Айсен Николаев: Мэдиссиинэ хаачыстыбалаахтык сайдар — бу сыллар тухары 130-тан тахса эбийиэк үлэҕэ киирдэ Саха сиригэр доруобуйа харыстабылын инфраструктурата тэтимнээхтик сайдар. Ол курдук, алтынньыга мэдиссиинэ биэс улахан эбийиэгэ арылынна. Оттон ааспыт нэдиэлэҕэ саҥа быраас амбулаториялара арылыннылар. Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ мэдиссиинэ сайдыытын сыаналаата. Сиһилии видеоҕа көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
-
Айсен Николаев: Хотугу таһаҕас 96% нэһилиэнньэлээх пууннарга тиийдэ Хотугу таһаҕаһы таһыы туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия, вперед!» биэриигэ хоруйдаата. Сиһилии видеоҕа көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited Айсен Николаев: Чэпчэтиилээх көтүү өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр Саха сирин олохтоохторугар, ордук ыраах сытар уонна Арктика улуустарыгар, субсидиялаах авиарейстарга көтөр аалынан көтүү табыгастаах буолуута быһаарыылаах суолталаах. Бу өйөбүл билигин хайдах тэриллибитин уонна 2027 сылга ханнык быһаарыылар ылыллалларын өрөспүүбүлүкэ баһылыга сырдатта. Сиһилии видеоҕа көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
edited Айсен Николаев: Регионнааҕы суол-иис 77 килэмиэтирэ оҥоһулунна Суол-иис инфраструктуратын сайдыыта: тутуу сезонун түмүктэрэ уонна ханнык үлэлэр былааҥҥа туралларый? Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия, вперед!» биэриигэ иһитиннэрдэ. Сиһилии видеоҕа көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Айсен Николаев: От былаана 100% туолла Быйылгы тыа хаһаайыстыбатын сезона уустук усулуобуйаларга ааста. Ааспыт нэдиэлэҕэ Амма улууһун бэрэстэбиитэллэрин кытта өрөспүүбүлүкэ баһылыга аһылык бэлэмнээһинин уонна хомуур хампаанньаларын барыллаан түмүктэрин таһаарбыта уонна кэлэр сылга сүрүн сорудахтары туруорбута. Биэриигэ Ил Дархан аграрийдарга ыыппыт үлэлэригэр махтанна. Сиһилии видеоҕа көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Айсен Николаев: Быһа эпииргэ киирбит хоруйдар салгыы быһаарыллаллар Балаҕан ыйын 27 күнүгэр ыытыллыбыт Быһа эпииргэ Ил Дархан олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдаабыта. Айсен Николаев Бырабыыталыстыбаҕа уонна анал идэлээх биэдэмистибэлэргэ сорудахтары биэрбитин кэнниттэн ыытыллыбыт үлэҕэ сыанатын биэрдэ. Ол курдук, бу сорудахтар хайдах олоххо киирэллэрин, ханнык түмүктэр номнуо ситиһиллибиттэрин өрөспүүбүлүкэ баһылыга кэпсээтэ. Сиһилии видеоҕа көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Айсен Николаев: Көлүөнэлэр ситимнэрэ биһиги уолаттарбытын кыайыылаах-хотуулаах оҥорор Саха сирэ уопсайа 14 РФ Дьоруойданна. Бу ыйга үрдүк ааты Александр Находкин сүктэ. Саха сирин байыастара анал байыаннай дьайыыга көрдөрөр хорсун быһыыларын, холобур буолууларын туһунан Ил Дархан санаатын үллэһиннэ: «Саха сирин олохтоохторун бу сонун үөртэ. Александр Находкин өр сыллаах байыаннай сулууспатынан бу наҕарааданы сүктэ. 2014 сылтан баҕа быһыытынан Донбасска сулууспалаабыта. СВО саҕаланыаҕыттан анал байыаннай дьайыы балаһатыгар барбыта. Хорсун быһыытын иһин РФ Дьоруойун сулуһун туттардылар. Биһиги уолаттарбыт холобурдара — төрөөбүт дойдуга тыыннаах таптал, өйдөбүнньүк, утумнааһын, үгэстэр дакаастабыла» Сиһилии видеоҕа көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost ⚡️Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия вперед!» биэриигэ ый түмүктэрин таһаарыаҕа Бүгүн, алтынньы 27 күнүгэр, «Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев кыттыаҕа. Ил Дархан бырагыраама кэмигэр алтынньытааҕы түмүктэри таһаарыаҕа. Биэрии олохтоох бириэмэнэн 20:00 чаастан НВК «Саха» ханаалга, «Тэтим» араадьыйаҕа саҕаланыаҕа, 20:30 чаастан — «Якутия 24» ханаалга. