НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 30 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

📨Мэҥэ Хаҥаласка быыбар көхтөөхтүк ыытылла 25 тыһыынчаттан тахса быыбардааччылаах Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 34 быыбардыыр учаастакка хамыыһыйа чилиэннэрэ үлэлэрин саҕалаатылар. Үс күн устата РФ Судаарыстыбаннай Дууматыгар депутаттары талар суолталаах быыбар бастакы күнүгэр дьон кыттыыта көхтөөҕүн бэлиэтээтилэр. Улуус киинигэр Аллараа Бэстээххэ икки быыбар учаастага үлэлиир буоллаҕына, Майа сэлиэнньэтигэр үс быыбар учаастагар үлэ-хамнас тэтимнээхтик саҕаланна. 257-ис нүөмэрдээх Арҕаа Майатааҕы учаастакка 1880 киһи быыбардыыр испииһэккэ суруллан үс күн устата быыбарга кыттыаҕа. Мантан 51 быыбардааччы дьиэҕэ уонна 39 киһи балыыһаҕа куоластыырга сайаапка биэрэннэр, доруобуйаларынан хааччахтаах ыарыһахтарга быыбардыыр бырааптарын туһаналларыгар усулуобуйа олохтонон, хамыыһыйа үлэһиттэрэ киин сытар балыыһаҕа миэстэтигэр тиийэннэр доруобуйаларынан хааччахтаах быыбардааччылары куоластаттылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080018 Sep 10:2310 Nov 22:0667518 Sep 10:23: 0 views10 Nov 22:06: 675 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
18 Sep 2026, 10:230
10 Nov 2026, 22:06675

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.