НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%702 avg views
Posting 21.8/day last 4 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

👍СУНТААРГА ЛЕСНОЙ КҮРГЭТЭ САҤАРДЫЛЫННА Сунтаар нэһилиэгин түөлбэлэрэ олус түмсүүлээхтэр. Бэйэ олорор сирин усулуобуйатын тупсарар туһуттан араас үлэни кыайа туталлар. Бу өрөбүллэргэ Абаҕа түөлбэ олохтоохторо түмсэн Лесной күргэтин саҥартылар. Бу күргэ тула хас киһи олоҕо ааспытай, хардыыта оҥоһуллубутай, таптаһар сүрэхтэр көрсөр сирдэрэ буолбута буолуой. Лесной түөлбэҕэ билигин уонтан тахса ыал олорор, санаторнай оскуола, Айыы арчыта, уу ыраастыыр ыстаансыйа үлэлиир. Сатыы сылдьааччы үгүһэ бу күргэнэн сылдьар. Урукку кэмҥэ манна улахан күргэ оҥоһуллан тыраахтыр тимир көлө кытта туоруура үһү, ол күргэни улахан уу алдьатан, саҥа мас күргэ киһи сылдьарыгар ананан оҥоһуллубута. Онтон бэттэх сыл-хонук ааһан муоста эргэрэн дьон сылдьарыгар кутталланан турбутун саҥардан эрэллэр. Үс күн устата манна улуус, нэһилиэк депутаттарын, олохтоохторун кытта атын тэрилтэлэр эмиэ күүс-көмө буоллулар. Нэһилиэк дьаһалтата сүрүн күүс буолла, «Сунтаравтодор», «Главстройкомплекс»матырыйаалынан көмөлөстө, ЖКС, «Бартыһаан» үлэһиттэрэ бэйэлэринэн кэлэн илии-атах буоллулар о.д.а көмө буолбут дьоннор элбэхтэр. Уолаттар үлэлэрин күөдьүтэн, түөлбэ кэрэ аҥаардара үүттээх чэйи, дьиэ аһын илдьэ кэлэн күн аайы үстэ-түөртэ аһаттылар, минньигэс астарынан күндүлээтилэр. Саҥардыллыбыт күргэнэн бастакы туорааччыга кыра сакалаат оҕото бэлэмнэннэ. Аны эһиил сатаннаҕына күргэ иккис эҥээрин саҕардыахха баара диэн ыра санаа иһилиннэ. ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075020 Oct 03:4610 Nov 22:0674020 Oct 03:46: 0 views10 Nov 22:06: 740 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
20 Oct 2026, 03:460
10 Nov 2026, 22:06740

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.