🌊🏔Бүлүү эбэ үрдүгэр Наахара хайатыгар саҥа смотровой муоста арылынна Сунтаар Наахаратыгар олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама күүһүнэн тутуллубут саҥа смотровой муоста үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Бу суолталаах түгэҥҥэ нэһилиэк олохтоохторо уонна чугастааҕы нэһилиэк дьоно мустан, тутуу үрдүк хаачыстыбатын, кэрэтин бэйэ хараҕынан көрөн астыннылар. Эбийиэк 15 миэтэрэ усталаах. Бэдэрээччитинэн Аркадий Иванов биригээдэтэ үтүө суобастаахтык үлэлээтэ. Наахара улуус биир саамай кэрэ, ураты айылҕалаах сиригэр Бүлүү Эбэ үрдүгэр, таас хайа эргимтэтигэр турар буолан, маннык көрөр былаһаакка олохтоохторго уонна кэлэр-барар ыалдьыттарга бэртээхэй бэлэҕинэн буолла. Билигин хас биирдии киһи манна кэлэн өрүс алыптаах көстүүтүн үрдүктэн көрөр, айылҕалыын алтыһар уонна кэрэ өйдөбүнньүк хаартыскаҕа хатанар кыахтанна. Бу ситиһии олохтоох дьон көҕүлээһинэ уонна биир сомоҕо күүһэ тулалыыр эйгэни тупсарар кыахтааҕын өссө төгүл бигэргэттэ. Наахара олохтоохторун саҥа тутуунан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит! Саҥа муоста өрүү дьон тоҕуоруһар, сынньанар уонна күүс ылар кэрэ сиринэн буоллун! Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR)
2.9%701 avg views
Posting
21.8/day
last 54 minutes ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 18 Oct 2026, 08:07 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 1K |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.