НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%680 avg views
Posting 21.8/day last 26 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. СВО бэтэрээннэрин Ассоциациятын чилиэттэрэ мобильнай байыаннай бөлөхтөргө киирэллэр СВО бэтэрээннэрин Ассоциациятын чилиэттэрэ мобильнай байыаннай бөлөхтөргө киирээри хантыраак түһэристилэр. Сорохтор үөрэтэр сбордартан номнуо кэлбиттэр уонна сотору регион тыын суолталаах эбийиэктэрин көмүскээн саҕалыахтара. Бу туһунан бэрэссэдээтэл Сулустан Заболоцкий брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. «Билиҥҥи кэмҥэ СВО бэтэрээннэрин Ассоциациятын чилиэттэрэ араас тэрээһини ыыттылар. Ону тэҥэ «Патриот» ыччат киинигэр СВО бэтэрээннэрэ биир улахан сбор түмсүбүттэрэ», – диэн Заболоцкий кэпсээтэ. Санатар буоллахха, мобильнай байыаннай бөлөхтөрү (МОГ) олоххо-дьаһахха тыын суолталаах эбийиэктэри харыстыырга бүтүн Россиятааҕы бэлэмнэнии иитинэн тэрийбиттэрэ. Бөлөх мобилизационнай резервэтигэр киириэн баҕалаах дьон хантыраак түһэрсэр туһунан олохтоох байыаннай комиссариаттан билсиэххэ сөп. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. 🚩🪖Сунтаарга байыаннай үөрэххэ уһуйбут, оҕолор оскуола кэнниттэн Россия аармыйатыгар үрдүк бэлэмнээх баралларын ситиспит, "Эр хоһуун" кулууп салайааччытынан өр сылларга үлэлээбит Михаил Спиридонович Кириллин 80 сааһыгар аналлаах байыаннай-патриотическай күрэх ыытылынна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. repost
    +4

    Свою деятельность в качестве депутата Государственной Думы РФ начал с родины. Встретился с Николаем Ивановичем Афанасьевым, ветераном Великой Отечественной войны. Николай Иванович — живая легенда не только Вилюйского улуса, но и всей республики. Его жизненный путь, мудрость и стойкость — пример для всех. Такие встречи напоминают о том, что за каждым достижением стоят люди, на которых стоит равняться. Также прошли встречи с населением Вилюйского улуса, с молодежью, с педагогической общественностью в рамках Педагогической декады и с главами наслегов. Разговор получился открытым и предметным — обсуждалось то, что волнует людей здесь и сейчас, и то, каким они видят будущее района. Кроме того, жители улуса обратились с различными просьбами личного характера, а также с вопросами о перспективах развития района в целом и населенных пунктов в частности. Все обращения, которые были получены, взяты в работу. Ни одно из них не останется без внимания. Радует, что земляки поднимают не только личные, но и общие вопросы — в том числе о реализации инфраструктурных проектов и Программы поддержки местных инициатив. Это говорит о неравнодушии к родному улусу, о готовности участвовать в его развитии. #ШамаевДепутатЯкутии #ВместеТолькоВперёд https://max.ru/channel_PetrShamaev

  4. 👏Бүгүн Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин төрөөбүт күнэ Бүгүн, алтынньы 7 күнүгэр, Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин төрөөбүт күнэ. Кини 74 сааһын туолла. Ил Дархан Айсен Николаев элбэх омуктаах Саха сирин олохтоохторун аатыттан Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путины бүгүн төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Биһиги бэрэсидьиэммит ураты көрүүлээх. Күүстээх, өйдөөх. Инникигэ эрэли үөскэтэр. Владимир Путин курдук дьон саҥаттан саҥаҕа, кэрэттэн кэрэҕэ дьулуһарга кынаттыыллар. Ол иһин билигин кини баар буолан биһиги бары дьоллоохпут. Владимир Владимирович, кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну, уһун олоҕу, Кыайыыны баҕарабын!», — диэн Ил Дархан эттэ. Айсен Николаев этэринэн, Владимир Путин өрөспүүбүлүкэҕэ уурар болҕомтотунан сайдар кыахтанабыт. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. 👵🏻👴🏻Олох араас хайысхатынан соҕотох хаалбыт кырдьаҕастары уонна инбэлииттэри Горнай бэйэ дьиэ кэргэнигэр 10 ыал ылан көрөллөр-истэллэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. 🏊Сунтаарга аҕам саастаахтар «Байҕал» комплексы олус сэргээтилэр Сунтаар сэлиэнньэтигэр саҥа, аныгы спортивнай бассейннаах «Байҕал» комплекска «Көмүс күһүн мичээрэ» түмсүү кыттыылаахтара ыалдьыттаатылар. Ыалдьыттарга комплексы көрдөрдүлэр, уратытын билиһиннэрдилэр: эрчиллэр зоналары, бассейны, оборудованиелары. Экскурсияны «Байҕал» комплекс дириэктэрэ Владимир Данилов ыытта. Кини эбийиэк аһыллыытын, хайдах үлэлиирин, спортивнай хайысхаларын кэпсээтэ. Түмсүү кыттыылаахтара саҥа эбийиэги олус сэргээтилэр, үрдүктүк сыаналаатылар, ону тэҥэ маннык экскурсиялар улуус спортивнай инфраструктураларын билсэргэ сөптөөҕүн бэлиэтээтилэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. 🐮🌾❄️Халлаан тымныйан хаһаайыстыбалар сүөһүлэрин кыстыкка киллэрэн эрэллэр nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. repost

