🤼♂️ Айаал Белолюбский Азия оонньууларыгар боруонса мэтээл иһин киирсиэҕэ Боруонса мэтээл иһин киирсиигэ саха тустууга Ямато Огаваны (Дьоппуон) кытта көбүөргэ тахсыаҕа. Бу иннинэ Айаал казах бөҕөһүн 6:0 ахсаанынан хоппута. Боруонса мэтээл иһин киирсиилэр олохтоох бириэмэнэн 18:00 чаастан саҕаланаллар. Иһитиннэрии, хаартыска: «Триумф» @sakhasporttv