Бэрдьигэстээххэ «Сардаана» оҕо сайдар киинэ саҥардылынна Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр Х.К. Татаринова аатынан «Сардаана» оҕо сайдар киинигэр күүтүүлээх хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ толору түмүктэнэн, оҕолору саҥардыллыбыт дьиэҕэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстэ. Бу бэлиэ түгэни кытта тэҥэ уһуйаан өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥынан ааттанна. Бэрдьигэстээхтээҕи «Сардаана» оҕо сайдар киинэ тутуллуоҕуттан 38 сыл устата маннык күүстээх уларытыы-саҥардыы үлэтэ ыытылла илигэ. «Дьиэ кэргэн» национальнай бырайыак олоххо киириитин түмүгэр, федеральнай уонна муниципальнай бүддьүөттэн 50-ча мөлүйүөн солкуобай көрүллэн, уһуйаан ис-тас өттө толору саҥардылынна. Уһуйаан аһыллыытын бэлиэ күнэ дьиҥнээх бырааһынньыкка кубулуйда. Тэрилтэ саҥардыллыбыт, тупсубут ис-тас дьүһүнүн көрөөрү төрөппүттэр, улуус уонна нэһилиэк салалтата муһуннулар. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга кыһыл лиэнтэ быһылынна, саҥа үөрэх сылыгар анаан үтүө алгыс сиэрэ-туома ыытылынна, ону таһынан наҕараадалар, махтал суруктар туттарылыннылар. Бу улахан үөрүүнү кытта тэҥэ, уһуйаан кэлэктиибэ өссө биир үрдүк ситиһиини ылар чиэскэ тигистэ. «Тыа сирин бастыҥ оҕо уһуйаана» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска «Сардаана» оҕо сайдар киинэ «Оҕо уһуйаана — тыа сирин сайдар киинин сообществота» анал аакка кыайыылааҕынан таҕыста. Саҥардыллыбыт уһуйаан уонна үрдүк наҕараада кэлэктиипкэ өссө күүс-уох уонна саҥа ситиһиилэргэ кынат уурара саарбахтаммат. Быйылгы үөрэх сыла саҥа таһымҥа, сылаас, сырдык уонна бастыҥ эйгэҕэ саҕаланна. Розсиэна Сивцева, Михаил Мордовской nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.8K
−100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR)
2.9%680 avg views
Posting
21.8/day
last 13 minutes ago
Reactions per 1K views
1.8
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 8 Oct 2026, 02:57 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 783 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.