❗️Бүгүн Саха сиригэр сирена үлэтин бэрэбиэркэлиэхтэрэ Алтынньы 7 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ иһитиннэрэр систиэмэ бэлэмин бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Ол курдук, сэрэдэҕэ электрическэй сиреналар уонна анал тыаһыыр оборудованиелар «Болҕойуҥ» диэн сигнал биэриэхтэрэ, оттон көрдөрөр-иһитиннэрэр ханаалларга уонна араадьыйаҕа иһитиннэрии тахсыаҕа. Былааннаммыт бэрэбиэркэ кэмигэр долгуйбаккытыгар көрдөһөллөр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube