НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%705 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
  1. repost

    🎿 КУБОК «СЕЛИГДАРА» — В АЛДАНЕ! С 27 по 29 октября на лыжно-биатлонном комплексе СШОР «Алдан» пройдут всероссийские соревнования по лыжным гонкам — Кубок «Селигдара». На старт выйдут сильнейшие лыжники страны! Зрителей ждут захватывающие гонки, напряжённая борьба и яркие спортивные эмоции. 📺 Смотрите прямые трансляции на телеканалах НВК «Саха», «Якутия 24» и «Мамонт». 💻 Интернет-трансляции будут доступны на платформах RUTUBE и VK Видео. @sakhasporttv

  2. ✊СВО бэтэрээнэ улахан эчэйии кэнниттэн бэйэ дьыалатыгар ылсыбыт Алексей Платонов 2024 сылга баҕа өттүнэн дойду интэриэһин көмүскүүргэ быһаарыммыта. Штурмовой подразделениелар састааптарыгар сылдьан ыарахан тургутуулары ааспыта. Бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан байыас улахан эчэйиини ылбыта – икки атаҕын ампутациялаабыттара. Анал байыаннай дьайыыга эр санаатын уонна хорсунун иһин кини командованиета «За укрепление боевого содружества» мэтээлгэ түһэрбитэ. Алексей эйэлээх олоххо төннөн баран аҕатын холобурунан сыбаарканан дьарыктанарга быһаарыммыт. Кини тимиртэн араас оҥоһуктары оҥорон таһаарбыт баай уопуттаах эбит. Бэйэ дьыалатын тэринэргэ сөптөөх үнүстүрүмүөн, тэрил көстүбэтэх. Ол иһин СВО бэтэрээнэ «Защитники Отечества» пуонда филиалын сүбэтин ылан, бырайыагын ситиһиилээхтик көмүскээн, СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин кытта социальнай хантыраак түһэрсэн, бэйэ дьыалатын тэринэн саҕалаабыта. Күн бүгүн Алексей урбаанньыт, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ, оройуон таһымнаах күрэхтэһиилэр көхтөөх кыттааччыта буолар. 2025 сылга бэтэрээн остуол тенниһигэр кэлээскэлээх дьон ортолоругар бастаабыта уонна буулдьанан ытыыга иккистээбитэ. Маны сэргэ кини Аҕа дойдуну көмүскээччилэр куубагын регионнааҕы түһүмэҕэр, «Дьулуур» спорт адаптивнай көрүҥнэригэр спартакиадаҕа уонна нуучча дуобатын турнирыгар ситиһиилээхтик кыттан турардаах. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. ⛴️Бүгүн паромнар бүтэһигин сайыҥҥы тарыыбынан үлэлииллэр Алтынньы 26 күнүгэр Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар сайыҥҥы тарыыбынан үлэлииллэр. Бүгүн сайыҥҥы тарыыбынан бүтэһик күннэрин үлэлииллэр диэн СӨ тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Салгыы паромнар үрдэтиллибит тарыыбынан айанныахтара. «Навигация сабыллыбытын кэнниттэн тарыыптар судаарыстыба өттүттэн хонтуруолламматтар», — диэн биэдимэстибэҕэ иһитиннэрдилэр. Алтынньы 26 күнүгэр 8 паром үлэлиирэ бэлиэтэнэр. Ол кэнниттэн 3 мууһу алдьатар паром айанныаҕа. «Паромы Якутии» салайааччыта Николай Ефимов СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, таһаҕаһы тиэйэр массыынаҕа биир сырыыга айан сыаната 100 тыһ солк диэри буолуон сөп. Кыра массыыналарга маркатыттан айан сыаната 5 тыһ-15 тыһ солк тэҥнэһиэҕэ. Ол гынан баран пассажирдарга айан сыаната оннунан хаалар – улахан дьоҥҥо 350 солк. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. 🥰🎥«ТАПТАЛЫ ЭРЭЙЭР СҮРЭХТЭР» СЕРИАЛ «Саҥа күн» биэриигэ Барыыс оруолун толорооччу Евгений Григорьев уонна Алевтина оруолун толорооччу Ульяна Захарова ыалдьыттаатылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. 