ТААБЫРЫНЫ ТААЙ ☀️Саҥа үлэ, үөрэх нэдиэлэтэ ситиһиилээх буоллун! Өрөбүл кэнниттэн өй үлэтин дьарыктаа, таабырыны таай. УЧУУТАЛ КҮНҮНЭН! 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
ТААБЫРЫНЫ ТААЙ ☀️Саҥа үлэ, үөрэх нэдиэлэтэ ситиһиилээх буоллун! Өрөбүл кэнниттэн өй үлэтин дьарыктаа, таабырыны таай. УЧУУТАЛ КҮНҮНЭН! 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
👩🏻🏫Алтынньы 5 күнэ – Россияҕа Учуутал күнэ! Учууталлары, педагогтары уонна педагогическай үлэ бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыккытынан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит! Эһиги үлэҕит – бу дьиҥнээх хорсун быһыы, ханнык баҕарар уопсастыба бигэ туруга. Эһиги билиини эрэ биэрбэккит, эһиги толкуйдуурга, ырытарга, быһаарыыны буларга уонна бэйэҕэ эрэнэргэ үөрэтэҕит. Эһиги кылааскытыгар биһиги дойдубут кэлэр кэскилэ үүнэр. Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, сэниэни, тулуурдаах буолууну, өркөн өйү уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу баҕарабыт! Үлэҕит үөрүүнү уонна дуоһуйууну аҕаллын, оттон үөрэнээччилэргит махталлара эһиэхэ саамай сыаннаах наҕараада буоллун! nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
❄️❄️❄️Хаар бөҕө түспүт дии @tookufest
👏ЭДЬИИЙ МАРЫЫНА Аиза Петровна Решетникова аатынан ырыа уонна фольклор түмэлэ Марина Константиновна Попова-Эдьиий Марыынаҕа аналлаах быыстапка тэрийэн туруорда. Быыстапкаҕа устар бөлөхпүт сырытта. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Алексей Стручков Ил Дархан сүбэһитинэн ананна Алтынньы 5 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Ыйааҕынан Василий Александрович Иванов Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын сүбэһитинэн ананна. Майя Данилова Ил Дархан ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын сүбэһитин дуоһунаһыттан босхолонно. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
ТААБЫРЫНЫ ТААЙ ☀️Саҥа үлэ, үөрэх нэдиэлэтэ ситиһиилээх буоллун! Өрөбүл кэнниттэн өй үлэтин дьарыктаа, таабырыны таай. УЧУУТАЛ КҮНҮНЭН! 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар


🏛️Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар саҥа анааһыннар Дьокуускай баһылыга Дмитрий Садовников куорат дьаһалтатыгар кэккэ дуоһунастары анаата. Ол курдук, Сергей Бочоруков Дьокуускай куорат баһылыгын патриотическай иитиигэ солбуйааччынан ананна. Иван Федоров Дьокуускай дьаһалтатын муниципальнай иниспиэксийэҕэ салайааччынан анаатылар. Быраабы араҥаччылыыр уорганнары кытта үлэлэһэр уонна коррупция утары охсуһар управление салайааччытынан Георгий Семенов талылынна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 5 октября (пн.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Аал луук мас 12+ 15:45-Актуальное интервью 12+ 16:00-К Дню Учителя 12+ 16:30-Айыы сэһэммит Олоҥхо 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Кыргыттар" телесериал 12+ 18:45-Репортаж 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Сэмсэ санаа 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Күһүҥҥү хараҥаҕа 12+ 21:45-Якутия в деталях 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Сэмсэ санаа 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Хантан хааннаахпытый 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