    ЧОХООН ХОҺООНО ▶️ Бүгүн "ХОҺООН" рубрикаҕа Таатта улууһун Ытык Күөл "Сулусчаан" уһуйааныттан Милена Дягилева хоһоонун көрүҥ🤩 ✅ Хоһоон ааҕыан баҕалаах уһуйаан оҕолорун төрөппүттэрэ, иитээччилэр биһиги электроннай аадырыспытыгар суруйан билсиэххитин, хоһооннору уһулан ыытыаххытын сөп ✉️chokhoon@mail.ru күүтэбит. 💛 Чохоон хоһоонуттан саҕалаан кырачааннар сахалыы саҥараллар, чочуллан чобуотук чоргуйаллар🥰 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар

  9. +3

    🤩👏🏻Төҥүлүгэ «Учуутал уонна үөрэнээччи» скверэ арылынна Алтынньы 5 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгэр 2023 сыллаахха нэһилиэнньэ куоластааһынын түмүгүнэн «Тупсаҕай эйгэлээх куораты тэрийии» федеральнай бырагырааманан тутуллубут «Учуутал уонна үөрэнээччи» скверин үөрүүлээх арыллыыта буолла. Бу эбийиэк Төҥүлү нэһилиэгэр үөрэхтээһин тэриллибитэ 120 сылыгар ананар. «Учуутал уонна үөрэнээччи» скверин сүрүн уратытынан урукку оскуола тыыныгар, дириҥ устуоруйатыгар олоҕуран оҥоһуллубута буолар. 2024 сыллаахха, «Тимир-строй» ХЭТ олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманан урукку оскуола оннун ыраастаан, 2025 сылтан үлэ маҥнайгы түһүмэҕин ыыппыта. Онтон быйыл «ПИК» ХЭУо үлэни түмүктээтэ. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. repost

    🤩👏🏻Дьокуускайга Айаал Белолюбскайы көрүстүлэр Нагоеҕа ыытыллыбыт Азия оонньууларын боруонса призера Айаал Белолюбскай дойдутугар төнүннэ. Кинини кытта аҕата Уйбаан Белолюбскай кэллэ. Аэропорка спортсмены СӨ спортивнай бэлэмнэнии киинин дириэктэрин солбуйааччы Владимир Карпенко, тренер Будимир Яковлев уонна Уус Алдан олохтоохторо көрүстүлэр. Айаал Азия оонньууларын боруонса мэтээлин төрөппүттэригэр, кэргэнигэр, биир дойдулаахтарыгар, ыалдьааччыларыгар уонна күүс-көмө буолбут дьоҥҥо анаата. Салгыы Айаал аан дойду чемпионатыгар бэлэмнэнэр. Бэҕэһээ Дьокуускай аэропордугар эмиэ биир Азия оонньууларын боруонса мэтээлин хаһаайына Виктор Рассадины көрсүбүттэрэ. Хаартыска: Спорт Якутии @sakhasporttv

