НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.9%679 avg views
Posting 21.8/day last 19 minutes ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

✅IV Николаевский форум 100-тэн тахса эдэр исписэлииһи түмтэ Аан бастакытын регионнар икки ардыларынааҕы статустаах ыытыллыбыт IV Николаевском форумҥа Саха сириттэн 100-тэн тахса эдэр исписэлиис, Магаданскай уонна Камчатскай уобаластартан, Карелияттан, Москваттан бэрэстэбиитэллэр кыттыыны ыллылар. СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев сырдык аатыгар анаммыт форум Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр балаҕан ыйын 30 күнүттэн алтынньы 2 күнүгэр диэри ыытылынна. Үс күн устата кыттааччылар технологическай тутулуга суох буолуу, экономика сайдыытын, межкультурнай сыһыан, каадыр, социальнай бырайыактааһын боппуруостарын дьүүллэстилэр. Куонкурус түмүгүнэн «Росмолодёжь.Гранты» өйөбүлүн түөрт бырайыак ылла. Нина Егорова «Цифровая геохроника АлСиба» бырайыагы билиһиннэрдэ, Анастасия Аммосова — «Старт. Марха» эдэр исписэлиистэр форумнара, Вера Дьячковская — «Голос Вилюйска» устудьуон коммуникациятын ааҕыныстыбата, Анна-Мария Дьячковская — проект медиаволонтёров МЦ «Патриот». Форум сүрүн бирииһин Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Ньурба, Бүлүү бөлөх улуустара, Дьокуускай уонна ХИФУ бэрэстэбиитэллэрдээх хамаанда ылла. Форум сабыллыытыгар атын регионнар бэрэстэбиитэллэрэ Саха сирин норуоттарын Ассамблеятыттан наҕараадалары туттулар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

05001K3 Oct 07:5610 Nov 22:069343 Oct 07:56: 0 views10 Nov 22:06: 934 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
3 Oct 2026, 07:560
10 Nov 2026, 22:06934

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.