Өлүөнэ өрүс нөҥүө таһыы сыанатын үрдэтии поезд пассажирдарын таарыйыа суоҕа Өлүөнэ өрүс нөҥүө таһыы сыанатын үрдэтии поезд пассажирдарын таарыйыа суоҕун, трансфер сыаната оннунан хааларын туһунан «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа иһитннэрдэ. Дьокуускай — Аллараа Бэстээх тимир суол вокзала маршрутунан поезд пассажирдарыгар трансфер сыаната ханнык баҕарар таһыы усулуобуйатыгар, бөртөлүөтү киллэрэн туран, муус туруутун кэмигэр уларыйбакка хаалыаҕа уонна 2200 солк тэҥнэһиэ. Трансферга олордуу поезд билиэттээхтэргэ эрэ үлэлиир. Пассажирдар трансфернай таһыы бүтүөр диэри айан докумуоннарын сүтэриэ суохтаахтар. Лена өрүскэ уустугурбут быһыыны-майгыны учуоттаан, трансферга олордуу олохтоох бириэмэнэн 11:00 чаастан оҥоһуллар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR)
3.0%706 avg views
Posting
21.7/day
last 54 minutes ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 29 Oct 2026, 05:58 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 706 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.