НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 3.0%706 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

🛣️«Дьааҥы» айан суолугар икки саҥа муостаны арыйдылар Бүгүн Томпо улууһугар «Дьааҥы» айан суолугар Кураанах уонна Уулаах өрүстэри туоруур икки саҥа муостаны арыйдылар. Тополинай олохтоохторугар үөрүүлээх күн үүннэ: төгүрүк сыл устата сэлиэнньэлэригэр диэри айанныыр, бородууктаны, эми-тому, наадалаах таһаҕаһы тиэйэн аҕалар кыахтаннылар. Муосталар тутууларыгар «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыак 640 мөл тахса солк көрүллүбүтэ. «Муосталар тутууларыгар, суолу тупсарыыга кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар махталбын тиэрдэбин. Бу ситиһии Уһук Хоту уустук усулуобуйатыгар үлэлээбит дьон сыралаах үлэлэрин, идэлэлигэр бэриниилээхтэрин түмүгэ буолар. Ордук «Дьааҥы» сайдыытыгар «Прогноз-Серебро» хампаанньа кылаатын бэлиэтиэхпин баҕарабын: хампаанньа Тополинай-Прогноз хостонор баайдаах сир-Барылас хайысхатынан 350 км уһуннаах суолу туппута», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075027 Oct 06:0610 Nov 22:0674027 Oct 06:06: 0 views10 Nov 22:06: 740 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
27 Oct 2026, 06:060
10 Nov 2026, 22:06740

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.