👏🏻Сунтаар улууһун бэтэринээрнэй сулууспата: 95 сыллаах үбүлүөй уонна үйэтитиллибит история Сунтаар улууһугар бэтэринээрнэй сулууспа тэриллибитэ 95 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Сүүс сыллаах бэлиэ даатаҕа чугаһаабыт уопуттаах сулууспа бу үбүлүөйүн бэйэтин кыаҕынан уонна үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн тэрилиннэ. Сулууспа билиҥҥи кэлэктиибэ төрөөбүт тэрилтэлэрин историятын үйэтитэр сыалтан улахан үлэни ыытта. Күннээҕи хамнастарынан үп хомунан, анал стелла оҥорон туруордулар. Бу пааматынньыкка бэтэринээрнэй сулууспа хара төрүттэниэҕиттэн улуус нэһилиэктэригэр үлэлээн ааспыт бары исписэлиистэр, бэтэринээрдэр уонна үлэ бэтэрээннэрин ааттара тиһилиннэ. Бу хас биирдии үлэһит сыралаах үлэтигэр дириҥ ытыктабыл уонна махтаныы бэлиэтинэн буолар. Үбүлүөйдээх сыл өссө биир ураты түгэнинэн урукку кэми санатар, сулууспа сайдыытын кэпсиир түмэл хоһун арыллыыта буолла. Түмэл экспозициятыгар урукку кэмҥэ туттуллубут лабораторнай тэриллэр, бэтэринээр быраастар тус маллара, ону тэҥэ истрпия кэрэһитэ буолар сэдэх музейнай препараттар уонна докумуоннар харалыннылар. Аны биэс сылынан улуус бэтэринээрдэрэ бэйэлэрин сүүс сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрин үрдүк ситиһиилээхтик көрсөр былааннаахтар. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR)
2.9%701 avg views
Posting
21.8/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 18 Oct 2026, 07:59 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 858 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.