🪖🏹Тааттаҕа СВО кыттыылааҕа Анатолий Данилов аатынан буулдьанан ытыыга күрэх ыытылынна Алтынньы 24 күнүгэр Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, РФ Сэбилэниилээх Күүстэрин офицера, 394 нүөмэрдээх мотострелковай батальон маҥнайгы ротатын хамандыыра, Хорсунун иһин уордьан кавалера, Таатта улууһун олохтооҕо Анатолий Данилов аатынан буулдьанан ытыыга маҥнайгы күрэх үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Дьиэ кэргэнин, аймах-билэ дьонун, доҕотторун, үөлээннээхтэрин, бойобуой доҕотторун, улуус буулдьанан ытыыга федерациятын, спорт кэмитиэтин, оҕо спортивнай оскуолатын көмөтүнэн тэриллибит күрэхтэһиигэ Тааттаттан, Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Амматтан, Горнайтан 72 ытыыны сэҥээрэр, үлүһүйэн дьарыктанар киһи кытынна. Уопсай бириис пуондата – 750 тыһ. солк. 6 кэмпилиэк мэтээл оонньонно. Бастакы миэстэҕэ 25 тыһ. солк туттарылынна, иккискэ – 18 тыһ. солк, үһүскэ –13 тыһ. солкуобай. Муҥутуур кыайыылаахха оптикалаах «Тигр» карабины 394-с мотострелковай полка байыастара, «Леший-2» винтовканы «Эксперт Телеком» тэрилтэ уонна Александр Посельскай дьиэ кэргэнэ, 30 тыһыынчалаах сертификаты Таатта тутааччыларын түмсүүтэ туруордулар. Маны тэҥэ элбэх анал бириистэри олохтоотулар. Эр дьоҥҥо муҥутуур кыайыылаах Чурапчы Кытаанаҕыттан 22 саастаах Михаил Аржаков бойобуой доҕоттор туруорбут оптикалаах «Тигры» бэлэх тутта. Дьахталларга муҥутуур кыайыылааҕынан Чурапчы улууһун бэргэн ытааччыта Виктория Ераскумова ааттанна уонна «Эксперт Телеком» тэрилтэ, Александр Посельскай дьиэ кэргэнэ туруорбут «Леший-2» винтовканан наҕараадаланна. Доруобуйаларынан хааччахтаах кыттааччылартан муҥутуур кыайыылааҕынан Уус Алдантан Елизавета Васильева буолла. СВО кыттыылааҕа Алексей Уваров Тааттаттан анал байыаннай дьайыы байыастарын «Таатта Мохсоҕоллоро» түмсүү анал бирииһин тутта. Анатолий Данилов төрөппүттэрэ, дьиэ кэргэнэ, бииргэ төрөөбүттэрэ маҥнайгытын ыытыллар күрэх тэрийсиитигэр кыттыспыт, күүс-көмө буолбут дьоҥҥо махтаннылар, бу күрэх салгыы сайдан иһиэҕэ диэн иһитиннэрдилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. 🩺💊Инбэлииттэр итиэннэ кырдьаҕастар дороубуйаларын туругун чөлүгэр түһэрэр күнүскү отделение Бүлүү улууһугар социальнай көмүскэл салалтатын иһинэн 2002 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта, онуоха бу сыллар устата өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан тыһыынчанан аҕам саастаах дьон кэлэн доруобуйатын туругун тупсарда. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. 👏Бүлүү улууһун Үгүлээт орто оскуола 60-тан тахса үөрэнээччилээх. Манна 2017 сылтан «Эдэр урбаанньыт» диэн сонун бырайыак саҕаламмыта, онтон салгыы оскуола бу хайысхатын өссө кэҥэтэн өрөспүүбүлүкэтээҕи инновационнай былаһаакка буолары ситиспитэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. 💧Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр Даача түөлбэ олохтоохторо 3 сыллааҕыта киин ититиигэ холбонуохтарыттан туттар уу ситимин туруорсубуттара. Олохтоохтор, депутаттар, салалта бииргэ үлэлээбиттэрин түмүгэр тымныы уунан хааччыйар станция тутуллан үлэҕэ киирдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. 