НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%699 avg views
Posting 21.9/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

Виталий Андросов сырдык аатын үйэтитэр өйдөбүнньүк бүүһэ арылынна Бэҕэһээ, алтынньы 14 күнүгэр, Майаҕа Р.Г. Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл уһаайбатыгар ураты бэлиэ күн үүннэ. Сырдык, ыраас матыыптарынан саха омук кутун туппут биллиилээх композитор-мелодист, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Виталий Андросов сырдык аатын үйэтитэр өйдөбүнньүк бүүһэ арылынна. Бу туһунан Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бу долгутуулаах, үөрүүлээх түгэҥҥэ Виталий Тимофеевич чугас дьоно, оҕолоро, аймахтара, ыҥырыылаах ыалдьыттар муһуннулар. Бүүһү скульптор Аркадий Сивцев чочуйан оҥордо. Инникитин бу миэстэҕэ улууспут киэн туттар мелодистарын мөссүөннэрэ кэккэлэһиэҕэ. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов, Саха научнай киинин генеральнай дириэктэрэ, РФ билимин академига Михаил Лебедев, Саха АССР физическэй култууратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна Михаил Друзьянов, геолого-минерологическай билим хандьыдаата, урбаанньыт Дмитрий Сосин, Уус Алдан улууһун Бороҕоннооҕу оҕо искусствотын оскуолатын дириэктэрэ Борис Заровняев, Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал көмө киинин реанимация салаатын сэбиэдиссэйэ, төрөппүт уола, Дмитрий Андросов кыттыыны ылан, эҕэрдэлэрин, истиҥ ахтыы тылларын анаатылар. Бэлиэ күнү байаан доҕуһуоллаах алыптаах ырыаларынан СӨ норуодунай артыыһа Александр Емельянов, Амма улууһуттан Анна Акимова, Мария Кириллова киэргэттилэр. Тэрээһин түмүгэр Виталий Андросов өйдөбүнньүгэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075015 Oct 03:1510 Nov 22:0676915 Oct 03:15: 0 views10 Nov 22:06: 769 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
15 Oct 2026, 03:150
10 Nov 2026, 22:06769

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.