⛴️Бүгүн паромнар бүтэһигин сайыҥҥы тарыыбынан үлэлииллэр Алтынньы 26 күнүгэр Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар сайыҥҥы тарыыбынан үлэлииллэр. Бүгүн сайыҥҥы тарыыбынан бүтэһик күннэрин үлэлииллэр диэн СӨ тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Салгыы паромнар үрдэтиллибит тарыыбынан айанныахтара. «Навигация сабыллыбытын кэнниттэн тарыыптар судаарыстыба өттүттэн хонтуруолламматтар», — диэн биэдимэстибэҕэ иһитиннэрдилэр. Алтынньы 26 күнүгэр 8 паром үлэлиирэ бэлиэтэнэр. Ол кэнниттэн 3 мууһу алдьатар паром айанныаҕа. «Паромы Якутии» салайааччыта Николай Ефимов СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, таһаҕаһы тиэйэр массыынаҕа биир сырыыга айан сыаната 100 тыһ солк диэри буолуон сөп. Кыра массыыналарга маркатыттан айан сыаната 5 тыһ-15 тыһ солк тэҥнэһиэҕэ. Ол гынан баран пассажирдарга айан сыаната оннунан хаалар – улахан дьоҥҥо 350 солк. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR)
2.9%704 avg views
Posting
21.8/day
last 7 minutes ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 26 Oct 2026, 02:38 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 723 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.