😃👋👍❄️ Арҕааттан тыаллаах сымнаҕас маҥан хаар түһэр Ыраас салгыннаах Саҥа сарсыардабыт саҕаламмытынан Аралыйа арылыннын алгыстаах аартыкпыт Эрчимнээх эйэҕэс эҕэрдэлээх Үөрүүлээх үчүгэй сонуннаах Кэрэни кэрэхсэтэр үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйар саҥа күммүт саҕаламмытынан. Дьуон Элэһин nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. Программа ТВ НВК "Саха" на 26 октября (пн.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Аал луук мас 12+ 15:45-Актуальное интервью 12+ 15:45-Кавказский поход 12+ 16:15-Хантан хааннаахпытый 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Омоон суоллар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Сэмсэ санаа 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Тапталы эрэйэр сүрэхтэр" телесериал 12+ 21:45-Якутия в деталях 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Сэмсэ санаа 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Хантан хааннаахпытый 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. edited

    🤩👏🏻Таатта улууһугар иккис сылын «Ийэ оҕотунаан — биир тэтимҥэ» үҥкүү күрэҕин ыыттылар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. 📚Сунтаар кииннэммит библиотекатын дьиэтэ эргэрэн, хаарбах туруктанан бу күһүн «Березка» уһуйаан дьиэтигэр көспүтэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. 🌿🍃АГАТУ-га «Фермер оскуолата» диэн үөрэх ыытылынна nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. 🧊Таатта улууһуттан Петр Полускин муус ылар тэриллэри оҥостубут. Олус табыгастааҕын, үлэни чэпчэтэрин бэлиэтиир. «Бу муус ылар тэриллэри оҥоруунан ыалым Нестер Егасов дьарыктаммыта уонча сыл буолла. Ону үтүктэн бэйэбэр оҥостон астына-дуоһуйа тутта сылдьабын»,-диэн Петр санаатын үллэһиннэ. Видео: Петр Полускин nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. 🌾Сунтаар улууһугар Уһун Күөлгэ тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр туох үлэ барарый nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. 👏🏻Лөгөй лицей-интернатын саха тылын уонна литературатын учуутала Валентина Тищенко бүтүн Россиятааҕы төрөөбүт тыл күрэҕэр «Слово, которое объединяет» анал ааты ылбыта nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. edited

    🚘🛞Бүгүн – Суоппар күнэ Алтынньы 25 күнүгэр суоппардар күннэрэ бэлиэтэнэр. Силлиэни-буурҕаны, хаары-самыыры, тибиини-бадарааны аахсыбакка, ыраах диэн саллыбакка, утуйар ууларын умнан туран, доруобуйаларын харыстаммакка, бириэмэлэрин аахсыбакка үлэлиир дьоммутун идэлээх күҥҥүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. НВК «Саха» ханаалга ыраах айан суоппардара күөн күрэстэрэ сэтинньи 9 күнүттэн көстүөҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. Алтынньы 25 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ хаардыыра күүтүллэр Саха сирин үгүс оройуоннарыгар алтынньы 25 күнүгэр кыра, сорох сирдэринэн орто хаар түһэрэ күүтүллэр. Тыал сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх үрүөҕэ, Арктика оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 19-24 миэтэрэ, түүн сөкүүндэҕэ 27-32. Түүн -10...-15, сарсыарданан -15...-20, соҕуруулуу-арҕаа -5...-10, хотугулуу-илин -21...-26. Күнүс -5...-10, соҕуруулуу-арҕаа 0...-5, хотугулуу-илин -10 ... -15. Дьокуускайга түүн -10...-12, күнүс -5 ... -7. Сарсыарда уонна күнүс кыралаан хаардыыра күүтүллэр, хотугулуу-арҕаа тыал сөкүүндэҕэ 5-10 миэрэ түргэннээх үрүөҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. Older posts