Саха сирин киинэ бэстибээлин үөрэҕин бырагыраамата бары баҕалаахтарга аһаҕас буолуоҕа Саха сирин IX норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин үөрэҕин бырагыраамата бары баҕалаахтарга аһаҕас буолуоҕа. Бу туһунан ТАСС-ка пресс-кэмпириэнсийэҕэ Саха сирин кинематографистарын ассоциациятын салайааччыта, үөрэх блогун сүрүннүүр режиссер Степан Бурнашев иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, тэрээһиннэргэ хас да дойдуттан эспиэрдэр кыттыахтара, оттон болҕомто ордук продюсердааһын боппуруостарыгар ууруллуоҕа. Саха сирин IX норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ РФ Култуураҕа министиэристибэтин өйөбүлүнэн сэтинньи 4 күнүттэн 9 күнүгэр диэри Дьокуускайга ыытыллыаҕа. Хаартыска: Сахафильм nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube