НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%680 avg views
Posting 21.8/day last 16 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. edited

    📺Бастакы эпиирим: Дьулус Иванов 2018 сыллаахха Дьулус А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство аатынан колледжка үөрэнэ сылдьан араадьыйаҕа үлэлии киирбит. Ол кэнниттэн кини телевидениеҕэ корреспонденныы сырыттаҕына соһуччу «Саҥа күн» биэрии ыытааччытынан талбыттар. Билигин Дьулус «Саҥа күн», «Уонна» биэриилэри ыытар. Эрдэ «Бу Дьокуускай», «Кубок НВК», «Сайыҥҥы вайб» ыыта сылдьыбыта. Сотору кэминэн сайын үлэлэспит «Сила Духа» диэн бырайыак эпииргэ тахсыаҕа. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. repost

    С Днем Якутского телевидения! 🎥📺 ❗️63 года тому назад, а именно 8 октября 1963 года вышла в эфир первая регулярная программа на якутском телевидении «Говорит Якутск». ❗️❗️Программу торжественного вечера вели автор сценария Юрий Дерфель и диктор якутского радио Лира Белолюбская, которая одинаково успешно вела телепередачи на якутском и русском языках. ❗️❗️❗️И с этого дня Лиру Белолюбскую якутяне стали регулярно видеть на голубых экранах своих телевизоров, узнавать на улицах Якутска и не только.

  3. 📺Бастакы эпиирим: Индира Софронова Бүгүн Саха сиригэр телевидение күнүнэн биһиги «Саха» НКИХ ыытааччыларыттан бастакы эпиирдэрэ хайдах ааспытын туһунан кылгас ыйытык ыллыбыт. Ол курдук, Индира Софронова 2006 сыллаахха «Куйаар дуорааныгар» араадьыйаҕа үлэлээн саҕалаабыт. Ол саҕана интернет суох этэ. Сүтэрсибит дьону көрсүһүннэрэр «Эрэли кытта» биэриитигэр олус элбэх киһи көрсүспүтүн ыытааччы бэлиэтиир. Индира күөх экраҥҥа аан бастаан 2016 сылга «Саҥа күн» биэриигэ тахсыбыт. Геялыын атастаһа сылдьан сарсыарда тэлэбиисэргэ, киэһэ араадьыйаҕа эпиирдии сылдьыбыттар. Бу сылларга Индира «Үчүгэйиэн бу сиргэ», кэлин «Эн сулускун», «Үрдэл» биэриилэри ыыта сылдьыбыт. Саҥа айар дьылга Индира тэлэбиисэргэ «Күбэйэ» ийэлэргэ аналлаах биэриини ыытан саҕалаата. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. edited

    📺🤩👏🏻Алтынньы 8 күнэ — Саха телевидениетин күнэ Бүгүн, алтынньы 8 күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин телевидениетэ 63 сылын бэлиэтиир. Дьокуускайдааҕы телевизионнай киин 1959-1963 сыллар усталарыгар тутуллубута. 1963 сыл алтынньы 8 күнүгэр киин ханаалга бастакы эфир тахсыбыта. «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа 1992 сыл кулун тутар 3 күнүгэр тэриллибитэ. НВК «Саха», «Якутия 24», «Мамонт» уонна «ТООКУ» ханааллар өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар бүтүннүүтүгэр көстөллөр. Бүгүҥҥү күҥҥэ «Саха» НКИХ – Россия биир саамай бөдөҥ региональнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньата буолар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 8 октября (чт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдубут туһугар 12+ 15:45-Кэрэ кэпсээн 12+ 17:00-Тайм-аут 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Кыргыттар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Олох үөһүгэр 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Күһүҥҥү хараҥаҕа 12+ 21:45-Күрэс 12+ 22:15-Дойдум дьоно 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Олох үөһүгэр 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тайм-аут 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Күрэс 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. 🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. repost

    СОНУННАР Хаҥалас улууһун киинигэр Покровскай куоракка олимпиец Анатолий Филиппов бирииһигэр 15-16 саастаах уолаттар ортолоругар боксаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэхтэһии саҕаланна. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в VK

  8. 🚌Алтынньы 11 күнүттэн, өрөбүлтэн, 12-с нүөмэрдээх маршрут 25-с нүөмэрдээх оптуобус сырыытынан айанныаҕа. (сорох сиринэн 12-с нүөмэрдээх маршрут хаамыыта хаалыаҕа) nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. Ырыа: «Эһиэхэ аныыбын» «Күн кынат» ансаамбыл Айыы Уолун тыллара, дьүрүлэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. Дьокуускайга VII Хотугу форум саҕаланна VII Туруктаах сайдыыга Хотугу форум Дьокуускай куоракка алтынньы 7 күнүттэн 10 күнүгэр диэри ыытыллар. Быйылгы форум 12 дойдуттан уонна Россия 20 регионуттан бэрэстэбиитэллэри түмүөҕэ. Тэрээһин норуоттар икки ардыларынааҕы «Хотугу Форум» тэриллии 35 сылын көрсө ыытыллар. Хаартыска: СИА архыыбыттан http://nvk-online.ru/dokuuskajga-vii-hotugu-forum-sa-alanna/ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. 💫💥ТООКУ ФЕСТ ЦИИРКЭ АРЕНАТЫГАР!🎪🎭 ⭐️Быйылгы Тооку Фест сахалыы анимация бэстибээлигэр кырачаан көрөөччүлэри улахан цииркэ туруоруута күүтэр! Сөбүлүүр ойуулуктаргыт дьоруойдара цииркэ аренатыгар тахсыахтара! Ону тэҥэ кырачаан көрөөччүлэргэ анаан: 🎨 Айарга-тутарга үөрэтэр маастар-кылаастар 🎯 Көрдөөх оонньуулар 🎬 Сахалыы ойуулуктары көрдөрөр киинэ театра баар буолуохтара. 📅Буолар күнэ: алтынньы 17 күнэ ⏰Бириэмэтэ: 12:00, 16:00 чаастан nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. repost