  11. ❗️Бүгүн Саха сиригэр сирена үлэтин бэрэбиэркэлиэхтэрэ Алтынньы 7 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ иһитиннэрэр систиэмэ бэлэмин бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Ол курдук, сэрэдэҕэ электрическэй сиреналар уонна анал тыаһыыр оборудованиелар «Болҕойуҥ» диэн сигнал биэриэхтэрэ, оттон көрдөрөр-иһитиннэрэр ханаалларга уонна араадьыйаҕа иһитиннэрии тахсыаҕа. Былааннаммыт бэрэбиэркэ кэмигэр долгуйбаккытыгар көрдөһөллөр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 7 октября (ср.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдум дьоно 12+ 15:15-Полярная звезда 6+ 15:45-Актуальное интервью 12+ 16:00-Саха суола 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Кыргыттар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Сэмсэ санаа 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Күһүҥҥү хараҥаҕа 12+ 21:45-Дойдубут туһугар 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Сэмсэ санаа 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Полярная звезда 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. Ытык Күөл олохтооҕо Зинаида Николаева сибэкки олордуутунан дьарыктанар. Тааттатааҕы устар бөлөхпүт киниэхэ ыалдьыттаата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. 💫💥ТООКУ ФЕСТ ЦИИРКЭ АРЕНАТЫГАР!🎪🎭 ⭐️Быйылгы Тооку Фест сахалыы анимация бэстибээлигэр кырачаан көрөөччүлэри улахан цииркэ туруоруута күүтэр! Сөбүлүүр ойуулуктаргыт дьоруойдара цииркэ аренатыгар тахсыахтара! Ону тэҥэ кырачаан көрөөччүлэргэ анаан: 🎨 Айарга-тутарга үөрэтэр маастар-кылаастар 🎯 Көрдөөх оонньуулар 🎬 Сахалыы ойуулуктары көрдөрөр киинэ театра баар буолуохтара. 📅Буолар күнэ: алтынньы 17 күнэ ⏰Бириэмэтэ: 12:00, 16:00 чаастан nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. 🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. Россия норуодунай учуутала Виктор Потапов үөрэхтээһин эйгэтигэр холобур буолар. Кини олоҕун 49 сылын оҕону үөрэтиигэ анаан, билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейга үлэлиир. Ытык учууталы уонна кини биир идэлээхтэрин кытта биһиги устар бөлөхпут көрүстэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ 63 тыһыынчаттан тахса туонна хортуоппуйу хомуйдулар Саха сиригэр хомуур үлэтэ бүтэр түһүмэххэ тиийдэ. Суһал дааннайдарынан, алтынньы 5 күнүнээҕи туругунан, хаһаайыстыбалар 63 429 туонна хортуоппуйу (былаантан 83%), арыллыбыт уонна сабыылаах буорга үүнэр 21 802 туонна оҕуруот аһын (75%) хомуйдулар. 8 470 га бурдук сирэ хомулунна, уопсай хомуур 7 883 туоннаҕа тэҥнэһэр (былаантан 56%). Бу туһунан СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр. От бэлэмнээһинин былаана 96% туолла: былааннаммыт 410 400 туоннаттан 394 483 туонна от бэлэмнэннэ. 29 136 туонна сиилэс (былаантан 97%) уонна 11 582 туонна сенаж (былаантан 78%) уурулунна. Хаартыска: Мария Архипова/«Якутия 24» https://nvk-online.ru/saha-siriger-b-g-k-e-63-ty-yynchattan-tahsa-tuonna-hortuoppuju-homujdular/ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  18. СӨ Үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Людмила Егоровна Лукина туһунан сюжеты көрүҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. VII Хотугу форумҥа климат уларыйыытын ырытыахтара Климат уларыйыыта экосистемаҕа дьайыытын уонна саҥа арктическай үөрүйэхтэр үөскээһиннэрин Саха сиригэр VII төгүлүн ыытыллар Туруктаах сайдыыга Хотугу форум чэрчитинэн дьүүллэһиэхтэрэ. Форум климатическай блогун сүрүн тэрээһининэн «Климатическое регулирование в России — 2026: новые правила игры для Арктики» диэн эспиэрдиир сиэссийэ буолуоҕа. Тэрээһини АЛРОСА, АНИЦ уонна «ПОРА» эспиэрдиир киин СӨ Экэниэмикэҕэ министиэристибэтин кытта бииргэ тэрийэн алтынньы 8 күнүгэр ыытыахтара. Хаартыска: Марианна Созонова/«Саха» НКИХ https://nvk-online.ru/vii-hotugu-forum-a-klimat-ularyjyytyn-yrytyahtara/ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  20. Дьокуускайга аан дойдутааҕы архитектура күнүн бэлиэтээтилэр. Бу бырааһынньыкка анаан ХИФУ техническэй факультетын куорпуһугар киин куорат устуоруйатын сырдатар быыстапка арылынна. Экспозиция туһунан сиһилии сюжекка көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  21. Older posts