Лүңкүр. Саха ырыатын уран дорғоонун маастара, уһулуччулаах ырыа ууһа, үгүс көлүөнэ уһуйааччыта. Тарбахха баттанар талааннаах киһибит быйыл икки бүк үбүлүөйүн бэлиэтиир - 55 сааһа уонна айар үлэтин 30 сыла. Кини үбүлүөйүгэр анааммыт, алтынньы 9 күнүгэр, киэһэ 21:00 чаастан, Саха НКИХ "Уонна" биэриитин дьүрүскэн таһаарыытыгар быһа эпиири таһаарабыт.