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Саха сирин киинэ бэстибээлин үөрэҕин бырагыраамата бары баҕалаахтарга аһаҕас буолуоҕа Саха сирин IX норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин үөрэҕин бырагыраамата бары баҕалаахтарга аһаҕас буолуоҕа. Бу туһунан ТАСС-ка пресс-кэмпириэнсийэҕэ Саха сирин кинематографистарын ассоциациятын салайааччыта, үөрэх блогун сүрүннүүр режиссер Степан Бурнашев иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, тэрээһиннэргэ хас да дойдуттан эспиэрдэр кыттыахтара, оттон болҕомто ордук продюсердааһын боппуруостарыгар ууруллуоҕа. Саха сирин IX норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ РФ Култуураҕа министиэристибэтин өйөбүлүнэн сэтинньи 4 күнүттэн 9 күнүгэр диэри Дьокуускайга ыытыллыаҕа. Хаартыска: Сахафильм nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
«Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»сериалы куоттарыма!😍👏🏼 «Саха» НКИХ ханаалыгар бүгүн, алтынньы 27 күнүгэр, 21:00 чаастан сериалы көрөргүн умнума!🫶🏼 Сценарист-Сайаана Эверстова, режиссер-Ярослав Касьянов. @sakha_serial_nvk @nvk_sakha
-
«Саха» НКИХ сериалларын МАКС ханаала арылынна👏🏻 Саҥа тахсар сериалларбыт, киинэлэрбит ырытыылара, биллэриилэрэ, кастинг уонна да атын сериалы кытта сибээстээх иһитиннэриилэр бу ханаалга тахсыахтара: https://max.ru/join/4tnVZkL8rJptTOkSrgUQM42VzoaSdm4ifi3OtEXrEq4 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Тааттаттан сурутааччыбыт интэрниэт ситимиттэн бэрт табыгастаах ньыманы булан олоххо киллэрбит. Үс ойбону алларбыт, итиэннэ пластик турбанан уонна борубулуоханан оҥорбут тэрилинэн туттаран буотараҕы сууйбут. Видео: Семен Рахлеев/Уолба nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 🤩👏🏻«Тооку» ойуулук аниматор-худуоһунньуга, «Тооку уонна Чысхаан» толору кээмэйдээх ойуулукка анимацияҕа үлэлэспит Арылхан Ноговицын ТЭФИ КИДС бириэмийэҕэ кыайыы улахан хардыыны оҥорорго төһүү күүс буоларын бэлиэтээтэ! @tookufest
-
⚡️Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия вперед!» биэриигэ ый түмүктэрин таһаарыаҕа Бүгүн, алтынньы 27 күнүгэр, «Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев кыттыаҕа. Ил Дархан бырагыраама кэмигэр алтынньытааҕы түмүктэри таһаарыаҕа. Биэрии олохтоох бириэмэнэн 20:00 чаастан НВК «Саха» ханаалга, «Тэтим» араадьыйаҕа саҕаланыаҕа, 20:30 чаастан — «Якутия 24» ханаалга. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost Беспилотные системы: отдельная специализация и специальный контракт Как готовят операторов БПЛА? Где пройти обучение и какие возможности открывает служба в подразделениях беспилотных систем? В нашем интервью инструктор учебного центра рассказывает об особенностях специального контракта, подготовке будущих специалистов и обучении работе с беспилотниками — от практических полётов на симуляторах до изучения технического устройства дронов. Мы также обсудили, как проходит обучение, какие дополнительные дисциплины изучают курсанты и куда обращаться тем, кто рассматривает службу в подразделениях беспилотных систем. Полную версию смотрите по ссылке: https://vk.ru/wall-241204890_17 🔝 Успей вступить в ряды элитных войск беспилотных систем по спецконтракту на 1 год! Подробности по телефонам: 8-923-231-80-30 8-800-100-37-56 #ВойскаБПС БЕСПИЛОТНЫЕ СИСТЕМЫ ЯКУТИИ: https://max.ru/channel_bps14
-

