НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%702 avg views
Posting 21.8/day last 13 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

🤩Горнайга «Уларыйыы» диэн киэҥ далааһыннаах социальнай бырайыак үлэлээтэ Горнай улууһугар олох хаачыстыбатын тупсарар уонна нэһилиэнньэ доруобуйатын бөҕөргөтөр соруктаах кэскиллээх тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Гериатрическэй киин үрдүк квалификациялаах быраастара оробуочай сырыынан Горнай улууһугар тиийэн таһаарыылаахтык үлэлээтилэр. Горнай улууһугар Доруобуйа сылыгар уонна улууска доруобуйа харыстабылын 95 үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт «Уларыйыы» (Преображение) диэн киэҥ далааһыннаах социальнай бырайыак үлэтин саҕалаабыта. Чөл олоҕу уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтөр соруктаах ураты бырайыагы СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, бастыҥ медицинскай кииннэр уонна улуус дьаһалтата биир сыалга сомоҕолоһон сүрүннүүллэр. Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи киин тутаах исписэлиистэрэ — клиническэй психолог уонна диетолог быраастара — кэлэннэр, бырайыак кыттыылаахтарын кытта истиҥ көрсүһүүнү тэрийдилэр. Кинилэр дьоҥҥо-сэргэҕэ сөптөөх ас туһунан дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэриилэри оҥордулар, олохтоохторго туһалаах сүбэ-ама биэрдилэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи гериатрическэй киин быраастара улуустааҕы кырдьаҕастар уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон олорор анал интернаттарыгар эмиэ сырытылар. Манна кинилэр кырдьаҕастары кытта атах тэпсэн олорон, истиҥник кэпсэттилэр. Мэйии үлэтин сайыннарыы уонна анал эрчиллиилэр көмөлөрүнэн эрдэ түөһэйииттэн (деменцияттан) харыстаныыга туһуламмыт боростуой, ол эрээри олус туһалаах ньымалары көрдөрөн, сырдатар үлэни ыыттылар. Дьон өй-санаа уонна эт-сиин өттүнэн чэгиэн буоларын ситиһэр маннык ураты социальнай бырайыактар олохтоох нэһилиэнньэ олоҕун уһатыыга уонна доруобуйа харыстабылыгар дьоһуннаах төһүү күүс буолаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075020 Oct 07:4210 Nov 22:0674320 Oct 07:42: 0 views10 Nov 22:06: 743 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
20 Oct 2026, 07:420
10 Nov 2026, 22:06743

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.