УЧУУТАЛ КҮНҮНЭН! 🧑🏫👩🏻🏫👨🏻🏫 Бүгүн алтынньы 5 күнэ - Учуутал күнэ бэлиэтэнэр🎉 Күндү учууталларга уонна үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэригэр идэлээх күҥҥүтүнэн истиҥ эҕэрдэ! 💐👏👏👏 Күннэтэ түбүктээх, хас биирдии оҕо туһугар эппиэтинэстээх үлэҕит, ахсаабат кыһамньыгыт иһин барҕа махтал! 🫶 Сыралаах үлэҕит сыаналана турдун, үлэҕит өрүү үтүө түмүктээх, үгүс ситиһиилээх буоллун! Үөрэтэ-такайа, уһуйа сылдьар үөрэнээччилэргит, үөрэппит оҕолоргут уонна төрөппүттэр махталлара, истиҥ сыһыаннара куруутун үрдүккэ кынаттыы туруохтун! 💫 Үтүөҕэ үөрэппит өҥөҕүт, биэрбит билиигит хас биирдии үөрэнээччигит олоҕун суолун сырдаттын, бигэ тирэх, сирдьит сулус буоллун! 🙌 🟡🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
👨🏻💼💸«Эйгэ»: урбаан «Эйгэ» урбааҥҥа аналлаах саҥа таһаарыыта хас чэппиэр аайы 12:15 чаастан көстөр. Ыытааччы: Сергей Быков nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Бу дьыл, алтынньы 3 күнүгэр, саха төрүт тустуутун хапсаҕайы иилэн-саҕалаан сайыннарыыга сүҥкэн кылааты киллэрбит аҕа табаарыспыт, Д.П. Коркин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ физкултууратын уонна успуордун үтүөлээх үлэһитэ, РФ уонна СӨ физкултууратын уонна успуордун туйгуна Алексей Егорович МОСТАХОВ уһун ыарахан ыарыы кэнниттэн күн сириттэн күрэннэ. "САХА" НКИХ аатыттан, Алексей Егорович дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонугар, доҕотторугар уонна саха хапсаҕайын бары сүгүрүйээччилэригэр дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.
👩🏻⚕️Бэрдьигэстээххэ медицинэ колледжын күнэ ыытылынна Горнай улууһун историятыгар сырдык суолу хаалларар бэлиэ күн тосхойдо. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ колледж уонна Сэмэн Петрович Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыга икки ардыгар биир ситимнээх үлэни ыытарга сөбүлэҥ баттастылар. Дьокуускайдааҕы медицинэ коллеһын күнэ С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🧑🧑🧒🧒🐮🌾Тыа сиригэр эдэр ыал хаһаайыстыба тэринэн олороро биллэ аҕыйаабыта кистэлэҥ буолбатах. Сылгы, сүөһү тутарга анаммыт дьиэ кэргэн күүстээх үлэҕэ бэлэм буолуохтаах. Үөһээ Бүлүү Хоротугар Мария уонна Альберт Степановтар элбэх дьоҥҥо холобур буолар нэһилиэк тутаах ыала. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 4 октября (вс.) 06:00-Мы вам покажем 12+ 06:30-Геван 12+ 07:00-Айар-тутар Сахам сирэ! 6+ 07:45-Үлэ дьоно 12+ 08:15-Саха итэҕэлэ 12+ 09:00-Истиҥ илдьит 6+ 09:45-Парламентский вестник 12+ 10:00-Полярная звезда 6+ 10:30-Саха суола 12+ 11:30-Города и реки 6+ 12:00-Новости 12+ 12:15-Харах далыгар 12+ 13:00-Кэм кэрэһитэ 12+ 13:30-Якутия. День за днем 12+ 14:30-Саха сатаабата суох 12+ 16:30-Урожай-75 12+ 16:45-Аал-луук мас 12+ 17:30-Геван 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Истиҥ илдьит 6+ 18:45-Дойдум дьоно 12+ 19:00-Тыый! 12+ 21:00-День за днем 12+ 22:00-Сэргэх 12+ 22:30-Харах далыгар 12+ 23:15-Айар-тутар Сахам сирэ! 6+ 00:00-Тыый! 12+ 02:15-Хранители времени 12+ 03:00-Аартык 12+ 03:15-Кэм кэрэһитэ 12+ 04:00-Города и реки 12+ 04:40-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🥉Виктор Рассадин — Азия оонньууларын боруонса призера! Бүгүн, алтынньы 3 күнүгэр, Нагое куоракка Азия оонньууларыгар 74 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа боруонса мэтээли Виктор Рассадин (Таджикистан) ылла. ✅Финал 1/8 түһүмэҕэр — Магомедрасул Асдуев (Бахрейн), 3:2 (кыайыы) ❌ Финал 1/4 түһүмэҕэр — Ёсиносукэ Аояги (Япония), 0:10 (хотторуу) ✅Санааны уоскутар киирсии — Гиланг Ильназ (Индонезия), 10:0 (кыайыы) 🥉 Боруонса мэтээл иһин киирсии — Орозобек Токтомамбетов (Кыргызстан), 4:3 (кыайыы) Иһитиннэрии, хаартыска: «Триумф» @sakhasporttv
