🤩👏🏻Дьокуускайга Айаал Белолюбскайы көрүстүлэр Нагоеҕа ыытыллыбыт Азия оонньууларын боруонса призера Айаал Белолюбскай дойдутугар төнүннэ. Кинини кытта аҕата Уйбаан Белолюбскай кэллэ. Аэропорка спортсмены СӨ спортивнай бэлэмнэнии киинин дириэктэрин солбуйааччы Владимир Карпенко, тренер Будимир Яковлев уонна Уус Алдан олохтоохторо көрүстүлэр. Айаал Азия оонньууларын боруонса мэтээлин төрөппүттэригэр, кэргэнигэр, биир дойдулаахтарыгар, ыалдьааччыларыгар уонна күүс-көмө буолбут дьоҥҥо анаата. Салгыы Айаал аан дойду чемпионатыгар бэлэмнэнэр. Бэҕэһээ Дьокуускай аэропордугар эмиэ биир Азия оонньууларын боруонса мэтээлин хаһаайына Виктор Рассадины көрсүбүттэрэ. Хаартыска: Спорт Якутии @sakhasporttv