🙏Кутанаҕа үтүө дьыаланы оҥоруу тохтообот
Сунтаар улууһун Кутана нэһилиэгэр ийэлэргэ, аҕаларга аналлаах тэрээһиҥҥэ кыттыһан «Алгыс» кулууп иһинэн үлэлиир «Матери России» түмсүү Дьоруой ийэлэрбитигэр, элбэх оҕолоох ийэлэрбитигэр, соҕотох аҕабытыгар, тулаайах оҕолорбутугар хаппыыста тарҕаттыбыт.
ИП Игорь Яковлев кэргэнинээн Надежда Геннадьевналыын спонсордаатылар. Бу дьиэ кэргэҥҥэ махталбыт улахан, үлэлэригэр ситиһиилэри, дьолу баҕарабыт!
Кутанатааҕы «Матери России» түмсүү салайааччыта Тамара Оконешникова иһитиннэриитэ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
+1
👍😍Ааттаах Лесной күргэтэ саҥардыллан эрэр
Лесной күргэтэ «Абаҕа» түөлбэтигэр ураты суолталаах аппаны туоруур күндү далаһа. Кэнники сылларга күргэ олус эргэрэн дьон далаһа оҥосторугар кутталлаах буолбута. Онуоха Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтата, түөлбэ эр дьоно турунан бэркэ сыбааркалаан, уһанан саҥа күргэ тутуутун силигэ ситэн эрэр.
Көрүөххэ астык, истиэххэ бэртээхэй! Махтал үлэлэспит бар дьоҥҥо!
Тускулаана
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
🤩👏«ТЫЫЙ!» ЧАБЫРҔАХ КҮРЭҺЭ
Күн бэҕэһээ күрэс быһа эпииргэ түмүктэннэ. Үһүс төгүлүн буолан ааста.
«Саҥа күн» биэриигэ «Тыый!» чабырҕах күрэһин кылаан чыпчаал кыайыылааҕа Сардаана Федорова уонна көрөөччү биһирэбилин кыайыылааҕа Нюргуяна Саввинова ыалдьыттаатылар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🥰🎥«ТАПТАЛЫ ЭРЭЙЭР СҮРЭХТЭР» СЕРИАЛ
«Саҥа күн» биэриигэ сүрүн оруолу толорооччулар Алена Туприна уонна Василий Федоров ыалдьыттаатылар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
💬М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институт дириэктэрэ, «Тыый» күрэххэ дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ Гаврил Торотоев бырайыак, кыттааччылар таһымнара сыллата үрдээн иһэрин бэлиэтиир уонна инникитин киэҥ эйгэҕэ тахсыа, саха омук сэҥээриитин ылыа дии саныыр.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
💬СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Саха» НКИХ «Хотугу сулус» оҕо телерадиоакадемиятын уонна «Тыый» бырайыак салайааччыта Татьяна Гоголева чабырҕахсыттар күрэхтэрэ түмүктэммитинэн эҕэрдэлиир!
Бырайыакка көрөөччү сэҥээриитэ улахан буолан үлэ күөстүү оргуйарын эттэ.
«Тыый» бырайыакка үлэлэспит, кыттыбыт дьоҥҥо Татьяна Гоголева махтанар.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
👏🏼🤩«Тыый» бырайыак кыайыылааҕа Сардаана Федорова буолла
НВК «Саха» ханаалга үһүс төгүлүн ыытыллар «Тыый» чабырҕахсыттар күрэхтэрэ ситиһиилээхтик түмүктэннэ.
Добун түһүлгэ муҥутуур кыайыылааҕа Чурапчы улууһуттан Сардаана Федорова 150 000 тыһ. солкуобай харчынан наҕараадаланна.
Онтон «Көрөөччү биһирэбилэ» аакка 2771 куоластаах Горнай улууһуттан Нюргуяна Саввинова ылла. Кини 100 тыһ. солкуобайы сүүйдэ.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
☀️🙂✊🏼Саҥа нэдиэлэнэн,
Ааспыт кэмнэргэ махтана,
Бүгүҥҥү күҥҥэ итэҕэйэ,
Кэлэр кэмҥэ эрэнэ,
Ыра санаанан,
Эрчим хаамыынан
Иннибит диэки баран иһиэҕин,
Санаабытын көтөҕөн
Сэргэх сэһэн дэлэйдин,
Сирдээҕи олох кэрэтэ
Күнүн аайы сандаардын
Эйэлээх олох эргийдин,
Саргы дьаалы салалыннын
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 19 октября (пн.)