🛣️«Дьааҥы» айан суолугар икки саҥа муостаны арыйдылар Бүгүн Томпо улууһугар «Дьааҥы» айан суолугар Кураанах уонна Уулаах өрүстэри туоруур икки саҥа муостаны арыйдылар. Тополинай олохтоохторугар үөрүүлээх күн үүннэ: төгүрүк сыл устата сэлиэнньэлэригэр диэри айанныыр, бородууктаны, эми-тому, наадалаах таһаҕаһы тиэйэн аҕалар кыахтаннылар. Муосталар тутууларыгар «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыак 640 мөл тахса солк көрүллүбүтэ. «Муосталар тутууларыгар, суолу тупсарыыга кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар махталбын тиэрдэбин. Бу ситиһии Уһук Хоту уустук усулуобуйатыгар үлэлээбит дьон сыралаах үлэлэрин, идэлэлигэр бэриниилээхтэрин түмүгэ буолар. Ордук «Дьааҥы» сайдыытыгар «Прогноз-Серебро» хампаанньа кылаатын бэлиэтиэхпин баҕарабын: хампаанньа Тополинай-Прогноз хостонор баайдаах сир-Барылас хайысхатынан 350 км уһуннаах суолу туппута», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-

👏Сунтаар охчуттара Мииринэйгэ АЛРОСА күрэҕэр мэтээллэри ыллылар Алтынньы 25 күнүгэр Мииринэй куоратыгар оҕунан ытыыга «АЛРОСА» бастыыр иһин аһаҕас күрэҕэ буолан ааста. Спортсменнар соҕотохтуу уонна хамаанданан көрүҥнэргэ кииристилэр. Төрүт ох саанан ытыыга кэрэ аҥаардарга Сунтаар 1 №-дээх орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Арина Попова боруонса мэтээли ылла. Хамаанданан булкаастаах күрэххэ эмиэ ситиһии тосхойдо. «Стерх» хамаандаҕа Арина Попова (Сунтаар), Лидия Рязанская (Мииринэй) уонна Тамара Рыбникова (Мииринэй) киирдилэр. Кинилэр күрэх түмүгүнэн бастакы миэстэ буоллулар. «Олонхо дойдута» хамаанда үһүс миэстэни ылары ситистэ. Манна Наина Поскачина уонна Соня Черепанова (иккиэн — Сунтаар), ону тэҥэ Марина Коротова (Мииринэй) күрэхтэстилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost ⚡️ Олимпийский урок в Алдане: школьники встретились с российскими биатлонистами В Алдане прошел олимпийский урок. Учащиеся встретились с российскими биатлонистами — тренером мужской сборной России Андреем Падиным, чемпионкой Европы и многократной чемпионкой России Викторией Бажиной и чемпионом мира среди юниоров, чемпионом России Кириллом Бажиным. Спортсмены рассказали о своих достижениях и спортивной карьере, а также ответили на вопросы школьников. Ребята узнали, как приходят к большим победам, и получили советы от тех, кто представляет страну на крупнейших соревнованиях. @sakhasporttv
-
repost 
🎉ТООКУ ТЭФИГЭ🎉 "Саха" НКИХ "Тооку уонна Чысхаан" ойуулуга "ТЭФИ -Kids" 2026 телевизионнай бириэмийэҕэ улахан ситиһиилэннэ - "Оҕолорго аналлаах бастыҥ анимационнай киинэ" номинация кыайыылааҕынан ааттанна🥳🥳🥳 "Тооку" ханаал айар бөлөҕөр, халыҥ хамаандатыгар истиҥ эҕэрдэ! 👏👏👏 Кырачаан көрөөччүлэргэ да биир идэлээхтэрбитигэр да үөрүүлээх сонун! Саха ойуулуга инникилээх, кэнчээри ыччакка туһалаах буоллун, өссө да үрдүк чыпчаалга сирдии турдун!✊ 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
-

👏Кириэстээххэ ийэлэри сэргэхситэр квиз оонньоттулар Алтынньы 24 күнүгэр Сунтаар улууһун Кириэстээх нэһилиэгэр Күн күбэй ийэлэргэ анаан «Саргы түһүлгэтэ» култуура киинэ «Матери России» ийэлэр хамсааһыннарын кытта квиз оонньуу тэрийэн ыыттылар. Нэһилиэккэ олорор ийэлэр 5 хамаанданы туруордулар. «Мамы пацанов», «Ийэ мичээрэ», «Ангелы», «Леди квиз», «Мамы в черном» хамаандалар 5 түһүмэҕинэн оонньоотулар. Күрэх түмүгүнэн Кириэстээх орто оскуолатын воспитательнай отделын хамаанда «Мамы в черном» кыайан, култуура киинэ уонна «Матери России» харчынан бириэмийэлэрин туттулар. Бырааһынньыктааҕы киэһэҕэ ырыалар ылланнылар, эҕэрдэ нүөмэрдэр, атыы-эргиэн быыстапка тэрилиннэ. Кэлбит ийэлэр бары сынньанан, үөрэн-көтөн иллэҥ кэмнэрин сэргэхтик атаардылар. «Матери России» Кириэстээхтээҕи түмсүүтэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
- Older posts