    🤩😍«Туллукчаан» уһуйаан оҕолоро кырачааннары уонна кинилэр төрөппүттэрин «Тооку-фест» бэстибээлгэ ыҥыраллар. @tookufest

  13. Хаҥалас улууһугар Хэйлунцзян провинциятын Хэйхэ куорат уокуругун Сюнькэ куораттан делегацията сырытта nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн Саха сириттэн сылдьар байыастарга бородуукта нобуордарын туттарыахтара СӨ Суһал штаба Норуот сомоҕолоһуутун күнүн көрсө байыастарга бэлэхтэри бэлэмниир. Бородуукта нобуордарын Саха сириттэн анал байыаннай дьайыы балаһатыгар сылдьар уонна госпиталларга эмтэнэ сытар байыастарга туттарыахтара. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Гражданскай көмүскэлгэ миниистири солбуйааччы Яна Наумова иһитиннэрдэ. https://nvk-online.ru/noruot-somo-olo-uutun-k-n-nen-saha-siritten-syldar-bajyastarga-boroduukta-nobuordaryn-tuttaryahtara/ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. edited

    Покровскай куоракка 14–15 саастаах уолаттарга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах ССРС успуордун маастара Анатолий Филиппов бирииһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин буоксаҕа бастыыр иһин күрэхтэһиитэ саҕаланна. Былырыыҥҥы сыллары кытта тэҥнээтэххэ, быйылгы күрэхтэһиигэ эдэр спортсменнар ахсааннара элбээбитэ үөрдэр. Хаҥалас улууһун киинигэр 24 хамаандаттан 176 боксер кэллэ. Хомойуох иһин, Үөһээ Бүлүү уонна Өлүөхүмэ улуустарын хамаандалара кэлбэтилэр. Өрөспүүбүлүкэ саҥа чөмпүйүөннэрин ааттара бу субуотаҕа, алтынньы 10 күнүгэр, биллиэҕэ. Видео: Родион Кривогорницын/«Саха» НКИХ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. repost

    Лүңкүр. Саха ырыатын уран дорғоонун маастара, уһулуччулаах ырыа ууһа, үгүс көлүөнэ уһуйааччыта. Тарбахха баттанар талааннаах киһибит быйыл икки бүк үбүлүөйүн бэлиэтиир - 55 сааһа уонна айар үлэтин 30 сыла. Кини үбүлүөйүгэр анааммыт, алтынньы 9 күнүгэр, киэһэ 21:00 чаастан, Саха НКИХ "Уонна" биэриитин дьүрүскэн таһаарыытыгар быһа эпиири таһаарабыт.

  17. Дьокуускайга уматыкка уочараттар аччаатылар. Бу туһунан СӨ Гражданскай көмүскэлгэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. Владимир Путин Россия уонна Кытай Хотугу муора суолун сайыннарыыга бииргэ үлэлэһиилэрин кэскилин бэлиэтээтэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Валдай» норуоттар икки ардыларынааҕы кэпсэтэр кулууп мунньаҕар тыл этэригэр, Россия уонна Кытай бииргэ үлэлэһиилэрин туспа хайысхатын ыйда — Хотугу муора суолун (ХМС) сайыннарыытын. Судаарыстыба баһылыга Кытай контейнеровоза ХМС-нан боруобаҕа туораабытын, оттон Россия бу хайысха салгыы бииргэ сайдарыгар эрэнэрин бэлиэтээтэ. Хаартыска: Василий Кононов https://nvk-online.ru/vladimir-putin-rossiya-uonna-kytaj-hotugu-muora-suolun-sajynnaryyga-biirge-lele-iilerin-keskilin-belieteete/ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. «Омоон суоллар. Искупление» диэн «Саха» НКИХ киинэтэ Эдуард Сагалаев аатынан бириэмийэ финалыгар таҕыста «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Омоон суоллар. Искупление» киинэтэ Эдуард Сагалаев аатынан бириэмийэни туттарыы үһүс сиэригэр-туомугар финалистар ортолоругар киирдэ. Дьоро тэрээһин Москваҕа Аан дойдутааҕы муусука дьиэтигэр буолла диэн «Якутия 24» иһитиннэрэр. https://nvk-online.ru/omoon-suollar-iskuplenie-dien-saha-nkih-kiinete-eduard-sagalaev-aatynan-biriemije-finalygar-kiirde/ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  20. Older posts