06:00-Саҥа күн 6+
09:00-Утро Якутии 6+
10:00-Новости 12+
10:15-Күбэйэ 6+
11:15-Асчыттар 12+
12:00-Новости 12+
12:17-Эйгэ 12+
13:30-Сонуннар 12+
14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+
15:00-Аал луук мас 12+
15:45-Актуальное интервью 12+
16:00-Геван 12+
16:30-Хантан хааннаахпытый 12+
17:00-Тэтим 12+
18:00-Новости 12+
18:15-"Омоон суоллар" телесериал 12+
19:00-Новости 12+
19:15-Сэмсэ санаа 12+
20:30-Сонуннар 12+
21:00-"Тапталы эрэйэр сүрэхтэр" телесериал 12+
21:45-Якутия в деталях 12+
22:30-Итоги дня 12+
23:00-Эйгэ 12+
00:15-Сэмсэ санаа 12+
01:30-Күбэйэ 6+
02:30-Тэтим 12+
03:30-Асчыттар 12+
04:15-Хантан хааннаахпытый 12+
04:45-Документальный фильм 12+
Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
👏🏻Майаҕа Ытарҕалаах бульвар бырайыак бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🍲Тааттаҕа төрүт ас күнүгэр Иннокентий Тарбахов үөрэнээччилэрэ, Дьокуускай бөдөҥ рестораннарын шеф-повардара Таатта уолаттара саха амтаннаах аһын астаан көрдөрдүлэр.
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🌊🏔Бүлүү эбэ үрдүгэр Наахара хайатыгар саҥа смотровой муоста арылынна
Сунтаар Наахаратыгар олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама күүһүнэн тутуллубут саҥа смотровой муоста үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Бу суолталаах түгэҥҥэ нэһилиэк олохтоохторо уонна чугастааҕы нэһилиэк дьоно мустан, тутуу үрдүк хаачыстыбатын, кэрэтин бэйэ хараҕынан көрөн астыннылар. Эбийиэк 15 миэтэрэ усталаах. Бэдэрээччитинэн Аркадий Иванов биригээдэтэ үтүө суобастаахтык үлэлээтэ.
Наахара улуус биир саамай кэрэ, ураты айылҕалаах сиригэр Бүлүү Эбэ үрдүгэр, таас хайа эргимтэтигэр турар буолан, маннык көрөр былаһаакка олохтоохторго уонна кэлэр-барар ыалдьыттарга бэртээхэй бэлэҕинэн буолла. Билигин хас биирдии киһи манна кэлэн өрүс алыптаах көстүүтүн үрдүктэн көрөр, айылҕалыын алтыһар уонна кэрэ өйдөбүнньүк хаартыскаҕа хатанар кыахтанна.
Бу ситиһии олохтоох дьон көҕүлээһинэ уонна биир сомоҕо күүһэ тулалыыр эйгэни тупсарар кыахтааҕын өссө төгүл бигэргэттэ. Наахара олохтоохторун саҥа тутуунан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит! Саҥа муоста өрүү дьон тоҕуоруһар, сынньанар уонна күүс ылар кэрэ сиринэн буоллун!
Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
👏🏻Сунтаар улууһун бэтэринээрнэй сулууспата: 95 сыллаах үбүлүөй уонна үйэтитиллибит история
Сунтаар улууһугар бэтэринээрнэй сулууспа тэриллибитэ 95 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Сүүс сыллаах бэлиэ даатаҕа чугаһаабыт уопуттаах сулууспа бу үбүлүөйүн бэйэтин кыаҕынан уонна үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн тэрилиннэ.
Сулууспа билиҥҥи кэлэктиибэ төрөөбүт тэрилтэлэрин историятын үйэтитэр сыалтан улахан үлэни ыытта. Күннээҕи хамнастарынан үп хомунан, анал стелла оҥорон туруордулар. Бу пааматынньыкка бэтэринээрнэй сулууспа хара төрүттэниэҕиттэн улуус нэһилиэктэригэр үлэлээн ааспыт бары исписэлиистэр, бэтэринээрдэр уонна үлэ бэтэрээннэрин ааттара тиһилиннэ. Бу хас биирдии үлэһит сыралаах үлэтигэр дириҥ ытыктабыл уонна махтаныы бэлиэтинэн буолар.
