НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%704 avg views
Posting 21.8/day last 7 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

✊СВО бэтэрээнэ улахан эчэйии кэнниттэн бэйэ дьыалатыгар ылсыбыт Алексей Платонов 2024 сылга баҕа өттүнэн дойду интэриэһин көмүскүүргэ быһаарыммыта. Штурмовой подразделениелар састааптарыгар сылдьан ыарахан тургутуулары ааспыта. Бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан байыас улахан эчэйиини ылбыта – икки атаҕын ампутациялаабыттара. Анал байыаннай дьайыыга эр санаатын уонна хорсунун иһин кини командованиета «За укрепление боевого содружества» мэтээлгэ түһэрбитэ. Алексей эйэлээх олоххо төннөн баран аҕатын холобурунан сыбаарканан дьарыктанарга быһаарыммыт. Кини тимиртэн араас оҥоһуктары оҥорон таһаарбыт баай уопуттаах эбит. Бэйэ дьыалатын тэринэргэ сөптөөх үнүстүрүмүөн, тэрил көстүбэтэх. Ол иһин СВО бэтэрээнэ «Защитники Отечества» пуонда филиалын сүбэтин ылан, бырайыагын ситиһиилээхтик көмүскээн, СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин кытта социальнай хантыраак түһэрсэн, бэйэ дьыалатын тэринэн саҕалаабыта. Күн бүгүн Алексей урбаанньыт, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэ, оройуон таһымнаах күрэхтэһиилэр көхтөөх кыттааччыта буолар. 2025 сылга бэтэрээн остуол тенниһигэр кэлээскэлээх дьон ортолоругар бастаабыта уонна буулдьанан ытыыга иккистээбитэ. Маны сэргэ кини Аҕа дойдуну көмүскээччилэр куубагын регионнааҕы түһүмэҕэр, «Дьулуур» спорт адаптивнай көрүҥнэригэр спартакиадаҕа уонна нуучча дуобатын турнирыгар ситиһиилээхтик кыттан турардаах. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080026 Oct 03:1110 Nov 22:0670426 Oct 03:11: 0 views10 Nov 22:06: 704 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
26 Oct 2026, 03:110
10 Nov 2026, 22:06704

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.