НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 31 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

🚶🏻‍♀️🚶🏻Куотаҕа айан Балаҕан ыйын 14 күнүгэр биир дойдулаахпыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх судаарыстыбаннай, уоасастыбаннай, политическай диэйэтэлэ, оройуон историятыгар салайар үлэҕэ үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн ааспыт, чаҕылхай салайааччы Варвара Андреевна Петрова төрөөбүт сиригэр Куотаҕа Үөдэй оскуола – уһуйаан кэллэктиибин (дириэктэр Любовь Ли) оройуоннааҕы «Куотаҕа айан» диэн ааттаах бырайыак чэрчитинэн сатыы хааман Куотаҕа айаннаатыбыт. Бу сатыы айаммыт Варвара Андреевна Петрова төрөөбүтэ 90 сылыгар уонна кини олорон ааспыт дьоһуннаах олоҕун, үлэтин кэриэстээһиҥҥэ ананна. Оройуоннааҕы «Куотаҕа айан» сатыы хаамыы бырайыакка Ньурбаттан, Маартан, Хаалларан, Үөдэйтэн кыттыстылар. Хаҥалас нэһилиэгиттэн Варвара Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччыта Зинаида Анисимова, түмэл сүрүн үлэһитэ Денис Докторов уонна Николай Кочнев аатынан Хаҥалас орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ кэлистилэр. Варвара Андреевна биһигин ыйаабыт, түөрэҕэ түспүт сиригэр, олус кэрэ айылҕалаах бүччүм сиргэ – Куотаҕа тиийдибит. Сатыы хаамыы бырайыак кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэ сайдарын туһугар элбэх сыратын биэрбит, дьон-норуот туһугар доруобуйатын харыстаабакка түүннэри-күнүстэри үлэлээбит киһибитигэр Варвара Андреевна Петрова пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Ол кэнниттэн оскуола эдэр учууталлара Айталина Пермякова, Саргылана Григорьева «Алмаас суолдьута» диэн ааттаах квест оонньууну ыыттылар. Юрий Николаев пневматическай винтовканан сыал ытыы күрэҕин оскуола уолаттарыгар, ыалдьыттарга ыытта. Баһылык Мария Николаева Варвара Петрова оскуолатааҕы хаартыскаларын, төрөөбүтүн туоһулуур сибидиэтэлистибэтин көрдөрдө. Онно суруллубутунан 12.12.1935 сыллаахха төрөөбүтүн биллилэр. Итинтэн да атын дьоҥҥо биллибэт хаартыскаларын көрөн билбэтэхтэрин биллилэр. Салгыы хос-хос эһэтэ нэһилиэгэр кинээстээбит Мыыдаранай Борокуоппай өтөҕүн баран көрдүбүт. Ньурба улууһун историятын оҥорсубут Варвара Петрова үлэнэн уруйдаммыт албан аата мэлдьи махталынан ахтылла туруоҕа. Ханнык баҕарар сир-дойду аатынан даҕаны, сирэ-дойдута кэрэтинэн даҕаны аатырбат. Кини аатырар дьонунан – сэргэтинэн, үлэтинэн - хамнаһынан. «КУОТАҔА АЙАН» бырайыагы атын хайысханан салгыы ыытыахпыт диэн тарҕастыбыт. Мария Николаева, Үөдэй нэһилиэгин баһылыга, Ньурба улууһа nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060018 Sep 10:1510 Nov 22:0663318 Sep 10:15: 0 views10 Nov 22:06: 633 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
18 Sep 2026, 10:150
10 Nov 2026, 22:06633

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.