Үбүлүөйдээх сыл өссө биир ураты түгэнинэн урукку кэми санатар, сулууспа сайдыытын кэпсиир түмэл хоһун арыллыыта буолла. Түмэл экспозициятыгар урукку кэмҥэ туттуллубут лабораторнай тэриллэр, бэтэринээр быраастар тус маллара, ону тэҥэ истрпия кэрэһитэ буолар сэдэх музейнай препараттар уонна докумуоннар харалыннылар.
Аны биэс сылынан улуус бэтэринээрдэрэ бэйэлэрин сүүс сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрин үрдүк ситиһиилээхтик көрсөр былааннаахтар.
Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
🌐💠Бүгүн Россияҕа Аҕа күнэ бэлиэтэнэр
Сыллата алтынньы үһүс өрөбүл күнэ - Россияҕа Аҕа күнэ. Аҕа - дьиэ кэргэн тутаах киһитэ, киэн туттуута, эрэллээх эркинэ, халыҥ хаххата. Бу күн дьиэ кэргэни түмэр, оҕону иитиигэ аҕа оруолун күүһүрдэр сыаллаах.
Күндү дьоммутугар баҕарыаҕыҥ кытаанах доруобуйаны, күүстээх санааны. Олохтоох тылларынан, үтүө сүбэлэринэн куруутун араҥаччылыы-арчылыы сырыттыннар!
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
🌸Күндүтүк саныыр, таптыыр Ийэлэрбитин бүгүҥҥү Саха сирин үрдүнэн бэлиэтэнэр Ийэ күнүнэн эҕэрдэлиибит!
☀️Баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, сылаас сыһыаны, табыллыыны, тупсууну. Эһигини куруутун чугас дьоҥҥут кынаттыы, үөрдэ-көтүтэ сырыттыннар. Дьиэҕит иһэ оҕо чугдаарар куолаһынан, минньигэс ас-үөл сытынан туоллун! Кэлэр кэскили түстүүр кэрэ аҥардарга күүстээх санааны, чэгиэн-чэбдик буолууну баҕарабыт!
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
С Днём матери в Якутии и Днём отца в России! Сегодня хочется обнять каждую маму и каждого папу нашей большой Якутии. Тех, кто впервые слышит «мама» и «папа», и тех, чьи дети уже сами стали родителями. Бабушек и дедушек, ставших для внуков целым миром. И с любовью вспомнить тех, кого уже нет рядом, но чьи слова и тепло мы храним всю жизнь. Крепкого вам здоровья, сил и исполнения желаний! Пусть дети всегда радуют своими успехами, а в доме царит мир и счастье!
max.ru/aisen_nikolaev
Show more Show less
*Программа ТВ НВК "Саха" на 18 октября (вс.)*
06:00-Мы вам покажем 12+
06:30-Геван 12+
07:00-Айар-тутар Сахам сирэ! 6+
07:45-Үлэ дьоно 12+
08:15-Саха итэҕэлэ 12+
08:45-Дойдум дьоно 12+
09:00-Истиҥ илдьит 6+
09:15-Репортаж 12+
09:45-Парламентский вестник 12+
10:00-Полярная звезда 6+
10:30-Саха суола 12+
11:30-Города и реки 6+
12:00-Новости 12+
12:15-Харах далыгар 12+
13:00-Кэм кэрэһитэ 12+
13:30-Якутия. День за днем 12+
14:30-Саха сатаабата суох 12+
16:00-Дойдум дьоно 12+
16:15-Илии сылааһа 12+
17:30-Геван 12+
18:00-Новости 12+
18:15-Истиҥ илдьит 6+
18:30-Кавказский поход 12+
18:45-Дойдум дьоно 12+
19:00-Тыый! 12+
21:00-День за днем 12+
22:00-Сэргэх 12+
22:30-Харах далыгар 12+
23:15-Айар-тутар Сахам сирэ! 6+
00:00-Тыый! 12+
02:15-Саха суола 12+
03:15-Кэм кэрэһитэ 12+
04:15-Күрэс 12+
04:40-Документальный фильм 12+
*Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения*
nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Show more Show less
+5
😍«Тооку-фест» бэстибээл түгэннэриттэн 🤩👏🏻
@tookufest