🤩👏🏻Алтынньы 26 күнүгэр Москваҕа «Et Cetera» тыйаатырга «ТЭФИ-KIDS 2026»VIII-с Бүтүн россиятааҕы национальнай бириэмийэ кыайыылаахтарын наҕараадалааһын үөрүүлээх сиэрэ-туома буолла. «Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тооку уонна Чысхаан» толору кээмэйдээх ойуулуга «Оҕолорго бастыҥ анимационнай киинэ» анал аат кыайыылааҕынан таҕыста! Бу наҕараада — бүтүн хамаандаҕа, Саха сиригэр уонна дойду үрдүнэн үөрүү, киэн туттуу, улахан хардыы! Ойуулук ирбэт тоҥ сиригэр-уотугар үөскээн, айыллан көрөөччүлэр сүрэхтэрин уулларда, истиҥник, сылааһынан бигээтэ. Бу кыайыы саҥа хорсун санааларга көҕүлээтин, өссө да кыайыыга кынаттаатын! «Тооку уонна Чысхаан» ойуулугу айан, тутан таһаарыыга дууһаларын уурбут дьону барыларын эҕэрдэлиибит! Айар үлэҕит аартыга арылыннын! @tookufest