуураҕа уонна успуорка Департаменын салайааччыта Розалия Ксенофонтова гражданскай иэһи толорууга бэйэтин сыһыанын үллэһиннэ: «Быыбарга кыттыы — дойдубут хас биирдии олохтооҕун гражданскай эбээһинэһэ. Мин мэлдьи куоластыыбын уонна хас биирдии баартыйа бырагырааматын эрдэттэн кичэйэн үөрэтэбин». Ыччат бырабыыталыстыбатын инфраструктураҕа сайдыытын Департаменын чилиэнэ Александр Ермолаев быыбардааччы оруолун регион Киин быыбардыыр хамыыһыйатыгар үлэтин кытта дьүөрэлиир: «Быыбарга мэлдьи кыттабын. Ол гынан баран, бу сырыыга быыбардааччы эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэтээҕи ЦИК чилиэнин быһыытынан учаастакка сылдьабын. Миэхэ бу улахан суолталаах: бары нуормалары тутуһууну уонна процедура сокуоннайын кэтээн көрөбүн. Ыччат бырабыыталыстыбатын бэрэстэбиитэлэ быһыытынан ыччат кыттыыта төһө суолталааҕын өйдүүбүн уонна холобур оҥоро сатыыбын. Бастакы күн — саамай эппиэтинэстээх». СӨ Ыччат бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060018 Sep 10:1710 Nov 22:0662418 Sep 10:17: 0 views10 Nov 22:06: 624 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
18 Sep 2026, 10:170
10 Nov 2026, 22:06624

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.