🥉 Айаал Белолюбский — Азия оонньууларын боруонса мэтээлин призера! Таджикистантан кыттар Саха сирин бөҕөһө Айаал Белолюбскай Нагое куоракка түөртэ кииристэ. ✅ Финал 1/8 түһүмэҕэр — Али Момени (Иран), 4:1 ✅ Финал 1/4 түһүмэҕэр — Ким Сунгвон (Южная Корея), 6:2 ❌ Финал 1/2 түһүмэҕэр — Аман Сехрават (Индия), 8:14 🥉 Боруонса мэтээл иһин киирсии — Ямато Огава (Япония), 1:1 Иһитиннэрии, хаартыска: «Триумф» @sakhasporttv
✅IV Николаевский форум 100-тэн тахса эдэр исписэлииһи түмтэ Аан бастакытын регионнар икки ардыларынааҕы статустаах ыытыллыбыт IV Николаевском форумҥа Саха сириттэн 100-тэн тахса эдэр исписэлиис, Магаданскай уонна Камчатскай уобаластартан, Карелияттан, Москваттан бэрэстэбиитэллэр кыттыыны ыллылар. СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев сырдык аатыгар анаммыт форум Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр балаҕан ыйын 30 күнүттэн алтынньы 2 күнүгэр диэри ыытылынна. Үс күн устата кыттааччылар технологическай тутулуга суох буолуу, экономика сайдыытын, межкультурнай сыһыан, каадыр, социальнай бырайыактааһын боппуруостарын дьүүллэстилэр. Куонкурус түмүгүнэн «Росмолодёжь.Гранты» өйөбүлүн түөрт бырайыак ылла. Нина Егорова «Цифровая геохроника АлСиба» бырайыагы билиһиннэрдэ, Анастасия Аммосова — «Старт. Марха» эдэр исписэлиистэр форумнара, Вера Дьячковская — «Голос Вилюйска» устудьуон коммуникациятын ааҕыныстыбата, Анна-Мария Дьячковская — проект медиаволонтёров МЦ «Патриот». Форум сүрүн бирииһин Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Ньурба, Бүлүү бөлөх улуустара, Дьокуускай уонна ХИФУ бэрэстэбиитэллэрдээх хамаанда ылла. Форум сабыллыытыгар атын регионнар бэрэстэбиитэллэрэ Саха сирин норуоттарын Ассамблеятыттан наҕараадалары туттулар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
✨ Атмосфера защиты проектов «Росмолодёжь.Гранты» на IV Николаевском форуме Именно здесь, в эти минуты, решалась судьба молодёжных инициатив: кто-то впервые защищал свою идею перед экспертами, а кто-то уже уверенно отвечал на вопросы и отстаивал каждую деталь проекта. Смотрите видео — и почувствуйте эту атмосферу вместе с нами.Организаторами форума являются Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия), Молодежный парламент при Государственном Собрании (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия), Правительство Республики Саха (Якутия). Форум проходит при партнерской поддержке «Нордголд», «Иркутской нефтяной компании» «Саханефть» и «Целевого фонда будущих поколений Республики Саха (Якутия)». Грантовым партнёром Форума является «Росмолодежь.Гранты». Подписывайтесь на нас в МАКС / ТЕЛЕГРАМ / ВКОНТАКТЕ #Росмолодежь #Росмолодежь.Гранты Текст: Арсений Иванов @molparlament_sakha
🤼♂️ Айаал Белолюбский Азия оонньууларыгар боруонса мэтээл иһин киирсиэҕэ Боруонса мэтээл иһин киирсиигэ саха тустууга Ямато Огаваны (Дьоппуон) кытта көбүөргэ тахсыаҕа. Бу иннинэ Айаал казах бөҕөһүн 6:0 ахсаанынан хоппута. Боруонса мэтээл иһин киирсиилэр олохтоох бириэмэнэн 18:00 чаастан саҕаланаллар. Иһитиннэрии, хаартыска: «Триумф» @sakhasporttv